Саха Өрөспүүбүлүкэтин Роспотребнадзора үөлүллүбүт эти (шашлыгы) оҥорорго эти талыы уонна астааһын быраабылаларын билиһиннэрэр.
Хайдах эти талабыт?
Үөлүллүбүт эккэ туһаныллар эт сибиэһэй уонна тымнытыллыбыт, арыый сымнаҕас буолара ордук. Эт үрдэ кураанах, килэркэй, кыратык кылабачыйар уонна биир тэҥ өҥнөөх буолуохтаах.
Эт толору кырбаһын ылан баран бэйэ араартыыра ордук. Онуоха кээмэйэ, көрүҥэ уонна ыйааһына биир буолуохтаах. Оччотугар тэҥник уонна биир кэмҥэ буһар.
Маҕаһыынтан маринуйдаммыт, үөлүллүбүт эти ылар буоллаххытына, тас көрүҥүн эрэ көрүмэҥ. Маркировкатын эмиэ үөрэтиҥ. Төһө кыалларынан, онно уопсай ыйааһыныттан ураты эт суорда эмиэ суруллуохтаах.
Эт састаабыгар консерваннарын көрүҥ – ол испииһэк саамай анныгар суруллар. Лимоннаах кислота буолара ордук. Кислота диацетат уонна натрий цитратын курдук, куртах салыҥнаах бүрүөтүгэр наһаа күүскэ дьайбат. Ону таһынан үөлүллүбүт эт састаабыгар фосфаттар суох буолуохтаахтар. Е450 диэн сурук (сииги тутар агент) баар буоллаҕына, атыылаһартан туттунуҥ.
Эт бородууктата хаһан бэлэмнэммит күнүн-дьылын сыныйан көрүҥ: маринад нэдиэлэттэн ордук кэм устата хараллыбатаҕа ордук. Оҥоһуллубут күнэ-дьыла эт суутугар сыһыарыллыахтаах. Онтон пластик биэдэрэлэргэ угуллубут үөлүллүбүт эти талар буоллаххытына, хаппаҕын бэрэбиэркэлээн көрүҥ. Хаппах үллүбүт буолбакка, кыратык да кэдэгэр буолуохтаах.
Бэлэмнээһин
Үөлүллүбүт эт маринадын оҥорорго дьиҥнээх ингредиеннары: луугу, тумалары, тууһу, уксууһу, чесногу туһаныҥ. Оливка арыыта, сытыы сыттаах оттор уонна араас соустар эмиэ барсаллар. Маринадка майонеһы уонна кетчубу кутуллубат. Үөлүллүбүт эти маринуйдаан баран туруоруу кэмэ биир сууккаттан ордубат.
Эти буһарыах эрэ иннинэ ыһаарылааҥ. Мангалга буһарыы араас сарааса толору суох буолуутун мэктиэлээбэт — бактыарыйалар 70-75 ° С эрэ өлөллөр.
Үөлүллүбүт эт – куртахха ыараханнык буһар аһылык. Онон курта5ы-оһоҕоһу эрдэ бэлэмниэххэ наада, ол эбэтэр аччык искэ сиэ суохтааххыт. Үөлүллүбүт эккэ араас оҕуруот аһа уонна күөх үүнээйилэр барсаллар. Клетчатка куртах үчүгэйдик буһарарыгар көмөлөһөр.
Надежда ЕГОРОВА «Саха сирэ» ха7ыат, edersaas.ru