“Сэттээх сир. Ыйаах”. Саҥа киинэ туһунан көрбүт киһи толкуйдара

Ааптар: 
29.09.2020
Бөлөххө киир:

Киинэ тыйаатырдара билигин “ыанньыйан” аҕай тураллар. Харантыыҥҥа иҥнибит күүтүүлээх сахалыы премьералар табыгастаах тахсар күннэрин күүтэллэр, киинэ сеткатыгар киирээри миэстэ былдьаһаллар.

Көрөөччү судургутук саныыр — киинэ уһуллан бүттэ, киинэ экраҥҥа тахсар. Дьиҥэр, барыта уустук соҕус. Оҥоһуллубут киинэ бастатан туран киинэ тыйаатырдарын “сеткаларыгар” киирэ сатыахтаах. Бырайыак бүтүөн иннинэ тахсар ыйа, күнэ быһаарыллыахтаах. Аны, улахан күүтүүлээх Голливуд бырайыагын кытта бииргэ турбатах ордук,  көрөөччү хармаана чычаас, биир киһи икки киинэҕэ субуруччу сылдьара саарбах. Итиннэ өссө бырааһынньыктар, өрөбүллэр, оскуола оҕолорун каникуллара барыта учуоттаныахтаах. Хайыаххыный, сыра бөҕөнү бараабыт үлэҥ дохуот киллэриэн баҕарар буоллаххына, барыны барытын ырыҥалаан көрүөхтээххин. Онон, саха киинэлэриттэн маҥнайгынан тахсар “Сэттээх сир. Ыйаах” хартыынаны, уустук 2020 сыл хааччахтаах аҥарын аахсыбакка, урутааччытынан ааҕыахха сөп.

24 сыл күүтүллүбүт киинэ

1996 сыллаахха Эллэй Иванов уһулбут “Сэттээх сир” диэн ааттаах киинэтин туһунан истибэтэх, көрбөтөх киһи Саха сиригэр ахсааннаах буолуохтаах. Көтө сылдьан “Миэнээ!!!” диэн үөгүлүүр сирэй, элбэх саханы салыбыраппыта, түүлүгэр кытары киирбитэ.

Киинэ тиэхиньикэтэ сайдан барыаҕыттан, бу “культовай” хартыынаны саҥаттан устар туһунан толкуй киинэһиттэр истэригэр сотору-сотору күөрэйэр этэ. “Бу киһи устар үһү, ити киһи саҕалыан баҕарар үһү” диэн сурахтар онтон-мантан иһиллэ-иһиллэ симэлийэллэрэ. Төһө даҕаны баҕа баарын иһин, үп даҕаны көстүөх курдугун иһин, бары өйдүүллэрэ — “классиканы” кыайар уустук. 1996 сыллаахха тахсыбыт киинэ төһө даҕаны олус судургу видеокамераҕа уһуллубут “хаптаҕай” хартыыналаах буоллар, билиҥҥи киһини күллэрэр “спецэффектээҕин” иһин, ураты тыыннаах, киһи уйулҕатын хамсатар дьиҥ кутталлаах киинэ этэ. Аҥардас компьютер графикатынан, ыарахан сыаналаах камеранан урукку кэм ытыктанар хартыынатын кыайбатыҥ чуолкай. Ол иһин “устубут киһи” диэн баҕа санаалаах кэпсээннэртэн ураты, ким даҕаны санамматаҕа.

Ремейк буолбатах — сиквел!

Ити курдук, тула хаама, саарыы сырыттахтарына киинэһиттэргэ саҥа киһи кэлбитэ — продюсер Семен Шишигин. Уонна өр толкуйдаатахха өй баайылларын дакаастаабыта. Степан Бурнашевка кэлэн “Сэттээх сир” салгыытын устуоххун баҕарбаккын дуо?” диэн судургу ыйытыынан өр сыллаах буксуйбут толкуйу миэстэтиттэн хоҥуннарбыта. Степан ол туһунан маннык кэпсиир:

Сахаларга биир саамай аатырбыт маҥнайгы “ужас” киинэтинэн ремейк оҥоруу туһунан, киинэ оҥорооччулар да, көрөөччүлэр да ортолоругар санаа баара. Холонуон баҕарар дьон элбэхтэр этэ эрээри, көннөрү кэпсэтииттэн ырааппат этилэр. Мин эмиэ куруутун толкуйдуур буолан, бэл, киинэни оҥорбут Эллэй Ивановтуун кэпсэтэ сылдьыбытым. Ол эрээри, дьиҥнээхтик ылсарга туох эрэ тиийбэт курдуга. Онтон ааспыт сайын саҥа продюсер Семен Шишигин миэхэ этиилээх тиийэн кэлбитэ: “Сэттээх сир” киинэ сиквелын (салгыытын) уһулан көрөбүт дуо?”— диэбитэ. Онно мин: “Хайдах бэйэм инник санааҕа тиийбэтэхпиний? Ремейк буолбатах — сиквел!”. Үлэ ол курдук саҕаламмыта.

* Ремейк — эрдэ уһуллубут киинэни саҥаттан устуу.

*Сиквел — киинэ кэнниттэн буолбут быһылааннар туһунан саҥа киинэ.

Хоруй биэрэр киинэ

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр киинэ премьера иннинээҕэ пресс-көрдөрүүтэ буолла. Оннон тиийэн, киинэни уу харахпынан көрөн, сыаналаан кэллим. Ырааҕынан дайбакка эттэххэ, киинэ табыллыбыт. Урукку киинэни кытта сибээһэ дьэҥкэ баар эрээри, туспа моһуоннаах, аныгы устуоруйалаах саҥа хартыына. Били, маҥнайгы киинэҕэ кыыс оҕо төрүүрүн өйдүүргүт буолуо? Саҥа тахсыбыт киинэ сүрүн дьоруойа кини буолар. Ийэлээх аҕата эмиэ бааллар эрээри… чэ кэбис, аны, киинэни барытын кэпсээн бараары гынным. Бэйэҕит көрөөрүҥ. Маҥнайгы киинэни кытта сүрүн сибээһэ — ол киинэҕэ ыйанан хаалбыт ыйытыыларга хоруйдары биэрии буолбут. Тоҕо бу дьону хараҥа дьай буулаабытый? Хайдах гынан итини бохсуохха сөбүй? Үйэ чиэппэрэ ааспытын кэнниттэн, дьэ биллэхпит.

Куттаары эрэ буолбакка

Ужас” диэни иһиттилэр эрэ киинэни көрөртөн кыккыраччы аккаастанар дьону элбэҕи билэбин. Бу дьоҥҥо сүбэлиэм этэ, сымыһаххытын быһа ытыран баран тыйаатырга тиийиҥ. Бу киинэ сүрүн сыала-соруга куттааһыҥҥа буолбакка, аймах икки ардыгар сыһыаҥҥа, сиэр-туом тутуһуутугар сыһыаннаах. Биллэн турар, киһи уйулҕатын хамсатар кутталлах түгэннэр бааллар, жанр ирдии сыттаҕа. Ол эрээри “илэ сиир” абааһылар суохтар. Хата, ол оннугар, аҕаҕа сыһыан, эдэр көлүөнэ майгытын, кырдьаҕас дьон сүбэтин күүһүн туһунан, о.д.а. толкуйдатар өрүттэр киһини умсугуталлар. 

Кутталлаах туругу сүрүннээн оператор үлэтэ уонна муусука дьайыыта олохтуур. Манна даҕатан эттэххэ, саха киинэтигэр саҥа оператор эбилиннэ. Дьиҥэр, Петр Иванов элбэх киинэ устуутугар кыттыбыта эрээри, бу киинэҕэ маҥнайгытын сүрүн оператор-постановщик быһыытынан холонно. Саҥа көрүүлээх устааччы  кэлбитэ харахха быраҕыллар, сыананы араастаан уларытан, соһуччу сиртэн көрдөрөн, киинэ сэһэнин олус сонуннук сырдатта.

Артыыстар оонньуулара

Киинэ көрөөччүлэр тохтообокко кэриэтэ “Саҥа сирэйдэр суохтар!” диэн суланаллар эрээри, онтон-мантан саҥа артыыстары син «ороон» иһэллэр. Киинэ сүрүн оруолун толорооччу — Виолетта Христофорова. Кэрэ сэбэрэлээх эдэр кыыс улахан оруолларга көстө илик артыыс. Кырасаабыссалары хара маҥнайгыттан “киинэни киэргэтээри устубуттар” диэн уорбалыыр үгэстээхпит, кырдьык, үксүн оннук буолааччы. Ол эрээри, бу сырыыга, кырдьык, киинэ иһигэр киһини киллэрэн, итэҕэтиилээхтик оонньуур кыыс көстүбүтүн тус бэйэм мэктиэлиибин. “Сэттээх сир. Ыйаах” киинэ тылынан эттэххэ “камернай” хартыына. Элбэх киһи суох, сэһэн үксүн түөрт сүрүн дьоруой тула сайдар. Надежда Ушницкая, Петр Баснаев уруккуттан билэр, таптыыр артыыстарбыт, биллэн турар, оруолларын чаҕылхайдык ооньууллар. Бороҕон олохтооҕо, идэтэ суох артыыс Афанасий Карамзин кинилэртэн хаалсыбакка оонньоото диэххэ наада. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ “сахалар үөрэҕэ да суох киинэҕэ оонньуур кыахтаахтар” диэн, оннооҕор, Арассыыйаҕа билэр буоллулар быһыылаах, “Пугало” кэнниттэн.

Түмүккэ

Мин истибиппинэн, киинэ сценарийын Алексей Амбросьев — Чоох Мунду үстэ төхтүрүйэн уларыппыт үһү. Режиссер Степан Бурнашев киинэтин таҥыытын эмиэ иккитэ олоччу уларыппыт үһү. Олоххо киирбэтэх версияларын көрбөтөҕүм эрээри, бу дьон дьаныардаах үлэлэрин тиһэх түмүгэ бэрткэ табыллыбыт диэн сыаналаатым. Бу аҥардас аныгы кэм тиэхиньикэтэ, киинэҕэ бараммыт үп эрэ кыайыыта буолбатах — саха киинэтин өр сыллаах сайдыыта, режиссер уопута, оонньуур састаап табыллыбыт таҥыллыыта барыта оруоллаах.

Көрөөччүлэргэ туһаайан биири этиэм этэ, “интэриниэккэ хаһан угаллар?” диэн киһи кыбыстар ыйытыытын суруйан бүтүөххүт этэ. Киинэ билиэтин сыаната ким баҕар уйар харчыта. Ол босхо көрүөм этэ диэн мөлтөх хаачыстыбалаах куопуйаны сылы сыллаан күүтэр улахан көдьүүстээх дьарык буолбатах. Ол оннугар, улахан экраҥҥа дуоһуйа көрүҥ, ону кытта саха киинэтэ сайдарыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ!

“Сэттээх сир. Ыйаах” киинэ бу чэппиэргэ, алтыньы 1 күнүттэн саҕалаан киинэ тыйаатырдарыгар тахсар.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0