“Айыы кыһатын” ийэтэ Лидия Шамаева

08.01.2018
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия бастакы кылааһыгар оҕолору Лидия Петровна ылар сылыгар, киниэхэ түбэһиэн баҕалаах хайдах курдук элбэҕин киһи сөҕөр эрэ этэ. Сорохтор, онуоха мин туоһубун,  чуолаан кини кылааһыгар биэрээри, оҕолорун оскуолаҕа хойутатан, ардыгар эрдэлээн да биэрэ сатыыллара… 

Олоҕу таптыыр киһини туох да хааччахтаабат!

“Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрэ, РФ үтүөлээх учуутала, “Арассыыйа бастыҥ учуутала”, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын ылары ситиспит чулуу педагог, “СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр туйгуна” бэлиэлээх,  учуобунньуктар ааптардара, “Норуот билиниитин ылбыт 10 учуутал” кинигэ дьоруойа, оттон гимназия үрдүнэн “Төрөппүт билиниитин ылбыт учуутал” куонкурус чаҕылхай кыайыылааҕа Лидия Петровна Шамаева – бүгүн биһиги ыалдьыппыт.

— Лидия Петровна, 90-с сылларга, оскуолаларга национальнай кэнсиэпсийэни киллэрии саҕаламмытыгар, оптуобуска, куорат устун да хаама сылдьан, төрөөбүт тылынан уу сахалыы саҥарар оҕолору  истэ-көрө үөрэр этибит. Оттон билигин, тоҕо эрэ, төттөрү түһүү баар курдук дуу, хайдаҕый? Эн санааҕар?…

— 90-с сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, дьиҥэр, биһиги куораппытыгар сахалыы оскуола балачча элбээтэ. Куорат 203 микрооройуонугар оскуолабыт саҥа дьиэтэ тутулла турар. Онон, үлэлииргэ усулуобуйа да син тэриллэр буолла. Оччолорго буоллаҕына, улугуруу кэнниттэн уһуктуу кэмэ этэ. Кэнсиэпсийэни ылыныы, төрөөбүт тылынан араас бырагыраамалары оҥостуу, сахалыы ырыа-тойук, олоҥхо, хомус  –  туох барыта көҥүл —  бу барыта үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү, сахаҕын  уһугуннарыы быһыытыгар-майгытыгар барара… Ити өттүнэн ыллахха, ордук үөрэх бырагырааматыгар, билигин туох эрэ хааччахтааһын, биир халыыпка киллэрэ сатааһын баар курдук… Ол гынан баран, туох барыта икки өрүттээҕин эмиэ билэбит —  билигин аны, оччотооҕу кэнсиэпсийэ оҕолоро, көҥүл санааҕа улааппыт дьон,  билигин бэйэлэрэ үөрэхтээх, үлэһит, үгүстэрэ бөдөҥ салайааччы буолан,  сокуону-быраабы билэн – санааларын көҥүл сайа этэр дьон, туруорсуулара даҕаны күүстээх. Биир киһи эмоциятынан буолбакка, быдан сааһыланан, дьыалабыайдык, сөптөөхтүк, сокуон хараҕынан көрөн туруорсаллар. Ол түмүгэр, куорат төрөппүттэрэ  түмсэн,  сахалыы оҕо тэрилтэлэрин, бөлөхтөрү, оскуолалары, кылаастары астардылар.  Олоҕум миигиттэн тутулуктаах диэн өйдөөбүт киһи чопчу сыал-сорук туруорунан, элбэҕи ситиһэр. Онон, оччотооҕу, 90-с сыллардааҕы кэм дьоҥҥо, төрөппүккэ үчүгэй өттүгэр уларыйыылары  киллэрдэ. Киһи бэйэтин санаатынан күүстээх. Мин ону итэҕэли кытта эмиэ ситимниибин. Бэйэтэ кута-сүрэ, өйө-санаата көҥүл, сыыһыам диэн куттаммат,  аһаҕас, олоҕу таптыыр, олохтон үөрэнэр буоллаҕына  – кинини туох да хааччахтаабат.

Бэйэ ыабыт үүтэ минньигэһин!

— “Сахаҕын уһугуннарыы…” диэн бэрт үчүгэйдик эттиҥ ээ. Үйэ чиэппэрэ национальнай гимназияҕа үлэлиир, 12 сыл устата “Айыы Кыһата” – атын ханна да суох, ураты оскуоланы салайан үлэлэтэр педагог, билэр буоллаҕыҥ —  оҕоҕо “сахатын уһугуннарыыга” өссө ханнык ньымалар баалларый?

— Ханнык баҕарар киһи хайа эрэ омук буолан төрүүр. Дьэ, киһи ол нөҥүө арыллыахтаах. Холобур, нуучча омук – нууччатын нөҥүө, эбээн омук – эбээнин нөҥүө, оттон саха – сахатын нөҥүө. Олоххо чаҕылхай холобурдар онуоха бааллар – мин нууччалыы тылынан уонна сахалыы тылынан саҥарар саха оҕолорун кэтээн көрөбүн. Оҕотун кытта алтыспат, бииргэ сылдьыбат,  үлэҕэ эрэ умса түһэн хаалбыт дьон оҕолоро, үксүгэр, тулалыыр эйгэ дьайыытынан, нууччалыыга охтоллор…. Оттон, дьиэтигэр дьонун кытта сахалыы көҥүл кэпсэтэр-ипсэтэр, төрөөбүт тылынан толкуйдуур, ыллыыр-туойар оҕо – бэйэтин толору дьоллоохтук сананар. Астына олорор, үөрэнэр. Истэр тухары дьиктиргииллэр дии – бас-көс дьоммут, салайааччыларбыт тоҕо эрэ бука бары тыа сириттэн тахсыбыт, тыа сиригэр улааппыт, сахалыы иитиллибит дьон, диэн.  Онон, мин бэйэм уопутум көрдөрөрүнэн, сахалыылара уһуктубут оҕолор олоххо ситиһиилээх буолаллар!

Киһини үлэ уонна ыарахаттары туоруур турук киһи оҥорор. Бэйэҥ ыабыт үүккүн иһэртэн, бэйэҥ илиигинэн хомуйбут моонньоҕоҥҥун амсайаргыттан ордук минньигэс ханна да суох! Киһи илиитинэн кэрэни оҥорорго үөрэниэхтээх. Куоракка, хомойуох иһин, оҕоҕо сөптөөх үлэтэ суох. Бу оҕо түөрт истиэнэҕэ көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ хатанан олорор…  Ол иһин биһиги оскуолабыт оҕолорун, төрөппүттэрбитин кытта сайын аайы Таатта Баайаҕатыгар, Мандар Ууска тиийэбит. Мандар биһиэхэ олоҕу көрүүтүн кэпсиир. Ол кэнниттэн уолаттар уһаналлар, кыргыттар иистэнэллэр.  Үөрэх диэн – эмиэ үлэ. “Айыы Кыһатын” сыала-соруга – үлэлииргэ үөрэтии. Үлэ үөрүүтүн билии – олоххо бэлэм буолуу! Иитии, үөрэтии – бу биир ситим.

Саха төрүт дьарыга баарын тухары…

— Оччотугар эрэ киһи омук быһыытынан баар! Холобур, эн сүөһү ииттэр буоллаххына – дьиэ кэргэниҥ биир сыаллаах-соруктаах, түмсүүлээх  буолар – киэһэ мустан кэпсэтэҕин, сүбэлэһэҕин, оккун-маскын быһаарсаҕын. Ол кэпсэтиигэр, үлэҕэр-хамнаскар, барытын көрө сылдьан, сыыйа оҕолоруҥ киирэн иһэллэр.

Быйыл биһиги Баайаҕаҕа туос ураһаны тигиигэ кыттыстыбыт…  Саха төрүт дьарыгар кыттыы – дьол!  “Айыы Кыһата” саха төрүт дьарыгар сылга 12 ыйы толору  туһанар. Сайын кэлиитэ оҕолорбут хонууга лууктууллар, айылҕаны үөрэтэллэр, онтон улууска тиийэн, нэһилиэктэр ыһыахтарыгар  кыттабыт, салгыы оҕолор кэрэ Сиинэ, Амма устун усталлар, хаамаллар, айылҕаны кэтээн көрөллөр, чинчийэллэр, кэлин научнай үлэлэри суруйаллар…  От үлэтигэр кыттыы, күһүөрү сир аһын хомуйуу буолар. Аҕалар сүбэлэрэ быйыл 10-с сылын оҕолору куйуурдатар, муҥхаҕа кытыннарар. Оҕолор бастакы булт үөрүүтүн билэллэр. Уолаттар сылгыһыттары кытта доҕордуулар, анаан-минээн тиийэн көмөлөһөллөр. Походтуубут, туристыыбыт – Бүлүү бөлөх улуустарынан сырыттыбыт, хоту Өймөкөөҥҥө  тиийэн, Өксөкүлээх Өлөксөй үрүҥнэри-кыһыллары эйэлэһиннэрээри Үс сэргэни туруорбутун көрдүбүт…  Улахан кылаастар  оҕолорун кытта этнограф, историк Гавриил Ксенофонтов 1925-1926 сылларга айаннаабыт   сирдэринэн – Хакасиянан,  Иркутскай уобалаһынан, Бурятиянан иккитэ экспедицияҕа сырыттыбыт. Бу тохсунньуга Г.В. Ксенофонтов төрөөбүтэ 130 сылынан, Иркутскайга үлэлээбит сиригэр, университетка мемориальнай бэлиэ ыйаттарар  баҕа санаалаахпыт. Сити курдук,  былааммыт элбэх, —  диир учуутал.

Олох дьоло

— Лидия Петровна, тус олоххор дьоллооххун?

— Бу олоххо туох даҕаны мээнэ буолбат. Оҕо кута дьону холбуур буоллаҕа… Биһиги Иван Иванович Шамаевтыын 28 сыл бииргэ олорбуппут. Кини миигин элбэххэ үөрэппитэ, онон, махтана эрэ саныыбын. Иван Иванович Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дириэктэрэ, дьокутаат, уопсастыбанньык —  түбүгэ-садьыга үгүс… Уопсайынан,   үрүҥ-хара, хараҥа-сырдык кэрчиктэр киһи олоҕун устата бааллар. Онтон босхолоно сатаабакка, баары-баарынан холкутук ылыныахтаах эбиккин. Ыарахаттар эйигин үөрэтэллэр. Холобур, сорох төрөппүт эмиэ бэйэтин туолбатах ыра санаатынан салайтаран, оҕотугар олус күүстээх ирдэбиллэри туруорар. Кыаллыбатаҕына – оҕо мөҕүллэр, кыыһырсыы, кыйаханыы тахсар. Дьиҥэр, оҕоҕун хайдах баарынан таптыахтааххын. Бэйэ-бэйэҕэ — кини миигин ылыныыта, мин кинини ылыныым олус ирдэбиллээх буоллаҕына, ол туолбатаҕына, тэйсии үөскүүр эбит… Ол гынан баран, мин кэмсиммэппин. Киһини турар бэйэтинэн ылынаҥҥын, суолталааҥҥын, таптааҥҥын, ол нөҥүө  үүнэр-сайдар эбиккин. Ол аата, кэргэҥҥин дуу, оҕоҕун дуу уларыта сатаабакка, бастаан бэйэҥ уларыйыахтаах эбиккин. Бу олоххо эн чугас дьонуҥ – ийэҥ-аҕаҥ, кэргэниҥ, оҕолоруҥ – эн учууталларыҥ. Онон, баары-баарынан, махтана ылыныахтааххын. Киһи дьоло — онно!

Татьяна МАРКОВА.

Рустам КАЖЕНКИН, Иван АЛЕКСЕЕВ  түһэриилэрэ.

Сэмсэ тыл

Людмила Дедюкина,  

Саха гимназиятын учуутала:  

— Төрөөбүт тылын уонна үгэстэрин тута сылдьар омук инникилээх, кэскиллээх. Ону өйүнэн-санаатынан, дууһатынан ылынан, оҕо ийэ тылынан үөрэнэрин-иитиллэрин туһугар туох баар билиитин-көрүүтүн, эрчимин, кыһамньытын — олоҕун анаабыт киһинэн биһиги Лидия Петровнабыт буолар.

Ыспыраапка

Шамаева Лидия Петровна

1959 с. 22.01.  Хаҥалас улууһугар Покровскайга төрөөбүтэ.

1980 с. Благовещенскайдааҕы педагогическай институту  үөрэнэн бүтэрбитэ.

Дьокуускай 2, 26 NN-дээх оскуолаларыгар учуутал.

1992 с. – Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия начаалынай кылаастарын учуутала.

2005 с. – “Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрэ.

Лидия Петровна үөрэнээччилэриниин үгүс сыллар тухары Дьокуускай куорат историятын дьаныһан үөрэтэр. Араас музыкальнай инструменнарга оонньуур, ыллыыр, тенниһинэн, волейболунан, туризмынан ситиһиилээхтик дьарыктанар. ЯГНГ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Үс оҕо тапталлаах ийэтэ, 5 сиэн күндү эбээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0