Иван Павлов өлгөм үүнүүлээх өҥ буордаах Өлүөхүмэ улууһун Хоро нэһилиэгэр ыал улахан оҕотунан күн сирин көрбүтэ. Үс уолаттар кыра саастарыттан тыа сирин түбүктээх үлэтин үмүрүтэ үөрэммиттэрэ. Орто уол быйыл оскуоланы бүтэрэр, кыралара мурун бүөтэ — саҥа иккис кылаас үөрэнээччитэ. Ваня успуордунан сөбүлээн дьарыктанар, эт-хаан өттүнэн эрчиллэрин, биир сиргэ олорбокко, сүүрэ-көтө сылдьар умсулҕаннаах үлэни сөбүлүүр буолан, бэрээдэги көрөр уоргаҥҥа киирэн үлэлиэн баҕарара. Полицейскай форматын кэтэн, ким ханна туох буруйу оҥорбутун ирдэһэн, детектив курдук суолларын сонордоһон, улахан дьыаланы арыйыан баҕарара.
edersaas.ru
Бэһис кылаастан Мэҥэ Хаҥаласка көһөн, Харатааҕы лиссиэйи бүтэрбитэ. Хапсаҕайга, тустууга өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Уһук Илин тустууга 2010 сыллаахха оҕолорго иккис миэстэ буолбута. Эксээмэҥҥэ үрдүк баалы ылаары, историяны, обществоведениены, нуучча тылын хасыһан туран үөрэппитэ. Полицияҕа ылбатахтарына юрист буолуом диэн бүччүм санаалаах этэ.
Дьылҕаны уларыппыт күлүм түгэн
Ол эрэн, биир күлүм түгэн инники олоҕун барытын тосту уларыппыта. Убайа Александр «АЛРОСА» хампаанньа Айхаллааҕы салаатын сир аннынааҕы руднигар үлэлии сылдьан, быраатын ыҥырбыта. «Манна кэлэн, бырамыысыланнаска хамнастаах үлэҕэ холонон көр, сөбүлээтэххинэ салгыы үөрэнэ барыаҥ», — диэбитин ылынан, чымадаанын хомунан, алмаастаах түөлбэҕэ көппүтэ.
Айхалга кылгас кэмнээх кууруска үөрэнэн, рудникка аҕыйах ый үлэлээт, аармыйаҕа барбыта. Онно Аҕа дойдуну көмүскүүргэ үөрэнэр, эр киһи быһыытынан хатарыллар кэмигэр элбэҕи эргитэ саныыра. «АЛРОСА-ҕа» халыҥ хамнаһы харыһыйбакка хоточчу төлүүллэрин сөбүлээн, киһи олоҕун уйгутун манна оҥостуон сөбүн сэрэйбитэ. Биир сылынан дойдутугар эргиллэн кэлэн, сынньана түһэн баран, үлэтигэр тиийбитин, урут быстах үлэҕэ сылдьыбыккын, миэстэ суох диэн буолбут. Сыл аҥаарын тухары, кэлин кэлээр, аныгыс ыйга диэн көһөрөн иһэллэрэ.
Ваня санаатын түһэрбэккэ, резюметын хампаанньа бары салааларыгар ыыталыыра. Көрдөөбүт көмүһү булар диэн өс хоһоонун курдук, биир үтүө күн уолу Удачнай куоракка ыҥырбыттара. Ол курдук, 2015 сыл муус устарыттан күн бүгүҥҥэ диэри рудникка үлэлии сылдьар. Аан бастаан хайа оробуочайа диэн маркшейдер уолаттары батыһа сылдьан, илии-атах буолара. Онтон балтараа сылынан Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээт үөрэҕин киинигэр алта ый үөрэнэн, сир аннынааҕы тиэхиньикэни ыытар машинист идэтин ылан, хамнаһа хас да бүк үрдээбитэ, үлэлиир бириэмэтэ эмиэ уларыйбыта. Шахтер үлэтигэр уол манна сүрэхтэммитэ.
Үлэ бастаан эрэ ыарахан курдук
«Аан бастаан кэлэрбэр, сахалар бу эҥээр олох аҕыйах этилэр, барыларын көрөн билэбин, онтон билигин быдан элбээтилэр. Урут уолаттары кытта 2-3 буолан дьиэ куортамнаан олорорбут, онтон үлэбин, куораты сөбүлээн, Удачнайга олохсуйаары, дьиэ атыыласпытым. Шахтаҕа симиэнэнэн үлэлиибит: түөрт күн сарсыардаттан тахсабыт, биир күн сынньанан баран эмиэ түөрт күн түүннэри сылдьабыт. Оннук солбуһа турар. Сарсыардааҥы үлэ 8 – 16 чааска диэри, күнүскү 16 – түүн 00 чааска диэри, түүҥҥү 00 – сарсыарда 8 чааска диэри.
«АЛРОСА»-ҕа дойду араас муннуктарыттан, Орто Азияттан, Украинаттан элбэх киһи кэлэн үлэлиир. Алмааһы Сахабыт сиригэр хостууллар, онон биһиги, сахалар, төрүт олохтоох дьон буоларбыт быһыытынан, хамнастаах үлэҕэ харса суох киирэн, үлэлээн иһиэхпитин наада дии саныыбын. Бастаан эрэ ыарахан курдук, онтон киһи үөрэнэр. Үлэттэн толлубакка киирсэн истэххэ, дьиэлэнэргэр, олоххун тэринэргэр хамнаһыҥ да эппиэттэһэр.
Хайа бырамыысыланнаһыгар үөрэҕим суох, сатаабаппын диэн куттанар сыыһа. Манна кылгас кэмнээх куурустарга баҕалаах дьону үөрэтэллэр, 2-3 ыйынан идэ ылан, үлэлээбитинэн бараҕын», — диэн кэпсиир Өлүөхүмэ уола Иван Павлов.
Кини аэропорка метеорологунан үлэлиир Сунтаар кыыһын кытта 2016 сылтан билсэн, быйыл ыал буоллулар.
Удачнайга – усулуобуйа үчүгэй
«Удачнайга үлэлии кэлбит дьон үгүстэрэ тэһийэллэр. Үксүн үлэҕэр сылдьаҕын, онтон өрөбүлгэр спортивнай саалаҕа дьарыктаныаххын, эрчиллиэххин сөп. Сынньанарга усулуобуйа барыта баар: киинэ тыйаатыра, каток, бассейн, кафе, ресторан.
Икки сыл уоппуска ылбытым даҕаны биирдэ даҕаны соҕуруу сынньана иликпин. Дьоммор көмөлөһөбүн, харчы ыытабын уонна онтон инникитин тас дойдулары көрүөм диэн эрэнэбин», — диэн этэр кини.
Шахтаттан хаартыскаҕын ыытаар диэбиппин: «Рудникка киирэргэр төлөпүөҥҥүн хааллараҕын, онно хаартыскаҕа, видеоҕа устар көҥүллэммэт», — диэбитэ. Рудникка киириэн иннинэ түспүт хаартыскатын ыыппыта.
Онон саҥа үлэлээн эрэр саха уолугар бырамыысыланнас ыарахан үлэтигэр ситиһиилэри, үлэттэн дуоһуйууну баҕарыаххайыҥ.
Билигин «Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» диэн бырайыак чэрчитинэн Дьарыктаах буолуу кииннэрин нөҥүө үгүс дьон кылгас кэмнээх кууруска үөрэнэн, идэ ылан, сир баайын хостуур хамнастаах үлэҕэ киирэллэр.
Урут уонча-сүүрбэччэ сыллааҕыта киһи барыта үрдүк үөрэхтэнэ сатыыра. Ол түмүгэ, идэлэринэн биир да күн үлэлээбэтэх дьон ырыынакка, түбэһиэх үлэҕэ, урбааҥҥа туох көстөрүнэн сылдьаллар.
Дьиҥэ, бырамыысыланнаска машинист, экскаваторщик, маркшейдер, геодезист, геофизик сылаас хонтуораҕа олорор үрдүк үөрэхтээх дьоннооҕор хас да бүк үрдүк хамнаһы аахсар. Онон оскуолаҕа ортотук да үөрэммит оҕо кимнээҕэр ордук кыаҕыран, олоҕор үгүһү ситиһэригэр билигин усулуобуйа барыта баар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru