Шимохин Өлүөнэ муостата тутуллара наадатын эттэ

19.10.2016
Бөлөххө киир:

   Өрөспүүбүлүкэ, Дьокуускай куорат  сайдыытыгар улахан оруолу ылыахтаах “Саха Сирин тимир суоллара АК” ААУо генеральнай дириэктэриттэн, РФ тырааныспарын Академиятын “Тырааныспар дуоктара” учуонай степеннээх, техническэй наука кандидата Василий Шимохинтан аҕыйах ыйытыыларбар эппиэттииригэр көрдөстүм.

Сыл түмүгэр 2,4 млрд үп киириэ

  • IF
    IF

    Василий Владимирович, 2016 сыл бүтэрэ чугаһаата. Үлэҕит түмүктэрэ хайдах буолуой?

— Ааһан эрэр сылы куһаҕана суох көрдөрүүлэрдээх түмүктүөхпүт диэн былаанныыбыт. Ол курдук таһаҕаһы таһыы 4,3 мөл.туоннаҕа тиийиэ. 2015 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1,5 төгүл улаатыа, таһаҕаһы таһыы эргиирэ 479,4 мөл. тн. км эбэтэр ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 16 бырыһыан улаатыа диэн сабаҕалыыбыт. “Колмар” хампаанньа хостообут чоҕо таһаҕаһы таһыы көрдөрүүтүн улаатыннарда. Маны таһынан быйыл Өлүөнэ уутун таһыма намыһаҕыттан “Арассыыйа тимир суоллара” ААУо  “Лена” станцияттан коммерческэй уонна тутуу матырыйаалларын “Саха сирэ тимир суоллара” АК станцияларыгар көһөрдө.

Сыл бүтүөр диэри  хампаанньабыт дьону таһыытын ахсаан 77 тыһ. киһиэхэ тиийиэ диэн былаанныыбыт. Пассажир эргиирин көрдөрүүтэ 35,1 тыһ. пасс. км. тиийиэҕэ диэн күүтэбит.

2016 сыл түмүгүнэн бары үлэлэртэн 2,4 млрд.солк суумалаах үп киириэҕэ, ол иһиттэн таһар үлэлэртэн 1,7 млрд.солкуобай сууманы ылыахпыт диэн күүтэбит. 2015 сыллааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ сүрүн үлэбититтэн үп -харчы киириитэ 21 бырыһыанынан улаатыаҕа.

Өлүөнэ муостата

  • Тимир ыллык муостанан Өлүөнэ өрүһү туоруурун туһунан тугу этиэҥ этэй?
  • Муоста туһунан. Беркакит – Томмот — Дьокуускай тимир суол наада. Өлүөнэ уҥа кытылыгар өрүс пуордун тутардааҕар, муоста туппут быдан көдьүүстээх.

Оттон уопсайынан этэр буоллахха, Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа инники сайдыыта сүрүннээн Саха сирин соҕуруу өттүгэр 2020 сылга диэри бөдөҥ инвестиция киирэр бырайыактара ньиэп гаас комплексыгар, гаас-химия, чох бырамыысыланнаһыгар, тимири уһаарыыга, үрдүк күүрүүлээх уоту биэриигэ хайдах тэтиминэн олоххо киллэриллэриттэн улахан тутулуктаах.

Биһиги сүрүн сорукпутунан таһыы үлэлэрин кээмэйин үрдэтэр сыалтан тимир суол инфракструктуратын бэлэмнээһин буолар. 2015 сыллаахха “Чульбасс” станцияттан “Инагли” чох хостонор комплексыгар диэри тимир суол тутан үлэҕэ киллэрэн “ОФ ГОК “Инаглинский” станцияттан чох тиэммит бастакы састаап  аттаммыта. 2016 сыл 8 ыйын түмүгүнэн Инагли чох хостонор сириттэн 1,5 мөл. туонна чох тиэллэн ыытылынна. 2020  сылга чоҕу таһыы үлэтин сылга 10 мөл. туоннаҕа тиэрдиэхпит.

“Тимир” комбинат “Таежный” тимир рудалаах сиригэр тиийэр тимир суол тутуутун бырайыагын докумуоннарын оҥоро сылдьар. 2020 сылга диэри сылга 2 мөл. туонна кээмэйдээх  руда таһыллыахтааҕын туһунан этэн тураллар.

“Кабактинское” САУо Кабактинскайдааҕы чох хостонор сиригэр тиэрдэр тимир суол ыллыгын бырайыагын оҥоруунан дьарыктанар. Сылга  2,5 мөл. туонна чох таһыллыахтаах. Дьэ, онон чугастааҕы 5 сылга таһаҕас таһыллыытын эбии кээмэйэ 7,5 мөл. туонна буолуоҕа.

   Пропаннаах тепловоз

— Саха сиригэр хостонор айылҕа гааһын тепловозтар мотуордарыгар туһаныы туһунан тугу этиэҥ этэй?

  — Билиҥҥи кэмҥэ тимир суол соһор састаабын уларыта тутууттан хампаанньа улахан көдьүүһү ылар. Сэлээркэ уматыгар ороскуоту аччатыахха наада. Үлэ оҥорон таһаарыыта 70 бырыһыан үрдүөхтээх, көрүү-истии, күннээҕи кыра өрөмүөн үлэлэригэр тохтоон туруу аччыахтаах. Көннөрү  тепловозтааҕар, гааһынан үлэлиир тэриллэр эрэллээхтэр, көрүүгэ-истиигэ, өрөмүөҥҥэ наадыйбаттар. Убатыллыбыт айылҕа гааһын сүрүн уматык быһыытынан аны туһанар буолуохпут. Маны олоххо киллэриигэ элбэх бырайыактары олоххо киллэрэргэ, ол иһигэр сэрэхтээх буолуу сокуоннарын учуоттааһын ирдэнэр.

Эдэр үлэһиттэр

Ханнык баҕарар үлэҕэ каадыр сүрүн оруолу ылар. Эһиэхэ хайдаҕый?

  • Хампаанньа тэриллиэҕиттэн (20-чэ сыл устата) специалистары бэлэмнээһиҥҥэ ураты болҕомтобутун уураммыт Уһук Илиҥҥи уонна Сибиирдээҕи суол үлэһиттэрин бэлэмниир Университеттары кытта ыкса сибээстэһэн үлэлиибит. Орто анал үөрэхтээх специалистары Хабаровскайдааҕы уонна Аллараа Бэстээххэ соторутааҕыта аһыллыбыт Тимир суол тырааныспарын техникумнара бэлэмнииллэр.

Бу үлэҕэ СӨ тырааныспарга, суол хаһаайыстыбатыгар уонна орто анал үөрэхтээһиҥҥэ, бэлэмнээһиҥҥэ, каадыры аттаран туруорууга миниистиэристибэлэрэ улаханнык көмөлөһөллөр.

Мин үлэҕэ ылар киһи быһыытынан, саҥа үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит оҕолор таһымнарын, сүктэриллибит эбээһинэстэригэр төһө түргэнник үөрэнэ охсон сатабыллаахтык үлэлээн баралларын, ирдэбиллэрбитигэр төһө сөп түбэһэллэригэр кыраҕытык кэтиибин.

Машинист дьиэтэ

Тимир суол үлэһиттэрин олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕый уонна чугастааҕы кэмнэргэ туох былааннар баалларый?

  • Биир сүрүн хайысхабытынан үлэһиттэрбитин олорор дьиэнэн хааччыйыы буолар. “Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамматыгар олоҕуран 2007-2009 сылларга хампаанньа бэйэтин үбүнэн Ленинскэй бөһүөлэгэр 12 , Лебединэйгэ 48 кыбартыыралаах олорор дьиэлэри туттубут. 2013 сыллаахха Алдаҥҥа 48 кыбартыыралаах, 2016 сылга эмиэ итинник дьиэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Мантан салгыы Аллараа Бэстээххэ олорор дьиэлэри тутан саҕалыахпыт.

“Балыктыырбын сөбүлүүбүн”

  • Алдан сирэ эйигин тугунан умсугутарый?
  • Алдан сирэ мин иккис дойдум буолла. Оройуон олоҕун уларытар, тупсарар баҕалаахпын. Оройуон Мунньаҕын дьокутаабын. Хомойуох иһин, иллэҥ кэм аҕыйах. Ол кэм көһүннэҕинэ балыктыыбын, бултуубун. Сахабыт сирин кэрэ айылҕатыгар тэҥнэһэр сир ханна да суох.

 

40 сыллааҕыта тепловоз хаһыытаабыта

40 сыл анараа өттүгэр 1976 сыллаахха Амур уобалаһын уонна Саха сирин кыраныыссатыгар бастакы тепловоз хаһыытаан тимир суол көлөтө Сахабыт сиригэр кэлбитин биллэрбитэ. Оччотооҕуга тутулла сылдьар Тында-Беркакит (220км) хайысхата Байкал-Амур магистралын туллубат тутааҕа этэ. Ол иһин үбүлээһинэ уонна тутуута олус түргэн тэтиминэн барбыта. 1977 сыллаахха бастакы поезд Беркакит станцияҕа кэлбитэ, онтон салгыы 1979 сыллаахха Нерюнгри  таас чоҕун тиэммит бастакы эшелон атаарыллыбыта. Мантан салгыы Дьокуускайга диэри тимир суол тутуу 1984 сыллаахха сэбиэскэй былаас эстэ илигинэ быһаарыллыбыта. Ол да буоллар бастакы түһүмэх Беркакит –Томмот икки арда 376 биэрэстэлээх суол быстах туһаныыга диэн ааттаан 20 сыл ааспытын кэнниттэн үлэҕэ киирбитэ. Ол кэнниттэн 2011 сыллаахха сэтинньи ый 15 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ оччотооҕу РФ Президенэ Дмитрий Медведев кыттыылаах“Көмүс сүһүөх “ тимир ыллык ууруллуутун үөрүүлээх күнэ буолбута.

Николай МЕСТНИКОВ, Алдан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0