“Аҕабыт — Грязнухин Серафим Егорович. Ѳлүѳхүмэ олохтооҕо. Ийэбит — Павлова Фекла Васильевна, Сунтаартан тѳрүттээх. Оччотооҕуга, аччык дьылларга 1 куул бурдукка атыыланан Кыыллаахха хаалаахтаабыт. Онон тѳрдѳ Сунтаар. Аҕабын кытта холбоһон, биир уол, алта кыыс оҕоломмуттар. Сорохторо кыраларыгар суох буолбуттар. Кэлин үһүө буолан хаалбыппыт”, — диэн үлэ бэтэрээнэ Лариса Серафимовна Грязнухина кэпсээнин саҕалыыр.
Тулаайах хаалан ийэ, аҕа кѳрүүтэ-истиитэ суох оҕо саас диэни билбэккэ улааппыппыт. Аччык, тоҥор-хатар эрэйин эрэ билбиппит. Таҥас-сап суох, мэлдьи аччык былаастаах сылдьарбыт. Ол саҕана саахар да, кэмпиэт даҕаны диэн суоҕа. Тулаайах буоллуҥ да ким баҕарар атаҕастыыр, мѳҕѳр. Оҕо сылдьан оннук буолуохтааҕын курдук ѳйдүүр этибит. Ким ханна үүрэр, соруйар — ол хоту сылдьарбыт. Онон тулаайах хаалан оҕо сааһым ѳйдѳбүлэ онтон атын суох…
Ыал устун сылдьан баран, кэлин аҕабытын кытта бииргэ тѳрѳѳбүт эдьиийбитигэр Митимова Зинаида Егоровнаҕа олорон киһи-хара буолбуппут.
Үлэни кыайар буолуохпутуттан колхуоска, сопхуоска илиибитин араарбакка үлэлээн кэлбиппит. Онон үѳрэх диэн суох.
Тэҥнээх доҕотторум эрдэ олохтон туораан, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Кэлин пиэрмэҕэ бииргэ үлэлээбит балыс доҕотторум: Музафарова Люция Семеновна, Аммосова Валентина Николаевна, Сивцева Екатерина Андреевна бааллар.
Бииргэ тѳрѳѳбүттэртэн соҕотох хааллым. Улахан эдьиийим Грязнухина Феодосия Серафимовна Торговкин Василий Егоровиһы кытта холбоһон, сэттэ оҕону тѳрѳтѳн олорон аастылар.
Улахан уруу-аймах да диэн суох. Эдьиийдээх күтүѳм икки тулаайах дьон холбоһон, харыларын күүһүнэн үлэлээн, оҕолорун кѳрѳн-истэн атахтарыгар туруора сатаатылар. Оҕолор үѳрэнэн, бэйэлэрэ сѳбүлүүр идэлэригэр, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Ыал буолан, оҕо тѳрѳтѳн, оҕолоро эмиэ ыал буолан сиэн оҕолору бэлэхтээн ньир-бааччы олороллор.
Мин кырдьар сааспар, оҕолор үтүѳ сыһыаннарыгар далбарга сылдьарбыттан үөрэбин. Бары кѳрѳн-истэн, хайдахпын билсэ-көрсө тураллар. Оҕо эрдэхпитинэ эрэйи-муҥу кѳрбүппүн умнан, билигин кырдьар сааспар оҕолор үтүѳлэринэн үѳрэ-кѳтѳ сылдьабын.
Түмүккэ барҕа махталбын тиэрдэбин. Дьолу-соргуну, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, ыраас халлааны, барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, үѳрэххитигэр үрдук ситиһиини, мэлдьи үѳрэ-кѳтѳ сылдьыҥ.
Лариса ГРЯЗНУХИНА.