Сэтинньи – Байанай ыйа

01.11.2021
Бөлөххө киир:

Ый бэлиэлэрэ

Таҥарата: Байанай.
Ойуута: ох.
Тыла: һук.
Суолтата: сатабыл, булуу-талыы.
Сүрүн туома: Байанайга сүгүрүйүү.
Мала: хойгуо.
Тыаһа:хобо
Үүнээйитэ: долохоно.
Көтөрө: улар.
Кыыла: киис.
Аһа: хаан.

Ый билгэтэ:

2 – ыанньыйбыт былыт халлааны бүрүйдэҕинэ, кыһына ичигэс, оттон тымныйан бүрүйдэҕинэ, кыһына – тымныы.
8 – балык миинин курдук былытырдаҕына, тымныы кэлэр. Былытырдаҕына – кыһын итийэр, хаардаатаҕына – саас хойутуур. Идэһэ сүөһү өлөрүллэр.
12 – ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн, от сыатын сиир.
15 – өрүскэ муус халыҥа 40-45 см буолан, чэпчэки уйуктаах массыынаҕа кыһыҥҥы суол аһыллар.
21 – сис былыт, оччоҕо ахсынньы 19 диэри ичигэс.
22 – ый туолуута. Былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына, былыт (ичигэс)  кэлэр.
28 – сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.
29 – үчүгэй күн – үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн – куһаҕан кыһыҥҥа.
Сэтинньи – айан суолун туруута.
Хаар халыҥнык түстэҕинэ, сылаас кыһын буолар.
Куобах этэ сыалаах буоллаҕына – кыһына тымныы.
Илинтэн тыалырдаҕына – былыт кэлэр, халлаан сылыйар.

Бэлиэ күннэр:

08.11 – Миитэрэйэп. Миитэрэйэпкэ Дьыл оҕуһун биир муоһа үүнэр, тымныы буолар.
11.11 – уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, филолог П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ (1893-1939).
14.11 – Саха литературатын төрүттэччилэриттэн биирдэстэрэ, уопсатыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ (1886-1935).
22.11 – Народнай суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Н.Г. Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүтэ (1908-1998).
25.11 – Олоҥхо күнэ.
30.11– Хомус күнэ.

Дабыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0