Аны «Олох диэн олох» сэрийээли көрөбүт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Саха» НКИХ бииртэн биир интэриэһинэй киинэ сэрийээлин көрдөрөрүн салгыыр.

edersaas.ru

 Сэтинньи 30 күнүттэн, ол эбэтэр кэлэр бэнидиэнньиктэн аны «Олох диэн олох» 16 сиэрийэлээх киинэни көрүөхпүт. Аатыттан да сылыктаахха, үчүгэй киинэ буолуох курдук.

Киинэ туһунан режиссер Елена Эверстованы уонна дьоруойдары кытта кэпсэттим. Бу иннинэ киинэ бүппүтүн кэнниттэн кэпсэтэр эбит буоллахпытына, бүгүн киинэ буолуон иннинэ сэһэргэстибит.

Режиссер санаата

Хайдах киинэ буолан тахсыахтааҕа, сэрийээли көрөөччү ылынара-ылыммата, бастатан турар, режиссертан тутулуктаах. Өскө ханнык эрэ дьоруойу таба көрөн көрөөччү сөбүлээтэҕинэ эбэтэр «олус да куһаҕан киһи эбит» диэн сыана быстаҕына, бу – режиссер ситиһиитэ. Онон кэпсэтиибитин киинэ ис тутулун оҥорор киһиттэн — режиссертан саҕалыахха.

Елена Николаевна, бастатан туран, киинэбит ис хоһоонун сэгэтэн көрүөх.

— Ис хоhооно – биисинэс эйгэтигэр үлэлиир тойон дьиэ кэргэнин олоҕо, күннээҕи түбүгэ, кыһалҕата, ситиһиитэ. Быһата, олох-олох курдук барыта баар – истиҥ сыһыан, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии, таптал, үтүө сыһыан, киһи киһини түһэн биэриитэ, таҥнарыыта, утары турсуу…

Киинэ ким сценарийынан уһулунна?

— Дана Сард суруйуутунан бу үһүс сэрийээлбин устабын.

Киинэ дьоруойдарын талыы төһө уустугуй? Эрдэттэн бу оруолга ити киһи барсыан сөп диэн толкуйдаан көрөҕүн дуо?

— Бастаан сценарийы ааҕа олорон, харахпар уобарастары ойуулаан көрөбүн. Хас биирдии уобарас типажтаах буолар, онон сирдэтэн дьоруойдары талыы саҕаланар. Биллэн турар, бастатан туран, сүрүн дьоруойдары көрдүүбүн. Дьоруойу көрдөөһүн «кастинг» диэн көрүҥүнэн ыытыллар. Дьону түбэһиэх көрдүү сылдьан, артыыс үөрэҕэ суох эрээри, айылҕаттан талааннах дьоҥҥо таба тайаныаххын сөп. Онон бу көстүөхтээх сэрийээлгэ көрөөччү оннук дьону бэйэтэ булан ылыаҕа дии саныыбын.

Киинэни устууга туох уустук түгэннэр баалларай?

— Саамай уустуга – дьиэттэн дьиэни уларытыы. Сэрийээл ис хоһоонунан элбэх олорор дьиэ наада этэ.  Уустук кэм буолан, дьон мээнэ дьиэтин туран биэрбэт. Онно хампаанньа сэрийээл устууга сулууспатын салайааччыта Марфа Пермякова үгүстүк сүүрдэ-көттө.

Туох да үбүлээһинэ суох сыл иһигэр киинэни бэрт түргэнник устаҕыт дии. Оннук судургу дуо сэрийээли устуу?

— Биллэн турар, киhи ыксаабакка налыччы устуон, таҥыан, хараххар уруhуйдаан көрбүтүн барытын олоххо киллэриэн баҕарар. Ол эрээри ол санаа хоту табыллыбат. Уопсайынан, сэрийээлгэ эрэ буолбатах, киинэ устуутун үлэтин ис тутула оннук.

Артыыс хайаан да режиссёр этэрин истэр дууэбэтэр «импровизация» дэнэр түгэн үгүс дуу?

— Биллэн турар, артыыстар режиссер этэринэн оонньууллар. Өскө артыыс ханнык эрэ түгэҥҥэ бэрт табыгастаахтык бэйэтин көрүүтүн киллэрэн биэрдэҕинэ, ол ону уларыппакка оннунан хаалларабын. Биир улахан хамаанданан үлэлиибит. Онон бэйэ-бэйэни өйдөстөххө табыллар. Бу киинэҕэ бэртээхэй хамаанда буолан үлэлээтибит. Тыл-тылга киирсэн, олус өйдөһөн. Ол курдук, туруорааччы оператор Гаврил Дьячков, оператордар Александр Колмогоров, Евгений Рязанскай бэйэлэрин ылыммыт дьыалаларыгар олус эппиэттээх дьон. Продюсер Уйгулана Портнягина – эрэллээх эркиммит. Бары боппуруоһу уталыппакка быһаарар буолан, туохха да тардыллыбакка үлэлээтибит. Бары талбыт курдук олус холкулар, тулуурдаахтар, киһи тугу этиэн баҕарбытын тута өйдөөн, оҥоро охсоллор. Дьиҥэр устуу олус тулууру эрэйэр үлэ. Элбэх хатылааһыннаах буолан, ылбычча киһи тулуйумуон сөп.

— Эйиигин кытта кэпсэтэргэ уустук, өрүү солоҥ суох эбит.  Ити киинэ таҥыытын (монтаж) бэйэҥ оҥороҕун дуо?

— Режиссер киһи киинэ тутулун билэр буолан, бэйэм таҥабын. Оттон бириэмэ — ыгым. Онон туохха да арылдьыйбакка үлэлиибин.

Оруоллары оонньооччулар санаалара

 Оруолларга биллэр-көстөр артыыстар оонньоотулар. Кинилэр санааларын истиэҕиҥ.

Дмитрий МИХАЙЛОВ, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Тарас Иванович оруолун арыйар:

— Дьоруойум — сэрийээл сүрүн оруола. Сир, тутуу биисинэһинэн дьарыктанар. Биллэр-көстөр тойон буолан, офиһым да, дьиэм да онно толору эппиэттиир. Үлэһиттэрим — дьиэ кэргэним, чугас аймахтарым. Артыыс быһыытынан толору арылынным дии саныыбын. Ол эрээри күҥҥэ хас да каадыр уһуллар буолан, субу кыыһыран, тымтан баран, аҕыйах кэминэн олох да күлэ-үөрэ сылдьар, эйэҕэс киһи буола охсор турукка киирии уустуктардаах этэ. Онуоха режиссерум Елена Эверстова быһаарыыта, оруолгун тута миэстэтигэр ыйан-кэрдэн биэрэрэ олус өйөбүллээҕэ. Сэрийээл олоххо көстөр түгэннэри арыйар. Онон көрөөччү «оо, бэҕэһээ бу дьоммут буолан хаалан турбуттара ээ, бүгүн дьэ хайдах буолаллар…» диэн киинэ салгыытын кэтэһэр өрүтэ үгүс буолуоҕа.

Алексей ПАВЛОВ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, СӨ норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа, Тарас Иванович күтүөтүн оруолун арыйар:

— Сүрүн дьоруой балтын кэргэнэбин. Биисинэс экэнэмиичэскэй салаатыгар эппиэттээх үлэһиппин. Кэргэним тугу этэринэн сылдьар буолан, куорат баай ыалын быттыктарыгар киирэн букунайабын. Уолбутун тойон оҥоро сатыыбыт, ол тула «эрийсии» кытаанаҕа. Сэрийээл туохтан саҕаланан баран, тугунан бүтэрин да билбэппит. Күннээҕи олоҕу оонньоотохпут дии. Онон киинэ дьоруойдара сэрийээли бэйэбит эмиэ күүтэбит.

Елена СЕРГЕЕВА-РУМЯНЦЕВА, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыһа, Тарас Иванович балтын оруолун арыйар:

— «Ыаллыылар» сэрийээл кэнниттэн киинэҕэ уһулла иликпин. Онон ымсыырар буолан, сэрийээлгэ уһулларга этии киллэрбиттэригэр үөрүүнэн сөбүлэспитим. Сценарийы илиигэр биэрбэттэр, оонньуур тиэкискин эрэ ыыталлар. Ол эмиэ үчүгэйдээх. Күҥҥэ хас да сиэрийэни устар буолан, дьоруойуҥ олоҕор киирэн хаалаҕын. Биллэн турар, артыыс быһыытынан бэйэм оруолбун, нууччалыы эттэххэ, «критично» көрөрүм буолуо. Дьоруойбун сэмэлээбэппин. Ийэ буоллаҕа дии. Дьэ, онон мин да көрөөччүнү кытта бу киинэни эмиэ кэтэһэбин.

Мария ТАСТЫГИНА, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, Тарас Иванович кыыһын оруолун арыйар:

— Бу иннинэ көрөөччү миигин киинэлэр омсолоох дьоруойдарыгар көрбүтэ. Онон бу оонньуур оруолбун хайдах ылынара буолла? Миэхэ эксээмэни туттарыы курдук. Тойон оҕотун оруолун хайдах арыйыым үгүстэргэ таабырын буоллун. Саҥа оруолбун сөбүлээтим, артыыс быһыытнан сонуннук арылынным.

Андрей СОЛОВЬЕВ, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, Тарас Иванович иитиэх уолун оруолун арыйар:

— Дьоруойум — толкуйдаах уол. Аҕам уҥа илиитэбин. Бары суолталаах көрсүһүү, сөбүлэҥ түһэрсиитэ – мин нөҥүө ааһар. Онон аҕам иннигэр барытыгар бэлэммин. Тус олохпор тиийэ. Ол уустук түгэни көрөөччү хайдах ылыныай?

Оруол миэхэ чугас диир кыаҕым суох. Уол «чүөчэһит» соҕус. Мин онтон ыраахпын. Киинэҕэ иккис уһуллуум. «Государственные дети» киинэҕэ учуутал оруолугар оонньообутум. Сэрийээлгэ бастакы уһуллуум.

… Дьэ, онон «Олох диэн олох» сэрийээли көрөөрү, сэтинньи 30 күнүттэн эмиэ тэлэбиисэрбитин маныыр дьоллоох түгэммит үүнээри турар. 

 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0