Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар ыччаттарын сэттис сугулаана үлэлээтэ.
Тэрээһиҥҥэ Өймөкөөн улууһунааҕы эбээннэр ассоциацияларын , «Өймөкөөн» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ бырабылыанньатын чилиэнэ, улуустааҕы «Хотугу сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ Валентина Прокопьева сырытта уонна тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Сугулааҥҥа уопсайа өрөспүүбүлүкэ 17 улууһуттан 40 ыччат кыттыыны ылла. Хоту улуустар ыччаттарын пуорума быйылгы Наука уонна технология сылыгар ананна. 2016 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы сугулаан ис хоһооно Ыччат сылыгар туһаайыллыбыта.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ ыччаттар түөрт былаһааккаҕа хайдыһан үлэлээтилэр: Арктика лиидэр ыччата, эдэр суруйааччылар уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан ырыалары толорооччулар, олохтоох салайыныы уорганнарын исписэлиистэрэ, Арктика эдэр чинчийээччилэрэ. Биллэн турар, тэрээһин ис тутулуттан да көрдөххө, хоту дойду ыччаттара уопсастыба олоҕор актыыбынай кыттыыны ылалларыгар, бэйэлэрин кыахтарын, талааннарын арыйалларыгар анаммыт аһаҕас кэпсэтиилэргэ санааларын үллэһиннилэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһэн, билиилэрин хаҥаттан, олох атын өйдөөх-санаалаах дьон буолан тарҕастылар.
Мин тэрээһин кэмигэр ыччаттары көрсөн санааларын үллэстэригэр көрдөстүм.
Михаил Кривошапкин, аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларыгар ыччат сэбиэтин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— 2016 сыл кулун тутартан ыла ыччат Бастакы сугулааныгар 18 хоту улуустан кыттыыны ылбыттара. Онно сүрүннээн 20 устудьуон ыччат кыттыыны ылбыппыт. Ол сылга атырдьах ыйыгар Үс Хатыҥҥа Иккис сугулааҥҥа мустубуппут. Тэрээһин хотугу норуоттар спортивнай оонньууларыгар анаммыта. Быйылгы сугулааҥҥа элбэх ыччат мустуоҕун, сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, дэлэгээссийэлэргэ кыттар дьон ахсаанын аҕыйаттыбыт. Тэрээһиммитигэр ыччаты көҕүлүүр кэпсэтиилэри киллэрдибит. Ол курдук, сугулааҥҥа кыттар кэмнэригэр лиидэр ыччаттар Тас сибээс, Арктика сайдыытын, Ыччат, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрин эппиэттээх салайааччыларын кытта көрүһүннэрдибит.
Уруйдаана Николаева, Өлөөн улууһуттан сылдьар ыччат лиидэрэ:
— Сугулааҥҥа үһүс сылын кыттабын. «Гиркилэн» үҥкүү бөлөҕөр сылдьан, маннык ыччат тэрээһинэ баарын билбитим. Волонтердары кытта биэс киһилээх дэлэгээссийэ буолан, кэллибит. Улууспут баһылыга Лена Ивановаҕа айаммыт ороскуотун төлөөн, сугулааҥҥа анаан кытыннара ыыппытыгар истиҥ махталбытын биллэрэбит. Мунньахха сылдьан, үлэбэр туһалаах бэрт үгүс туһалааҕы билэн баран эрэбин. Дойдубар тиийэн, ол ону үлэбэр туһаныам.
Айаал Прокопьев, Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгиттэн сылдьар устудьуон:
— 20 саастаахпын. Муусука кэллиэһигэр 1-кы куурууска үөрэнэбин. Бу тэрээһин туһунан дьүөгэбиттэн истэн, бэйэбэр туһалаах буолуо диэн кэлбитим. Ырыаһыт быһыытынан ырыа куонкуруһугар кытынным. Эбээммин эрээри, төрөөбүт тылбын билбэппин. Ол иһин эбээн тылынан ыллыыр ыччаттартан анаан үөрэнэр соруктаахпын.
… Ити курдук, хоту ыччаттара сэттис өрөспүүбүлкэтээҕи сугулааҥҥа бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, уопут атастаһан, бэрт үгүс идиэйэни ылан, дойдуларыгар тиийэн сонун сүүрээннэри киллэриэхтэрэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Валентина Прокопьева түһэриитэ.