Штыров: «Дойдубут инникитэ – биһиги илиибитигэр»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Вячеслав ШТЫРОВ, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ:

— Кулун тутар 18 күнүгэр Россия Федерациятын бэрэсидьиэнин талыахпыт. Бу дьоһун суолталаах күн, тоҕо диэтэххэ, биһиги кэлэр алта сыл устатыгар бүтүн аан дойдуга Россия лидерин уонна дойдубут социальнай-экономическай сайдыытын тосхоллорун ыйар, олох таһымын тупсарыыга сүрүн боппуруостары быһаарар киһини бу күн талабыт.

Биһиги хайдах куоластыырбытыттан дойду, өрөспүүбүлүкэ ханнык хайысханан бараллара эрэ буолбакка, хас биирдиибит олоҕун суола хайа

диэки салаллара тутулуктаах. Онон, бу – сүҥкэн суолталаах быыбар. Биһиги бэйэбит дьиэ кэргэммит, тустаах үлэбит эрэ туһугар эппиэттиир буолбатахпыт, Ийэ дойдубут – Россия туһугар эппиэтинэһи эмиэ ылынабыт. Кэскилбитин бэйэбититтэн ураты ким даҕаны быһаарыа суоҕа, дьылҕабыт – бэйэбит илиибитигэр, ону бэйэбит эрэ быһаарыах тустаахпыт.

Быыбарга хас биирдии киһи куолаһа суолталаах, тоҕо диэтэххэ, дьон ордук итэҕэйэр уонна эрэнэр хандьыдаата кыайыаҕа. Бу биһиги бэйэбит талбыт лидербит буолуоҕа итиэннэ ол быһаарыыбыт туһугар эппиэтинэһи кинини кытары тэҥҥэ сүксүөхпүт.

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, 2018 сыл кулун тутар 18 күнүгэр тустаах быыбардыыр учаастактаргытыгар тиийэҥҥит, бэйэҕит гражданскай иэскитин толоруҥ диэн мин эһигини ыҥырабын. Биһиги бэйэбит дойдубут гражданнарабыт уонна кини кэскилин бары бииргэ сомоҕолоһон быһаарабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0