Ил Дархан ыйааҕынан, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, огдооболоругар, сэрии кэмин оҕолоругар биирдэ бэриллэр төлөбүрдэр анаммыттара.
Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн сэрии кыттыылаахтара – 100 тыһыынча солкуобайы, сэрии толоонугар өлбүт буойуттар огдооболоро, Ленинград блокадатын кыттыылаахтара, концлааҕырдарга хаайыллыбыт оҕолор – 30 тыһыынча солкуобайы, өлбүт бэтэрээннэр огдооболоро – 20 тыһыынча солкуобайы, тыыл бэтэрээннэрэ – 10 тыһыынча солкуобайы, сэрии кэмин оҕолоро – 3 тыһыынча солкуобайы ылыахтаахтар.
Бу төлөбүрдэри социальнай управлениелар биэриэхтээхтэр. Сэрии кэмин оҕолоро 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар. Сайабылыанньа суруйар ирдэммэт уонна “сэрии кэмин оҕото” диэн дастабырыанньа баара-суоҕа оруола суох.
Ил Түмэн дьокутааттара 2019 сыл балаҕан ыйын 26 күнүнээҕи пленарнай мунньахтарыгар “1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах гражданнарга социальнай көмө миэрэлэрин туһунан” өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону ылыммыттара. Бу өр кэмнээх туруорсуу түмүгүнэн ылыллыбыт сокуон буолар.
Ол эрээри, быйыл Ил Түмэҥҥэ бу сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспыта. Ол эбэтэр, дьокутааттар иккис, үһүс ааҕыыга бу сокуон барылын ылыннахтарына, “сэрии кэмин оҕото” диэн статуһу 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах дьон ылыахтарын сөп.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, олунньу ыйдааҕы туругунан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылаахтара — 79, Ленинград блокадатын кыттыылаахтара — 27, тыыл бэтэрээннэрэ – 4800, сэрии кэмин оҕолоро – 24 971 (14 236 киһи дастабырыанньаны ылбыт) киһи баар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru