Сэттэ саастарын туолбут оҕолортон анал олбох ирдэниллибэт буолла

12.07.2017
Бөлөххө киир:

От ыйын 12 күнүттэн Суол быраабылатыгар уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, оҕо анал кириэһилэтэ кыра саастаах эрэ оҕолорго (7 сааһыгар диэри )  ирдэнэр буолла.

edersaas.ru


Бу туһунан кэпсэтии, дьүүллэһии барбыта ыраатта. Дьэ силигэ ситэн, от ыйын 12 күнүттэн олоххо киирдэ. Саҥа быраабылаҕа олоҕуран, 7-11 саастаах оҕолор массыына кэннинээҕи олбоҕор улахан киһиэхэ аналлаах куру туһаныахтара. Оттон оҕо иннигэр олорор буоллаҕына, анал кириэһилэ ирдэнэр.

Иккис уларыйыы: 7 саастарын туола илик оҕолору массыынаҕа соҕотохтуу хаалларар бобулунна.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0