Сэтинньитээҕи биэнсийэҕэ Ленинград блокадатын олохтоохторо эбии 50-нуу тыһ. солк. ылыахтара

Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  Ыйааҕынан,  «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлинэн эбэтэр  «Ленинград блокадатын олохтооҕо» бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга Биэнсийэ пуондата 50-нуу тыһ. солк. биэриэҕэ.  Тустаах биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, көмө харчы сэтинньи  ый устата төлөнүллүөҕэ.

Төлөбүр «Олох суола» арыллыытын 80 сылыгар ананар. «Олох суола» — Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Ладога күөлүн нөҥүө соҕотох тырааныспар аартыгынан буолбута. 1941-1943 сылларга тоһуурга түбэспит Ленинграды  дойдуну кытта сибээстээбитэ.

Саха сиригэр билигин «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлинэн биир уонна «Ленинград блокадатын олохтооҕо» бэлиэнэн наҕараадаламмыт 22  бэтэрээн баар.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0