Схема-2020 бырайыактара олох хаачыстыбата тупсарыгар төһүү күүс буоллулар

Бөлөххө киир:

Схема-2020 элбэх бырайыага олоххо киирэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕо тупсарыгар  кыаҕы биэрдэ. Бу туһунан СӨ Экэниэмикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

edersaas.ru

Холобура, 2020 сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олох уһуна 71,1 сааска диэри тиийбит. Бу инновационнай сценарий 6,3%-нан үрдээбитин туоһулуур.

Ол эрээри, ааспыт сылга саҕаламмыт хамсык дьарыктаах буолууга улаханнык охсубут. 2018-2019 сылларга үлэтэ суох дьон көрдөрүүтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1,7% буоллахтарына, 2020 сылга 5,6% диэри улааппыт.

Онон, дьарыктаах буолууну үрдэтэр сыалтан, бу сыл төрдүс кыбартаалыгар диэри, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун 2019 cыллаах таһымҥа диэри таһаарыытын туһунан, СӨ Бырабыыталыстыбата 2021 сыл тохсунньу 30 күнүгэр ыйаах таһаарбыта.

Схема-2020  социальнай инфраструктура сайдыытыгар аналлаах 28 бырайыагы былааннаабытыттан, 17 бырайыак олоххо киирдэ. Бу былаан 61 %-на.

Үөрэх салаатыгар аҕыс бырайыактан биэс пуун оҥоһуллубут. Уопсайынан, 2008- 2020  сылларга  136 уопсай үөрэхтээһин эбийиэктэрэ үлэҕэ киирбиттэр. 23 951 үөрэх миэстэтэ арыллыбыт.

Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай харалта салааларыгар былааннаммыт 12 пуунтан тоҕуһа олоххо киирдэ (75%).

Култуура, успуорт, туризм салааларыгар үс улахан эбийиэк үлэҕэ киирбит. 6,8 мөлүйүөн кв миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ  тутулунна.

Бу манан сиэттэрдэххэ, Схема-2020 уопсай былаанын толордо. Сайдыы инновационнай сценарийа олоххо киирдэ.

СӨ Экэниэмикэтин пресс-сулууспата.  

Хаартыска sakha.gov

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0