Сибэкки дьөрбөтүн ылабын дуу, букеты дуу? Кулун тутар 8 күнүн көрсө сүбэлэр

05.03.2017
Бөлөххө киир:

Сандал сааһы аан дойдутааҕы дьахтар күнэ аҕалар диэтэхпитинэ, арааһа, сыыспаппыт буолуо. Эр дьон тапталлаах кэрэ аҥардарбытыгар сибэкки дьөрбөтүн утары уунар күммүт бу тирээн кэллэ. Эстрада артыыстара, салайааччылар уонна дьокутааттар ханнык сибэккини бэлэхтиир эбиттэрий? Ыйыталастыбыт. 

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ырыаһыт Виталий Очиров: “Дьиэ иһигэр үүнэр иһиттээх сибэккилэри бэлэхтиирбин сөбүлүүбүн”.

Сахамин Афанасьев, СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ: “Сыл аайы уларытан роза, лилия уонна тюльпан бэлэхтээччибин”.

Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы: “Роза уонна тюльпан бэлэхтиибин”.

Юрий Окоемов, “АЛРОСА” АК вице-президенэ: “Роза сибэккини”.

Эрхаан, эстрада ырыаһыта: “Өрүү гвоздиканы бэлэх уунабын”.

Владимир Аммосов, Дьокуускай думатын дьокутаата: “Куруук розаны сибэккини бэлэхтиибин”.

Айхал Габышев, “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” бэйэни салайынар тэрилтэ салайааччыта: “Кыһыл розаны бэлэхтиибин”.

Александр Романов, Ил Түмэн дьокутаата: “Сыл аайы атын-атын уонна уһуннук өлбөккө турар сибэккини бэлэхтиибин”.

Көрөрбүт курдук, ыйыппыт дьоммут үксүлэрэ роза уонна тюльпан сибэккилэри талбыттар. Роза сибэкки барахсан былыр былыргыттан хайа да түгэҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар эбит.

Бырааһынньыкка, үбүлүөйгэ, урууга, үөрүүлээх араас тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа сибэкки бэлэхтиибит. Сибэкки атыытын туһунан кыратык кэпсиир буоллахха, маннык. Сибэккини атыылааһын эмиэ туспа эйгэлээх ырыынак буолар. Дьокуускай куоракка сибэкки арааһын анал салоннар уонна «Крытай» ырыынакка атыылыыллар. Куорат олохтооҕо үксэ, атаҕа бара үөрэммиччэ, «Крытай» ырыынакка тиийэр.

Сибэкки «муодата»

Ханнык сибэкки ордук атыыга барара-барбата «муодаттан» тутулуктаах эбит. Таҥас-сап муодатын курдук сибэкки «муодата» эмиэ уларыйар-тэлэрийэр эбит. Холобур, былырыын саас ранункулюс сибэкки «былааһы ылбыт» буоллаҕына, былырыын сайын пион сибэкки муодата ааспыт эбит. Бу туһунан үгүс эр дьон түүлбүтүгэр да баттаппат буолуохтаахпыт.
Дьиҥэр, фантазияны кыратык киллэрэн, букет оҥорторор быдан ордук. Ханнык баҕарар салоҥҥа тиийдэххэ, флорист кыргыттар (араас сибэккинэн букет оҥорооччулар) барахсаттар үөрэ-көтө араас дьэрэкээн букеты оҥоруохтарын сөп. Ол курдук, роза сибэккигэ гортензияны, пионы, гербераны дьүөрэлээн, онно эбии араас дьэрэкээн отторунан симээн, араас дизайннаах букеттары оҥоруу быдан кэрэ буолан көстөр. Биллэн турар, маннык букеттар биир дьөрбө сибэкки сыанатын хас да төгүл куоһараллар.

Сыана араастаһыыта

Сибэкки сыаната «Крытай» ырыынакка уонна салоннарга араас-араас. Салоннар киэннэрэ арыый удамыр буолар эбит. Холобур, «Строительнай» ырыынакка мал-сал, уһанарга туһаныллар тэриллэр, тутуу матырыйаалларын сыаналара маҕаһыын киэнинээҕэр ыарахан. «Акватекс» кырааска 3 л бааҥката 950 солк атыыланар буоллаҕына, «Металл-торг» маҕаһыыҥҥа 800 солк. турар. Сибэкки сыаната оруобуна эмиэ итинник. Салоннарга роза сибэкки устууката 150-160 солк. саҕаланар буоллаҕына, ырыынакка 200-220 солк үөһэ атыыланар. Арай, үчүгэйэ диэн, ырыынакка түһэрсиэххэ сөп. Ону эмиэ сатыахха наада.
Сибэкки сыаната дьахтар күнүн иннинэ биллэрдик үрдүүр. Ону хайыыр да кыахпыт суох, ырыынак сокуона буоллаҕа.

Москваттан аҕалыы

Сибэкки атыылааччылар Москваттан кууһунан ылан, анал дьааһыктарга уган аҕалаллар. Хас да анал «туочукаттан» араас-араас сибэккини ылаллар. Москваҕа сыана эмиэ араас-араас. Холобур, роза сыаната 45-тэн 50 солк. диэри халбаҥныыр. Устуукатынан төһөнү ылалларын атыылаһааччылар бэйэлэрэ быһаараллар. Аны туран, аҕалтарыыта эмиэ туспа төлөнөр. Анал дьааһыкка 350 устуука сибэкки дьөрбөтө киирэр, уопсай ыйааһына 25 киилэҕэ тиийэр. Биир киилэни сайыҥҥы кэмҥэ аҕалтарыы сыаната, ортотунан, 140 солк тэҥнэһэр. Ол аата биир дьааһыгы аҕалыыга 3500 солк. төлөнөр. Кыһын тарыып икки төгүл үрдээн, дьааһык Москваттан көтөн кэлэр төлөбүрэ 6000-тан 7000 солк диэри халбаҥныыр.

Виктория Готовцева, «Ботаника» сибэкки салонун флориһа:
– Быйыл саас ханнык сибэкки муодата кэлэрэ өссө даҕаны биллэ илик. Билигин пион ордук хамаҕатык атыыга барар. Биллэн турар, кэрэ аҥардар бырааһынньыктарыгар роза, тюльпан былааһы ылаллар. Сибэккинэн араас букеттары оҥорор олус интэриэһинэй, бэйэтэ туспа умсугутуулаах.

Эрдэ сакаастыыр быдан ордук 

Үгүс эр киһи кулун тутар 8 күнүгэр сарсыардаттан сибэкки атыылаһа тахсар. Былырыын биир билэр киһим үс чаас кэриҥэ уочараттаан, тиритэн-хорутан атыыласпытын кэпсээбитэ. Биллэн турар, күнүгэр салоннарга, ырыынакка улуу уочарат үөскүүр, үтүрүһүү бөҕө буолар. Эр дьон уһун-унньуктаах уочаракка турарбытын адьас абааһы көрөбүт, онон букет оҥорторуох дьон ньиэрбэлэрэ тулуйбакка, сибэкки дьөрбөтүн атыылаһаат, таһырдьа ыстанар. Манна сүбэлиир буоллахха, бырааһынньык буолуон икки, үс күн иннинэ сакаастыахха сөп. Холобур, бырааһынньык күн уочараттыыр кэмҥэ эрдэ сакаастаабыттар дьэрэкээн букеты быһалыы ылан бараллар.
Эрдэ сакаастыыр үчүгэйэ элбэх. Флорист да ыксаабат, эн даҕаны ыксаабаккын. Төһө баҕарар ыйыталаһан, бэртээхэй букеты сакаастыахха сөп. Сорохтор эргэрэн хаалыа дииллэр. Оннук буолбатах. Сакааһы ылаат тута оҥорботтор. Кулун тутар 8 күнэ буолар түүнүгэр үксүн бэлэмнииллэр.

Чэ, ситигирдик! Кытаатыҥ! Кэрэ аҥардаргытыгар кэрэ сибэккини бэлэх уунуҥ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0