Сибэкки Дуунньа сүбэлиир: Розаны аһынымаҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биһиги мындыр сүбэһиппит Евдокия Гаврильева – Сибэкки Дуунньа ааспыт сырыыга сайыҥҥы сибэккилэри хаһан арассаадалыыры кэпсээбитэ, бүгүн кыстата ууруллубут роза сибэккини көрүүгэ сүбэлиир.

edersaas.ru


Сайын устата үүннэрбит роза сибэккибитин күһүн 20-25 сантиметрдаах умнаһы эрэ хаалларан итиэннэ эмтээн баран, дьиэҕэ киллэрэн, сөрүүн сиргэ (умуһахха, харааска) уурбуппут. Дьэ билигин кинилэргэ хараҕы хатыыр кэм буолла. Умуһахтан таһаарыҥ итиэннэ сыныйан көрүҥ. Өскөтүн туох эмит сэбирдэх, лабаа аһары үүнээри гыммыт буоллаҕына, кыптыыйынан сарбыйан кэбиһиҥ. Тоҕо диэтэххэ, бүөрэ аһыллыан иннинэ ордук-хос лабаатын ылбатахха, харыстаабыта биитэр аһыммыта буолан көҕүрэппэтэххэ, роза сайын бэрт аҕыйах сибэккинэн муҥурданыаҕа.

Биир нэдиэлэ буолан баран, өтүөнэни (тилээни) утары эминэн ыстаран биэриҥ. Онтон уонча хонон баран, «ыарыыны утары» диэн суруктаах эминэн ыстарыҥ. Холобур, мин наар «Интавиры» уонна «Фитоспорины» сөбүлээн туттабын. Маннык дьаһайдахха, розаҕыт туох да ыарыыга ылларыа суоҕа. Саас күп-күөх уонна чэгиэн-чэбдик үнүгэстэр, лабаалар тахсыахтара, силигилии үүнүөхтэрэ. Винограды эмиэ маннык дьаһайыллар.

Раиса СИБИРЯКОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0