Шахтер күнүн көрсө Айсен Николаев Владимир Путины кытта көрсүһүүгэ сырытта

Ааптар: 
23.08.2019
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Владимир Путин Арассыыйа таас чоҕу хостуур субъектарын губернатордарын уонна баһылыктарын кытта көрүстэ.

Көрсүһүүгэ Бырабыыталыстыба экэнэмиичэскэй блогун, анал министиэристибэлэр салайааччылара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, Коми Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Сергей Гапликов, Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Валентин Коновалов, Красноярскай кыраай губернатора Александр Усс, Забайкалье кыраайын губернаторын э.т. Александр Осипов, Кемеровскай уобалас губернатора Сергей Цивилев, Новосибирскай уобалас губернатора Андрей Травников кытыннылар.
Шахтер күнүн көрсө ыытыллыбыт көрсүһүүгэ Владимир Путин таас чоҕу хостооһун аныгы технологиялары туһанан, куттал суох буолуутугар инвестиция тиһигин улаатыннаран, тэрилтэ үлэһиттэрин социальнай өттүнэн өйөөһүҥҥэ бырагыраамалары олоххо киллэрэн ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ.
Уонна, билэн турар, улахан болҕомто экология боппуруостарыгар туһаайыллыахтаах. Маны сэргэ дьон хайдах олороругар болҕомто ууруллуохтаах, ордук шахтер куораттарын уонна бөһүөлэктэрин тупсаҕай оҥорууга. Бу уонунан, сүүһүнэн тыһыынча дьон олоҕун хаарыйар дьоһун боппуруостары билэбит – манна мөлүйүөн кэриҥэ барар”, — диэн Владимир Владимирович бэлиэтээтэ.
Энергетика миниистирэ Александр Новак кэнники уон сылга таас чох салаата туруктаахтык сайдарын бэлиэтээтэ. Кини бу кэмҥэ Арассыыйаҕа таас чоҕу хостооһун 30 бырыһыантан тахсанан улааппытын уонна билигин 440 мөлүйүөн туоннаны аһарарын, ити 2030 сылга диэри кэмҥэ таас чох салаатын сайдыытын бырагырааматын бигэргэтиигэ былааннаммыты 42 мөлүйүөн туоннанан куоһарарын эттэ. Былааны куоһарыы 10 бырыһыан кэриҥэ. Таас чох тэрилтэлэрин сүрүн хапытаалларыгар инвестиция кээмэйэ улаатта. “Билигин таас чох бырамыысыланнаһа 58 шахталаах уонна 133 разрезтаах, итилэртэн аҥаарын кэриҥэ 2000 сыл кэнниттэн киирбитэ. Саҥа тэрилтэлэр үрдүк кыамталаах тиэхиньикэлээхтэр, хостооһуҥҥа аныгы технологиялар туһаныллаллар”, — диэтэ Александр Новак.

РФ Бэрэсидьиэнин саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0