Сибэкки Дуунньа: cотору сибэккилэр уһуктуохтара

Ааптар: 
13.03.2019
Бөлөххө киир:

Евдокия Гаврильева, дьон-сэргэ ытыктаан ааттыылларынан, Сибэкки Дьуунньа, күнэ сибэккилэриттэн саҕаланар.

edersaas.ru


Бастаан дьиэтин иһинээҕи сибэккилэрин көрөр, онтон оранжереятыгар тахсан, онно кыстатан турар үүнээйилэрин хас биирдиилэрин сыныйан көрөр, кэпсэтэр-ипсэтэр. Кини идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Саха судаарыстыбаннай университетын 1981 с. бүтэриэҕиттэн, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Нам орто оскуолатыгар сүүрбэччэ сыл устата оҕо аймах кутун тутан таһаарыылаахтык учууталлаабыта. Өссө да уһуннук айа-тута үлэлиэҕин ыарахан ыарыы мэһэйдээбитэ. Таптыыр үлэтиттэн уурайан, дьиэтигэр олорорго күһэллибитэ. Оччолорго улахан кыыһа Санкт-Петербурга устудьуоннуура, икки кырата оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Кинилэри атахтарыгар туруорар туһугар туох эмит дьарыгы булуохха наада этэ. Ол иһин, Евдокия Степановна бастаан “Мэри Кей” фирма бородууксуйаларын батарыынан дьа­рыктаммыта, кэлин күөх үүнээйигэ, сибэккигэ ылсарга санаммыта.
Сибэккини үүннэрэрин уруккуттан сөбүлүүрэ, оскуолаҕа үлэлиирин саҕана кини кэбиниэтэ саамай элбэх сибэккилээҕинэн биллэрэ. Араас улахан мунньахтарга эбэтэр үөрүүлээх дьоро киэһэлэргэ нуучча тылын уонна литературатын кэбиниэтин сибэккилэрин илдьэн сааланы киэргэтэллэрэ.

Саҕалааһын

— Инбэлииттэргэ босхо бырайыас көрүллэрин туһанан, кэргэмминиин Санкт-Петербурга баран кыыспытын көрсүбүппүт, — диэн кэпсиир Евдокия Степановна. — Куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн дьаарбайбыппыт, сибэкки маҕаһыыныгар киирэн тахсыбыппыт. Ол сылдьан кэргэним: ”Доҕоор, эн сибэккини сөбүлээн уонна сүрдээҕин табан үүннэрэр киһи сибэккинэн дьарыктаныаххын сөп эбит ээ”, — диэбитэ. Онуоха биһигини “Жигули” массыынатынан илдьэ сылдьар, онно олорор биир дойдулаахпыт Семен Пухов сэҥээрэ түспүтэ, силигин ситэрэн, сибэкки ыытыах буолбута. Биһиги манна кэлэн, кыра хос куортамнаспыппыт. Ити икки ардыгар олунньу ый бүтүүтэ буолбута. Сибэккибит кэлбитин туһунан истэммит, Дьокуускай аэропордугар киирэн ыллыбыт. Сэмэн сибэккилэри дьааһыкка биир биир дьаптайан, суулаан ыыппыт. Ону, били, арендаласпыт сып-сылаас дьиэбитигэр аҕаламмыт, сөптөөх иһити булбакка, ол-бу тааска ууран кэбистибит уонна үөрэ-көтө дьиэлээтибит. Сарсыныгар кэлбиппит, били барахсаттарбыт бары хоҥкуһан хаалаахтаабыттар. Ол курдук, сибэккибит үксэ өлөн хаалбыта. Мин оччолорго кыһыҥҥы сибэккилэринэн уонна оҕуруотунан эрэ дьарыктанарым. Букет буолар сибэккилэри (тюльпаннары, розалары, гвоздикалары, хризантемалары, гербералары уо.д.а.) көрүү-истии хайдаҕын букатын билбэт этим. Холобур, саҥа кэлбит сибэккини аллараа өттүн быһан уурары итиэннэ сөрүүн сиргэ тутары билбэккэбин, ол өлөрөн кэбистэҕим дии.

Күрэстэһээччи курдук көрөллөрө

Куоракка сибэкки маҕаһыыннарыгар киирэн сүбэлэтээри, ону-маны ыйытан көрдөхпүнэ, төрүт кэпсэппэттэр, хата, үөҕэ сыһан таһаараллар. Күрэстэһээччи курдук көрөр буоллахтара. Инньэ гынан, бэйэм алҕастарбыттан түмүк оҥостон, бу ааспыт уонча сыл тухары сибэккинэн дьарыгыран кэллим. Кыһыҥҥыны бэйэм үүннэрэбин, дьөрбө оҥоһуллар сибэккилэри сакаастаан ылабын. Тыыннаах сибэкки диэн сүрдээх уйан. Сакаастаабыккын син суулаан ыыталлар эрээри, син биир онтон төһөтө эрэ буорту буолан кэлэр. Сөмөлүөккэ таһаҕаһы киллэрии-таһаарыы бириэмэни эрэйэрэ өйдөнөр, ону таһынан алта-сэттэ чаастаах уһун көтүүгэ тымныы сиргэ ууруллан хаалыан эмиэ сөп. Дьиҥинэн, соҕуруу сибэкки атыылаһыллар сыаната чэпчэки эрээри, айаннаан кэлэрэ боростуой табаардааҕар быдан ыарахан.
Манна, Намҥа, өссө оскуолаҕа үлэлии сылдьан, сэлиэнньэни көҕөрдүүгэ үлэлэспитим. Инньэ гынан, сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы сибэккилэри дьон үчүгэйдик билэр, саас-сайын сибэкки бөҕөтүн атастаһар да, атыылыыр да үгэстээхпит. Оттон букеттары дьэ, бастаан бэрт эрэйинэн ылаллара. Билигин үөрэннилэр. Саҥа оҕоломмут ийэ төрүүр дьиэттэн тахсыыта, үбүлүөйдэр, наҕараадалааһыннар, атын да араас дьоро күннэр тыыннаах сибэккитэ суох ыытыллыбат буоллулар.

Намҥа виноград үүнэр

Уон биир миэтэрэ усталаах, биэс миэтэрэ кэтиттээх оранжерея акылаата буруус маһынан, эркинэ уонна үрдэ поликарбонатынан оҥоһуллубут, ону таһынан уу итиэннэ оһох турарыгар анаан дьоҕус дьиэлээх. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга манна сөбүгэр сылаас. Икки кэтит кирээдэнэн араас үүнээйилэр, хаһаайка этэринэн, уту­йан тураллар. Туох суоҕуй? Хаһан даҕаны харахтаабатах араас сибэккилэрим таһынан сэбирдэхтэрэ түһүтэлээн, умнастара эрэ ордубут үүнээйилэр бааллар, омос көрдөххө хаптаҕас угун санаталлар. Ыйыппытым, виноградтар үһү. Ыкса күһүн бүтэһик аһын биэрэн баран, билигин сынньанан тураллар эбит.
— Билигин сибэкки улахан көрүүнү эрэйбэт, — диир Евдокия Степановна. — Онон иллэҥсийэммин улуустар көрдөһүүлэринэн, сибэккини үүннэриигэ үөрэх ыытабын. Ааспыт ыйга илин эҥээр улуустарга сырыттым, кэлэр нэдиэлэттэн Горнайынан Бүлүү диэки барыам. Хаһаайкалар оҕуруот аһын, сибэккини, ордук розалары уонна дьэдьэни, винограды үүннэриини олус интэриэһиргииллэр, олордуохтарын олус баҕараллар. Бу быйыл «Определитель лекарственных растений Якутии» кинигэни булан, бэркэ сэҥээрдим, күөх үүнээйигэ идэтийэр дьоҥҥо олус туһалаах кинигэ эбит.

Евдокия сүбэлэрэ:

Кыһыҥыҥы сибэккилэри көрүү-истии
* Хайа да бэйэлээх сибэкки кыһын сынньанар, утуйар. Ол иһин ууну элбэҕи кутуллубат, элбэхтик аһатыллыбат, мээнэ көһөрүллүбэт, сыҕарытыллыбат. Сорох сибэккилэр хамсатары төрүт сөбүлээбэттэр. Алҕаска да миэстэлэриттэн сыҕарыттахха, сибэккилэрин уонна бутуоннарын түһэрэн кэбиһэллэр.
* Эбии аһатыы олунньу ортотуттан саҕаланар. Ити кэмҥэ сибэкки бутуон биэрээри эрдэттэн бэлэмнэнэр. Мин “НВ-101” диэн оттон-мастан оҥоһуллубут Япония препаратын ордоробун. Бу препарат сибэкки үүнэр көҕүн үрдэтэр, онон арассаада сиэмэтин сытыара түһэн ылыахха сөп.
* Култуура көрүҥүн ахсын анал аһылык баар. Холобур, розаларга, бегонияларга эбэтэр сэбирдэхтээх декоративнай үүнээйилэргэ (кала­теяҕа, диффенбахияҕа, драценаҕа, шефлераҕа) диэн.
* Киһи хараҕар нэһиилэ көстөр, кырдаайы­тааҕар да кыра үөн сибэккигэ ууну үөһэттэн кутартан үөскүүр. Итинник үөн үөскээбэтин наадатыгар, ууну поддоҥҥа (хос түгэххэ) кутуллар. Оччотугар ууну иһээри силис үүнэр-сайдар, үүнээйи наада­лаах сиигинэн хааччыллар, оттон үөһэ өттө кураанах буолан, сиик үөнэ ыспат.

Луукайкалаахтар сотору тахсаллар
Балаҕан ыйын бүтүүтэ түөрэн киллэрэн сөрүүн умуһахха кыстата ууруллубут төрдүлэригэр луукайкалаах сибэккилэр (роза, гортензия, канна, клематис, Кыыс винограда, лилия, лелейник, пион, мастыҥы флокса, пиларгония, бегония) сылааска тахсаллара билигин арыый эрдэ.
Мин ити үүнээйилэрбин бу ый ортотуттан та­­һааран, оранжереябар ууруоҕум. Кыһын устата тахсыбыт хачаайы үнүгэстэрин быһыам-отуом, уу кутуутун саҕалыам. Таһырдьа олохтоох сиригэр хаһыҥ куттала ааспытын кэннэ, бэс ыйын 10 күнүн кэнниттэн, таһааран олордуом.

“Уһуктубаты” уһугуннарыы
Билигин маҕаһыыҥҥа луукайкалаах сибэкки арааһа баар. Олору атыылаһан аҕаллахха, туох ханнык иннинэ эмтиир ирдэнэр. Онуоха алоэ сүмэһинэ, “НВ-101” препарат эбэтэр туох да суох түбэлтэтигэр марганцовка барсар. Голландецтар уһун кыһыннаах дойдуга уһуннук утуйдун диэн, сибэккини эминэн дэлби ыстаран баран ыыталлара (ордук бегония) дэбигис «уһукта» охсубат идэлээх.
Ону мин «Фитоспориҥҥа» эбэтэр алоэ симэһинигэр уган «уһугуннарабын». Сүрүннээн алоэны сөбүлээн туттабын, кини үүнээйини эмтиир уонна үүнэр уоҕун күүһүрдэр дьиктилээх. Алоэ сибэкки кыра лоскуйун кыһыйан ылан, блендеринэн ныһы­йабын итиэннэ биир чаайынай ньуоска төбөтүнэн симэһини биир лиитирэ ууга суурайан, луукайкалары төһө батаралларынан уган, икки-үс чаас устата сытыарабын. Салгыы салапаан үрдүгэр алоэ симэһинигэр муоҕу сиигирдэн тэлгэтэбин уонна онно бегониябын олордон, тыын киирбэт-тахсыбат гына ыга сабан, түннүккэ уурабын. Уонча хонукка туран, дьэ, уһуктар. Ону ылан олордобун.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0