Сахалартан штанга курдук ыарахан спорт көрүҥэр бастакынан спорт маастара буолбут Михаил Скрябин быйыл маастар нуорматын толорбута кулун тутар ыйга 50, оттон ахсынньыга Михаил Михайлович бэйэтэ төрөөбүтэ 80 сылын туолаллар. Михаил Михайлович Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Моорук нэһилиэгэр 1937 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр, оройуонун хаһыатын кытта биир күн, күн сирин көрбүттэр. Онон эт саастыылар.
Мантан аллараа Михаил Михайлович бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Россия норуотун үөрэҕириитин туйгуна Ирина Михайловна Скрябина 1999 сыллаахха таһаартарбыт “Штангист Михаил Скрябин” диэн кинигэтиттэн ахтыылары билиһиннэриэхпин баҕарабын.
“Миша кыра сылдьан доруобуйатынан мөлтөх буолан, оскуолаҕа хойутаан киирбитэ. Хара маҥнайгыттан үчүгэйдик үөрэммитэ, үөрэҕэр кыһаллара, элбэхтик ааҕара. Кини көлүөнэтин оҕолоро, сэрии сылларын оҕолоро, холкуос үлэтигэр кыһыннары-сайыннары үлэлииллэрэ, үлэҕэ иитиллибиттэрэ. Миша доруобуйата мөлтөх буолан, спорду сэҥээрэн дьарыктанар буолан барбыта, күрэхтэһиилэргэ кыттан бастакы сэмэй кыайыылары ситиһэн, онтон сиэттэрэн спордунан күүскэ дьарыктанан барбыта. Кинини ким даҕаны спордунан дьаныардаахтык дьарыктанарга үөрэппэтэҕэ, оччотооҕу кэмҥэ анал үөрэхтээх тренердэр диэн олох даҕаны суохтара. Онон Миша кыра сылдьан ыарыһах буолан буолуо, спордунан дьарыктанарга эдэр сааһыттан олохтоохтук туруммута уонна олоҕун тухары ол дьарыгын биир да күн көтүппэтэҕэ. Итинник күүстээх санаалаах уонна туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн баран тэйэрэ. Сахалартан штангаҕа бастакы спорт маастара буолбута”, — диэн эдьиийэ Ирина Михайловна ахтар.
Университекка бииргэ үөрэммит, ыарахан ыйааһыннаах тустууктарга өрөспүүбүлүкэ сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, Сэбиэскэй Сойуус уонна Саха АССР спорка маастара Максим Николаевич Сибиряков: “Чиэппэр күүстээх диэн, 25 бууту көтөҕөр киһини ааттыыллар. Итинник дьон айылҕа сэдэх бэлэҕэ буолаллар. Мин Михаил Скрябини чиэппэр күүстээх киһи диэн бигэргэтиэхпин сөп. Бииргэ дьарыктанар буолан, кини былчыҥнарын элбэхтик тутан-хабан көрбүтүм. Сахаҕа олус суон, эриллэҕэс былчыҥнардааҕа, айылҕаттан айдарыылаах күүстээх этэ. Мин олох эдэр эрдэхпиттэн күүстээх дьон туһунан интэриэһиргиирим. Сураһарым. Ол курдук, аатырбыт Хабырылла Дэһээккин, Бараммат Байбал, Күүстээх Бообо уо.д.а. тустарынан интэриэһиргиирим. Мишаны уҥуоҕа кыратынан, биллэрбэтэх күүстээҕинэн Бараммат Байбалга маарыннатабын”, — диэн суруйар.
Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр ырыаһыт, спортсмен Аркадий Михайлович Алексеев маннык ахтар: “Майаҕа үөрэнэ сылдьан Мишалыын доҕордуу этибит, бииргэ эрчиллэрбит. Олус тапсан, элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт, ситиһиилэрбит даҕаны элбэх буолаллара. Кини хаһан да кими да хомотор гына саҥарбат этэ, сүрдээх сэмэй, үөрүнньэҥ дууһалааҕа. Оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитэ этэ. Спордунан хас да көрүҥүнэн олох умсугуйан туран дьарыктанара. Университекка үөрэнэ сылдьан, сотору буолаат, сахалартан штангаҕа ССРС спордун бастакы маастара буолбута”.
Кинигэҕэ, сахалартан бастакы академик Владимир Петрович Ларионов, кини кэргэнэ, Россия үтүөлээх бырааһа Люция Спиридоновна – Мишалыын Майа орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэрин иһирэхтик ахталлар. Михаилы спорка уһуйбут СГУ физическэй култуураҕа кафедратын доцена Леонид Николаевич Кычкин, ити кафедра старшай преподавателэ Валерий Пантелеймонович Кочнев, СГУ профессора Николай Калинович Шамаев, өрөспүүбүлүкэ биир биллэр штангиһа, СГТХА профессора, учуонай Геннадий Сердцев уонна Миша үөлээннээхтэрэ, бииргэ үөрэммиттэрэ кини киһи быһыытынан сэмэйин, эрэллээх доҕор буоларын, күүһүн-уоҕун сөҕө-махтайа ахталлар.
Михаил доҕоро, биллэр штангист Ян Петров, биирдэ мас тардыһыытыгар 65 киилэлээх Миша 100 кг ыйааһыннаах Ксенофонтов Володяны үстэ тардыһан – үһүөннэригэр кыайан, чахчы кыахтааҕын көрдөрбүтүн, оттон Филипп Стручков холкуоска үлэлии сылдьан, мас кэрдиитигэр Миша саппыкытын иһинэн, элбэх баҕайы сибиньиэс доруобунньугунан сирийиллэн тигиллибит кээнчэни күнү быһа кэтэ сылдьарын туһунан сөҕөн кэпсиир. Ол кээнчэлэрэ хастыы эмэ киилэлээх, ыарахан баҕайы эбиттэр. Итинник кини атахтарын былчыҥнарын эрчийэр эбит. Университекка бииргэ үөрэммит, кэлин үтүөлээх зоотехник буолбут Михей Оконешников, Миша биир кыыһы күлүгээннэртэн быыһаан хас даҕаны нуучча улахан уолаттарын охсуталаан, дөйүтэлээн кэбиспитин туһунан уонна да атын элбэх киһини интэриэһиргэтэр ахтыылар кинигэҕэ киирбиттэр.
Михаил Михайлович мин абаҕам уола, миигиттэн алта сыл аҕа этэ. Мин кинилэргэ сайын тиийэн сайылыырым. Суола үрэх үрдүгэр биһиэхэ анаан, алларааттан, үрэхтэн кумах таһан таһааран, ырааҕы ыстанар уонна үрдүгү көтөр буолбуппутун сөп-сөп бэрэбиэркэлиирэ. Биһиги күн аайы дьарык бөҕө, аллараа үрэххэ киирэн сөтүөлүү-сөтүөлүү.
Убайым маастар буоларын саҕана, тэлэбиисэр диэн сайда илигэ. Киинэҕэ устуу диэн киэҥник тарҕана илик кэмэ этэ. Онон кинилэр көлүөнэлэрин саҕанааҕы спорка ситиһиилэр хаһыаттарга эрэ суруллан хаалбыттар. Ол иһин сорох ситиһиилэр ырааҕынан ситэ сырдатыллыбатахтар.
Спорка таптал, спордунан утумнаахтык дьарыктаныы уонна үрдүк ситиһиилэргэ тиийии, туруоруммут сыалы дьулуурдаахтык элбэх үлэнэн ситиһии – ити барыта сахалартан бастакы ССРС спордун маастара Михаил Михайлович Скрябин ситиспит дьыалата эдэр спортсменнарга үтүө холобур буолар.
Степан СКРЯБИН, Майа бочуоттаах олохтооҕо, борокуратуура бэтэрээнэ.