Сэртипикээт, атыыны төннөрүү уонна бөҕү-сыыһы хомуйуу туһунан

Ааптар: 
21.11.2021
Бөлөххө киир:

Арааран хомуйууга сөбүлэһэллэр дуо?

— Куоракка элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олоробут. Онно уопсай бөлөхпүтүгэр (батсаап) наар ити бөҕү-сыыһы хомуйуу туһунан кэпсэтэбит. Арааран хомуйуу биһиэхэ киирэрэ ыраах быһыы­лаах.

Старостиннар. 

— Кырдьык, Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар  кытаанах бөҕү-сыыһы арааран хомуйууга уонна арааран мунньууга сыһыаннаах ыйытыы ыытар. Манна хайы-үйэ 3000-тан тахса киһи кыттыбыт.

Ыйытыыга хоруйдаабыт дьон үксэ бөҕү-сыыһы араарар наадатын кытта сөбүлэһэллэр. Кинилэртэн үксүлэрэ былаастыгы (79%) араараллар, кумааҕыны (70%),  тааһы (70%).

Ыйытыкка Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар эбэтэр http://www.mnr.gov.ru/activity/rno/opros/ кыттыахха сөп.

Төннөрүөхпүн сөп дуо?  

— Дьокуускайга эргиэн дьиэтиттэн пуховик сон атыыласпытым. Ол соммун төннөрөөрү гынабын. Хас хонук иһигэр төттөрү илдьиэхтээхпиний? Өйдөөн, ыйыппакка хаалбыппын.

Ыйытыыга Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын “суһал линиятыгар” маннык хоруйдаатылар:

— 14 хонук иһигэр төннөрүөххүтүн сөп.

Сэртипикээти биэрэллэр дуо?

— Тулаайах оҕолорго дьиэ-уот сэртипикээтин биэрэллэр дииллэр дии.

Д.Слепцова.

СӨ Экэниэмикэ министиэристибэтин саайтыттан:

— 23-тэн үөһээ саастаах тулаайах оҕолорго ­дьиэ-уот сэртипикээтин биэрэргэ диэтилэр. Тулаайах оҕолорго дьиэ ылалларыгар саҥа ньыманы олоххо киллэриигэ уонна баар уочараты аччатыыга өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев киллэрбит сокуон барылын Ил Түмэн дьокутааттара бастакы ааҕыыга бигэргэттилэр.

23-тэн үөһээ саастаах тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорго олорор дьиэ ылалларыгар дьиэ-уот сэртипикээтин туһунан этиллэр, ол эбэтэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өлүүлэһэн тутууга кыттыы усулуобуйатынан.

Сэртипикээти ыларга кэккэ усулуобуйалар ирдэнэллэр.

Ол эбэтэр, бу киһи сууттамматах, наркология уонна психоневрология диспансерыгар ­учуокка турбатах, бэйэтин кыайан көрүнэр уонна 1 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит бастайааннай үлэ ­миэстэлээх буолуохтаах, бу усулуобуйа 3 диэри саастаах оҕолоох дьахталларга эбэтэр инбэлиит оҕону көрөөччүлэргэ тарҕаммат. Маны сэргэ сайаапкалаах киһи олохтоох салайыныы уорганын кытта түһэрсибит мировой сөбүлэһиилээх эбэтэр кинини олорор дьиэнэн хааччыйарга диэн суут күүһүгэр киирбит быһаарыылаах буолуохтаах.

Бүгүҥҥү туругунан, сокуон быһыытынан олорор дьиэнэн хааччыллыахтаах тулаайах оҕолор испииһэктэригэр 2259 киһи турар, кинилэртэн 672-тэ 23 сааһын туолбут.

Саҥа механизм маны сэргэ тулаайах оҕолорго бэйэлэрин уонна кирэдьиит үптэрин, ону тэҥэ Ийэ хапытаалын уган улахан иэннээх олорор дьиэни ылалларыгар кыаҕы биэрэр.

Сайаапкалаахтар төлөбүрү быһаччы ылбаттар, үп тутааччы  (өлүүлэһэн тутуу дуогабарын түһэ­ристэххэ),  атыылааччы  счетугар (атыылаһыы-­атыылааһын туһунан дуогабардастахха) түһэриллэр. Социальнай төлөбүр кээмэйэ дьиэ кээмэйиттэн тутулуктаах.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: tvkrasnodar.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0