Щепкин аатынан училище: “Манна бэл истиэнэлэр үөрэтэллэр»

Бөлөххө киир:

Арассыыйа Судаарыстыбаннай академическай Малай тыйаатырын иһинэн М.С.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищета (институт) – Москва кырдьаҕас театральнай оскуолата. Училище тэриллиитин историята 1809 сыл ахсынньы 28 күнүгэр император Александр I бигэргэппит Москватааҕы императорскай театральнай училищеттан саҕаланар.

Училище национальнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ бэйэтин ураты ньыматынан албан аатырар. 1950 сыллаахха саха оҕолорун бастакы устуудьуйатын иитэн таһаарыаҕыттан ыла, Арассыыйа уонна СНГ тыйаатырдарыгар национальнай каадырдары үөрэтэр училище кыһата 50-тан тахса национальнай устуудьуйаны бэлэмнээтэ.

Саха тыйаатырын историятыгар эргиллэн көрөр буоллахха, өссө ХХ үйэ 30-с сылларын саҥатыгар тыйаатыр уус-уран салалтата национальнай тыйаатырдарга үлэлиэхтээх артыыстары дойду театральнай үөрэҕин үрдүкү кыһаларыгар бэлэмнээһини саҕалаабыта.

1932 сыллаахха А.В.Луначарскай аатынан театральнай искусство Москватааҕы институтугар, 1940 сыллаахха А.Островскай аатынан Ленинградтааҕы театральнай институкка сахалар устуудьуйаларын арыйбыттара. Онтон 1950 сылтан ыла М.С.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищета национальнай театральнай искусствоны сайыннарыы дьыалатыгар эрэллээх бииргэ үлэлэһээччибитинэн буолар.

Билигин Саха тыйаатырыгар Щепкин училищетын бүтэрбит биэс көлүөнэ артыыстар үлэлииллэр. СӨ норуодунай артыыската, бастакы устуудьуйаны бүтэрбит Анна Кузьмина саха театральнай искусствотын историятыгар бастакынан “Кыһыл көмүс маасканы” 2014 сыллаахха ылбыта. Анна Ивановна үрдүк сценаттан маннык тыллары эппитэ:

Мин бүгүн олус дьоллоохпун уонна киэн туттабын. Мин айар үлэм олус үрдүк сыанабылы ылбытынан дьоллоохпун уонна улуу учууталлар Вера Пашеннаяҕа, Лидия Дейкуҥҥа, Ирина Полонскаяҕа үөрэммиппинэн киэн туттабын. Кинилэр 1950 сыллаахха биһигини – Малай тыйаатыр иһинэн Щепкин театральнай училищетыгар бастакы национальнай устуудьуйаны бэйэлэрин кынаттарын анныгар ылбыттара. Ол иһин, мин бүгүн манна, Театральнай болуоссакка дойду Улахан тыйаатырын сценатыгар, мин сүрэхпэр күндү Малай театрым таһыгар турабын. Биһиги күндү педагогтарбытыгар – театральнай искусство улуу маастардарыгар биэс устуудьуйаны бүтэрбит артыыстар ааттарыттан улахан сүгүрүйүүбүтүн уонна сөҕүмэр махталбытын тириэрдэбит!”

Биһиги күндү Анна Ивановнабыт олус үөрэн өрө көтөҕүллэн туран эппит тыллара Щепкины бүтэрбиттэр эрэ буолбакка, бары артыыстар сүрэхтэригэр өргө диэри хаалыаҕа. Артыыс киһиэхэ учуутала, сүбэһитэ – кинини итэҕэйэн бэйэтин эйгэтигэр, Тыйаатыр эйгэтигэр киллэрбит сибэтиэй киһи.

Быйыл саха устуудьуйата аһыллыаҕа

Билигин Саха сиринээҕи идэлээх театральнай искусство сайдыы саҥа эргииригэр сылдьар. Саҥа каадырдар, саҥа ааттар наадалар. Биһиги үгэстэри, көлүөнэлэр утумнаһыыларын кэспэккэ эрэ, 17 сыл буолан баран (бэһис устуудьуйа 2002 сыллаахха бүтэрбитэ), Щепкин училищетын кытары сибээспитин чөлүгэр түһэриэхпитин баҕарабыт.

Былаан быһыытынан, быйыл саха алтыс устуудьуйатыгар ыччаттары хомуйуохпут. Онон, училище профессордара, преподавателлара: СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Татьяна Аносовалыын, Арассыыйа норуодунай артыыската Тамара Лякиналыын уонна СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Лариса Максимовалыын көрүстүбүт. Онтон саха устуудьуйатын уус-уран салайааччытынан Арассыыйа норуодунай артыыһа, профессор Борис Клюев буолуоҕа. Борис Владимирович бэйэтин кэмигэр 1974 сыллаахха бүтэрбит устуудьуйа ыччаттарын үөрэппитэ.

Ытыктабыллаах дьоммут үөрэххэ киириэхтээх оҕолорго баҕа санааларын тириэртилэр:

Татьяна Николаевна, артыыс маастарыстыбатын кафедратын преподаватела:  

Биллэн турар, бары куонкуруһу ааһыахтара, прозаттан быһа тардыылары, хоһооннору, баснялары ааҕыахтара. Прозаттан — Толстой, Гоголь, Чехов, Абрамов, Шукшин, Айтматов, лирикаттан Пушкин, Лермонтов, Баратынскай, Маяковскай, Евтушенко, Цветаева айымньыларын ылыаххытын сөп. Баснялары булгуччу үөрэтиҥ. Норуодунай уонна аныгы ырыалары ыллыыргытыгар көрдөһүөхпүт. Ырыа кэрэ тэтимнээх буолуохтаах. Уопут көрдөрөрүнэн, эдэр дьон артыыс идэтин туһунан кэнэн соҕус өйдөбүллээхтэр. Оннук буолбатах. Бу идэ олус уустук. Үөрэххэ киирбиттэр сарсыарда 9 чаастан киэһээҥҥэ диэри дьарыктаналларын умнумаҥ.

Тамара Лякина, артыыс маастарыстыбатын кафедратын преподаватела:  

Артыыс идэтэ суох сатаан олоруо суох буоллаххына эрэ, бу идэҕэ үөрэнэ барыахха наада. Манна киирдэххитинэ, итини өйдүөххүт. Эн тус бэйэҕэр олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар биир да институт суох. Ол эбэтэр, эн хайдах хаамаргар, хамсанаргар, саҥарарга болҕомто уураллар. Манна эн бэйэҕин сайыннарарга үлэлиигин. Бэйэни сайыннарыыга үлэлииргэ олоҕуҥ түөрт сылын биэрии — дьикти дьыала. Биһиги тугу билэрбитигэр эһигини үөрэтиэхпит.

Лариса Максимова, сценаҕа саҥарыы кафедратын преподаватела:

Сценаҕа саҥарыы предметэ уонна саха устуудьуйата мин дьылҕабар бэлиэ суолу хаалларбыттара. Мин, манна эдэр педагогунан кэлбит киһи, тута 1974 сыллаахха бүтэрбиттэр устуудьуйаларыгар түбэспитим. Кинилэр мин бастакы үөрэнээччилэрбинэн буолбуттара. Биһиэхэ устудьуоннаахтаах эдэр дьон ылбаҕай саха тылын илдьэ сылдьааччыларынан, тарҕатааччыларынан буолаҕыт. Онон прозаны да, хоһоону да эһигиттэн ордук ким да үчүгэйдик аахпатын курдук ааҕарга кыһаллыҥ.

Истиҥ ахтылҕаҥҥа куустардыбыт

Биһиги училище үөрэнэр куорпустарыгар хаамыстыбыт. Хаһан эрэ бу кырдьаҕас оскуола көрүдүөрдэрин устун Лазарь Сергучев, Александра Иванова, Симон Федотов, Мария Николаева, Ефим Степанов, Софья Баранова, Матрена Корнилова, Юрий Макаров, Таня Легантьева уонна Руслан Тараховский уо.д.а. дьарыктарыгар ыксаан сүүрбүттэрэ. Кинилэр бары нуучча тыйаатырын оскуолатын оҕолорунан буолаллар. Соҕуруу Корея устуудьуйатын үөрэтэр тыйаатырга киирэ сырыттыбыт, Клюев устуудьуйатыгар үөрэнэр билэр оҕолорбутун, “Мин доҕорум Гамлет” испэктээкил маассабай сценатыгар кыттар ыччаттары үөрэ-көтө көрүстүбүт.

Училище преподавателлара биһиги артыыстарбыт туһунан олус истиҥник кэпсээтилэр, кинилэри хас биирдиилэрин ааттарынан билэллэр уонна саҥа эдэр көлүөнэни тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэллэр. Ол гынан баран, кэккэ туоратыллыбатах кыһалҕалар бааллар. Ону туоруурга айар-тутар күүс эрэ буолбакка, былаас судаарыстыбаннай уорганнарын өттүттэн өйөбүл эрэйиллэр.

Лена ТИМОФЕЕВА, Надежда ЕГОРОВА,

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0