Бу дьиҥнээх буолбут түбэлтэ. Отчуттар сайын Амма өрүс кытылыгар оттуу киирбиттэр. Үксүлэрэ эдэр ыччаттар, хас да кырдьаҕас оҕонньор салайааччылаахтар. Оччолорго хомсомуол, баартыйа саҕана абааһы, таҥара, айыы диэн суох диэн буолара.
Ыччаттар бары даҕаны элбэх саҥалаах-иҥэлээх, көхтөөх дьон эбиттэр. Ырыа-тойук, күлсүү, үөрүү бөҕө буолаллар эбит. Кырдьаҕастар буоллаҕына: “Бу ытык сиргэ сылдьабыт, уҥуор биллиилээх удаҕан уҥуоҕа баар, онон мээнэ айдаарымаҥ”, — диэн сүбэлээн да, буойан да этэллэр эбит. Оҕолор ортолоругар биир олус чобуо, хомсомуол, мин аҕай дэммит уол баара: “Удаҕан диэн сымыйа, ол былыр үйэҕэ өлбүт киһи тугу гыныа диэтэххитий”, — диир эбит. Биир күн от мунньа сылдьан: “Дьэ, эн кырдьык удаҕан буоллаххына, бааргын биллэр”, — диэн сэттээх-сэлээннээх тыллары саҥарталаабыт. Ол күн былыта суох, ыраас күн эбит. Киэһэ аһаан, күлэн-үөрэн утуйбуттар. Арай доҕоор, сыта түһээттэрин кытта, тыал бөҕө түспүт. Ааны аһан көрбүттэрэ, туох да сүрдээх улахан холорук ыйы быһа оттообут бугулларын өрө ытыйан таһааран, үөдэн-таһаан оҥорон аҕай эрэр эбит. Туох да көстүбэт үлүгэрэ үһү. Бугулларын үөһэ сөрөөн таһаара-таһаара барытын өрүскэ куппут. Дьиэлэрин түннүгүн тааһа тыалтан өрө лаһыгырыы турар эбит. Сытан эрэ биир кырдьаҕас оҕонньор: “Дьэ, ыҥырыллыбатах ыалдьыт кэллэ, тахсан көрүс”, — диэбит. Уоллара буоллаҕына куттанан, тылыттан матан, суорҕан анныттан тахсыбатах. Холорук ааһыахтааҕар буолуох, өссө сэтэрээбиккэ дылы буолбут. Кырдьаҕас тулуйбатах, туран уоту күөдьүтэн аһата-аһата көрдөспүт-ааттаспыт. Ол эрэ кэнниттэн холорук арыый намыраан, симэлийэн сүппүт. Били уол ол түүн кутталыттан харааччы иирэн хаалбыт. Сарсыарда тэлиэгэлээх акка тиэйэн киһилэрин дойдутугар киллэрбиттэр. Амма сиһин туораан баран киһилэрэ арыый бэттэх кэлбит, онтон ыла абааһы туһунан кэпсэтиигэ хаһан да кыттыбат буолбут.
Кырдьаҕастар ол удаҕаны хаһан да аатын ааттаабаттар, ааттаппаттар даҕаны. Археологтар тахсан ол удаҕан уҥуоҕун көрдүү сатаабыттарын ким да ыйан биэрбэтэх. Оннук ытыктыыллар, дьулайаллар.
Марфа Петрова.
2003 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан