Ыам ыйа үүннэ – айылҕаҕа тахсан сынньанар, саһарчы буспут эти үөлэн сиир үгэс кэмэ тиийэн кэллэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Шашлык – түҥ былыргы бүлүүдэ. Хаспахха олорор киһитийэн эрэр дьон уоту туттар буолуохтарыттан, эти үөлэн сииллэр. Кэлин буойуттар ыраах сэриигэ баралларыгар эттэрин укта сылдьаллара. Буорту буолбатын диэн, тирии мөһөөччүккэ арыгы кутан баран, онно угаллара. Онтон сынньалаҥҥа ыстыыкка үөлэн, уокка сырайаллара. Ол кэмтэн эти сымнатар, амтанын тупсарар маринады туттар буолбуттара.
Маринад диэн тугуй? Эти аһытар, сымнатар булкадаһык (уксуус, лимон сүмэһинэ, виноградтан оҥоһуллубут арыгы, аһыйбыт үүт, арыы уонна араас амтаннаах оттор). Оччоҕо эт сымныыр, амтана тупсар.
Эт сибиэһэй, сымнаҕас буоллаҕына, маринада да суох буһарыахха сөп.
Маринад араастара:
Саамай судургу маринад: эти кырбаммыт луугу, үүнээйи арыытын, тууһу, кытта булкуйан, 4-5 чаас сытыараллар.
Иккис көрүҥ: үүнээйи арыыта, уксуус, приправа, хартыыһа.
Үһүс көрүҥ: лимон (уксууһу солбуйар), үүнээйи арыыта, мята, орегано.
Төрдүс көрүҥ: саахара суох йогурт, чочунаах, куркума, гвоздика, кардамон уонна корица.
Бэһис көрүҥ (нууччалыы): квас, луук, мүөт.
Алтыс көрүҥ (кытайдыы): соевай тума, сухуой арыгы, имбиир, аһыы биэрэс, мүөт, чочунаах (чеснок).
Сэттис көрүҥ: кефир, луук, туус, биэрэс, кинза.
Ахсыс көҥүҥ: луук, биэрэс, томат сүмэһинэ.
Тохсус көрүҥ: луук, биэрэс, үрүҥ арыгы.
Маринад эти сабар буолуохтаах. Кээмэйин бэйэҕит көрөн кутаҕыт.
Сүмэлээх сүбэлэр
Маринады өстүөкүлэ, пластик, керамика иһиккэ оҥоһуллар. Тимир иһиккэ хос амтаннанар.
Маринадка уган баран, сөрүүҥҥэ, холодильникка туруоруллар.
Төһөнөн эт куһуога улахан да, соччонон маринадка өр турар.
Ананаһы, кивини, папайяны кытаанах эти сымнатарга туһаныахха сөп (2 эрэ чаас устата). Гаастаах минеральнай уу эти эмиэ сымнатар.
Сибиэһэй балыгы, муора бородуукталарын, кууруссаны 45 мүнүүтэттэн уһуннук маринадка туруорумаҥ, кислотаны туттумаҥ.
Уксууһу, кислотаны, лимону наһаа элбэҕи кутумаҥ. Эт сүмэһинин оборон ылыа, амтанын сүтэриэ. Эмиэ ити биричиинэнэн тууһу маринадка куппакка, кэлин туустуур ордук.
“Фруктовый, “Винный” диэн арыый сымнаҕас уксуустары туттар ордук. Куртахтара ыалдьар дьон уксуустаах эти сиэ суохтаахтар. Уксууһу лимон, гранат сүмэһиннэрэ, суорат, кефир, арыгы солбуйуохтарын сөп.
Чох оҥорорго аһыы сымалалаах харыйа, бэс мас барсыбат. Хатыҥ, тиит, талах барсыа. Чох уота, буруота суох эрээри, итиинэн сырайар буолуохтаах. Уоттаах буоллаҕына, түргэнник хоруорар. Уот умайаары гыннаҕына, уунан ибиирэн умулуннарыахха наада.
Эти быыһа-арыта суох гына, ыкса симтэххэ, сүмэһинин сүтэрбэт.
Бэйэҥ оҥорбут шашлыгыҥ быдан минньигэс уонна туһалаах! Минньигэстик аһааҥ!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru