Кэлиҥҥи сыллары кэтээн көрдөххө, күһүммүт уонна сааскы кэммит уһаан оттон кыһыммыт кылгаан, ол гынан баран күүскэ тымныйар буолан иһэр курдук. Онон мантан инньэ итинник салҕанан бара туруо диэн этэр кыах суох эрээри, ордук, тымныы кыһын уонна уһун күһүн буоларыгар бэлэм буоларбыт ордук быһыылаах.
Кыһыммыт бастакы түһүмэҕэ – кырыа кыһын алтынньы 14 күнүттэн саҕаламмыта уонна сэтинньи 21 тиийэн бүтүөхтээх. Сылбыт 4 кэмэ – саас, сайын, күһүн 2-3 ый устата оттон кыһыммыт букатын да 5 ыйтан ордук кэм устата салҕанан бараллар. Онон, холобур, күһүҥҥү кэм барыта көмүс күһүн, эбэтэр кыһыммыт 5 ый устата кырыа кыһын буолбат, саҕаланар кэмнэриттэн бүтүөхтэригэр диэри күннэрэ-дьыллара улаханнык уратылаһаллар. Холобур, атырдьах ыйын 3-с дэкээдэтиттэн саҕалаан көмүс күһүн күлүмнээн, сандааран турбута. Балаҕан ыйын ортотун диэкиттэн оппут-маспыт дьэбидийэ хагдарыйан алтан өҥнөнөр, онтон балаҕан ыйын ортотун эргиниттэн, ордук алтынньы саҕаланыыта, от-мас сэбирдэҕэ суйданан, тиит мутукчата түһэн ойуур уруккутун курдук көмүс да, алтан да буолбакка, бороҥ, тимир өҥнөнөр диэн этиини кытта ааҕааччылар бука сөбүлэһэргит буолуо.
Дьэ ол иһин биһиги сыл кэмнэрин үстүү түһүмэххэ араартаабыппыт, ону дьон оччо утарбатаҕа. Холобур, күһүммүтүн Көмүс, Алтан уонна Тимир күһүҥҥэ, оттон кыһыммытын Кырыа, Кыыдаан уонна Чысхаан кыһыҥҥа араартаабыппыт.
ДЬЫЛ САҔАЛАНЫЫТА
Билигин, эппиппит курдук, кырыа кыһыҥҥа – силбиктээх, ириэриилээх-тоҥоруулаах, онон кырыалаах-муустаах кэмҥэ олоробут. Өбүгэлэрбит баччаҕа диэри тиийэн кэлбит өйдөбүллэринэн, аар-саарга аатырбыт тымныыны, Дьыл оҕонньор Оҕуһун аарыма муостара түһэрэллэр эбит. Ол улуу-дьаалы, кыһыммыт саҕаланарыгар, ол аата алтынньы 14 күнүгэр Хотугу Муустаах Байҕалтан тахсан хаһаайыныгар Дьыл оҕонньорго сиэттэрэн Орто дойдуга кэлэр диэн буолар. Оҕус бастаан кэлэригэр муоһа суох эбит, ол иһин кыһын саҕаланыыта халлаан соччо тымныйбат. Ол да буоллар, кини тыыныттан от-мас кырыарар, күөл уута тоҥор, сир-дойду хаарынан бүрүллэр. Аһыыр ото суох буолан уонна халлаан тымныйан сүөһү хотоҥҥо киирэр, бэлэм оту сиэн барар, ол аата кыстык кэмэ эбэтэр дьыл саҕаланар. Урукку кэмнэргэ дьыл саҕаламмыт күнүттэн – алтынньы 14-тэн эрдэтээҥҥи муҥха түһэриллэрэ. Ол туһунан билигин халлаан сылыйан сананыллыбат даҕаны.
Дьыл диэн сахаларга эрэ баар сыл 5-с кэмин ааттыыллар. Дьыл атыннык кыстык кэмэ диэн ааттанар, кыһыҥҥы уонна сааскы кэми хабар уонна саас ыам ыйын 22 тиийэн бүтэр. Уһуна 220 хонук. Онон сүөһү ииттэн олорор сахаларга дьыл диэн тыын суолталаах кэм. Ол да иһин туспа анал ааттаннаҕа. Дьылы тахсыы, күөххэ үктэнии диэн өбүгэлэрбитигэр улахан дьол буолара. Билигин даҕаны сүөһү ииттэн олорор тыа сахаларыгар дьыл суолтата сүтэ илик. Дьэ ол иһин, алтынньы 14 күнүгэр, саҥа дьылга үктэнэр күҥҥэ, саҥа үүнэр дьылга анаммыт бырааһынньыкта тэрийиэххэ диэн тыл көтөхпүппүн үгүстэр өйөөбүттэрэ. Дьылга үктэнии бырааһынньыга инникитин хайаан да баар буолуо диэн эрэл улахан.
КЫЫДААН КЫҺЫН ТҮҺҮМЭҔЭ
Манна даҕатан этэххэ, Саҥа Дьыл диэн ити кыһыны кытары кэлэр сыл кэмин ааттаатыбыт. Оттон дьиҥинэн, тохсунньу 1 күнүгэр биһиги саҥа дьылы буолбакка, саҥа сылы көрсөбүт. Билигин тылы таба туттуу туһунан элбэх кэпсэтии барар. Онон сибээстээн мантан инньэ Саҥа Дьыл уонна Саҥа сыл бырааһынньыктарын ааттааһыны бэйэлэрин дьиҥнээх суолталарынан туттууну олоххо киллэриэххэ баар этэ.
Мантан салгыы халлааммыт сыыйа тымныйар. Сэтинньи 8-гар дьылбыт оҕуһун бастакы муоһа тэтимнээхтик үүнэн киирэн барар, ону кытта кырыа кыһыммыт түмүктэнэн, кыыдаан кыһын түһүмэҕэр үктэниэхпит. Ол аата, аатырбыт түптэлэс тымныылаах Сахабыт сирин дьиҥнээх кыһыҥҥы кэмэ саҕаланар боруогун атыллыыбыт.
Урут идэһэни алтынньы 20-25 күнүттэн туттуллар буоллаҕына, билигин сэтинньигэ киирэн баран, өссө үрдүк хаачыстыбалаах эти сиэххин баҕарар буоллаххына, кыыдаан кыһын саҕаламмыт күнүттэн, эбэтэр сэтинньи 8 күнүттэн күргүөмнээн туттуохха сөп. Ити кэмтэн ириэрии тохтуур, эт бүтэйдии тоҥор буолар. Ол иһин, былыр сылгыны сэтинньи 8 күнүттэн тутталлара.
Урукку курдук эрдэ муҥхалаатахха, собо ирэн аһыйыан сөп. Быйыл улахан ириэһин буоларын оччо көһүппэтэх онон эрдэ соболообут балыксыт арааһа элбэх буолуохтаах, онон ити дьон соболоро аһыйбыт буолуон сөп. Дьиҥинэн, Угаров шкалатынан 0U кыраадыстан эбэтэр Цельсийинэн +4 С кыраадыстан аллараа температураҕа бактериялар гипобиозка (анабиоз саҕаланыан иннинээҕи турук) киирэн дөйөн хаалан аһы буортулуо суохтаахтар. Ол иһин балыгы чохчолообокко эрэ муус үрдүгэр биирдиилээн тарҕата ууран харайдахха, оччо аһыйыа, буорту буолуо суоҕун сөп.
Сэтинньи 21 күнүгэр оҕуспут аҥар муоһа үүнэн ситэр уонна кылааннанар, тымныы биллэ күүһүрэр. Куорат олохтоохторо морозильникка хараллан турар эттэрин, балыктарын ириэ диэн куттаммакка, балкоҥҥа таһааран ууруохтарын сөп.
КҮН-ДЬЫЛ ТУРУГА
Арассыыйатааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр Киин научнай үлэһиттэрэ сэтинньи Саха сирин арҕаа, соҕуруу оройуоннарыгар сылаас буолуо диэн билгэлииллэр.
Ити Киин биһиги Сахабыт сиригэр күһүн сэниэлээх уһун ардах түһүө, онтон алтынньы бүтэһигин эргин улахан ириэһин буолуо диэн эрдэттэн эппитэ туолла. Онон бу да сырыыга улаханнык сыыспатахтара буолуо диэн эрэниэххэ сөп. Биһиги эмиэ сэтинньи Саха сирин барытын да үрдүнэн урукку сыллардааҕар арыый сылаас буолара буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
Быйыл улахан ириэһиннээх сыл буолан, кыһын сылгы хаһыытыгар уустуктардаах буолуон сөп диэн сылгылаахтар дьиксинэллэр. Ол гынан баран, кыһыммыт салгыы хайдах күннээх-дьыллаах буоларыттан ити эмиэ улахан тутулуктаах.
Итини быһаарарга биир маннык кэрэхсэбиллээх холобур баар. Сууйуллубут таҥаһы кыһын таһырдьа тымныыга таһааран ыйаатахха, куурарын киһи үксэ билэрэ буолуо. Ол аата, тымныыга таҥастан муус көтөн хаалар, ону наукаҕа сухая возгонка диэн ааттыыллар. Итинник түгэн айылҕаҕа сылгы хаһан аһыыр сиригэр эмиэ буолуон сөп.
Таҥарианство диэн төрүт итэҕэлбитигэр олоҕурбут буолан баран аныгылыы хабааннаахтык оҥоһуллубут саха саҥардыллыбыт итэҕэлинэн, сэтинньи ыйы Дьылҕа Хаан уонна сирдээҕи биир улахан иччибит Байанай кыттыһан салайаллар. Таҥарианство итэҕэлэ үөрэтэринэн улахан иччилэрбит – Байанай, Хатан Тэмиэрийэ, Уукун, Аан Алахчын о.д.а. Таҥара сирдээҕи үлэһиттэрэ эбэтэр Орто дойду Айыылара буолаллар уонна Үөһээ Айыылары кытары тэҥҥэ Орто дойду олоҕун салайсаллар. Онон сэтинньигэ кыстыкпыт саҕаланыыта, булпут-алпыт, киһи-сүөһү туруга барыта кинилэр салалталарынан барар.
Дьылҕа Хаан уонна Байанай биһиэхэ үтүөнү эрэ баҕараллар. Онон кинилэри күүтүүлээх күндү ыалдьыттарбыт быһыытынан, сэтинньи саҕаланыытыгар сахалыы сиэри–туому тутуһан, уокка ас кээһэн, алгыс тылын этэн үөрэн-көтөн көрсүөхтээхпит.
Сэтинньи – идэһэ, балык, булт-алт, быйаҥнаах сайыммыт бэлэҕэ күөх ас дэлэй ыйа. Кыстыкка бэлэмнэнэн киирии түбүктээх үлэтэ үмүрүйэн дьиэ кэргэн бары бииргэ мустан, ньир бааччы олорон үлэлиир, үөрэнэр кэммит саҕаланар.
Гавриил УГАРОВ-ЭҺЭЭ ДЬЫЛ,
биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) түһэриилэрэ.