Бу саас Саха сирин көрөөччүлэрин иннигэр сүрэхтэммит «Егор Чээрин» уус-уран киинэ Кыайыы күнүн иннинэ Москва киинэ тыйаатырдарыгар көстөн, элбэх хайҕабыллаах санаалары хомуйда. Саха киинэһиттэрэ кыра үбүнэн улахан киинэ хампаанньаларын бөдөҥ бырайыактарыттан итэҕэһэ суох таһымнаах киинэни усталлара өссө төгүл дойду киин куоратын кириитиктэрин дьиктиргэттэ.
Оттон бэйэбит дойдубут көрөөччүтэ бу күннэргэ киинэ оҥоруутун өссө биир атын өттө сайдан эрэрин үөрэ бэлиэтээтэ. “Лена” киинэ тыйаатырыгар “Кыайыылаахтар” тэрээһин чэрчитинэн Улуу Кыайыы туһунан документальнай киинэлэри көрдөрдүлэр. “Каассаны” хомуйар анала суох, артыыс талааныгар сигэммэт, үйэлэр нөҥүө кырдьыгы тиэрдэр аналлаах туспа киинэ жанра бэрт үрдүк таһымҥа тахсыбыта көһүннэ. Бу киинэлэртэн иккитин туһунан бу ыстатыйаҕа ырытыаххайыҥ.
“Буойун, учуутал, летописец”
Дьиҥэр, Иван Михайлович Павлов туһунан киинэ былырыын, Кыайыы 75 сылыгар ананан уһуллубут, сүрэхтэммит киинэ. Ол эрэн, дьаҥы утары тэрээһиннэртэн сылтаан, киэҥ эйгэҕэ тахсыыта тыаһа-ууһа суох ааспыта, биир дойдулаахтара Чурапчыга бэрт аҕыйах ахсааннаах буолан мустан көрбүттэрэ, уоннааҕылар киинэни Ютубка эрэ көрбүттэрэ. Ыам ыйын 6 күнүгэр “Буойун, учуутал, летописец” хартыынаны айбыт бөлөх киин куоракка аҕалан “Лена” киинэ тыйаатырга киэҥ экраҥҥа көрдөрдө. Киинэ сценарийын суруйбут Алексей Амбросьев, продюсер Надежда Кузьмина, режиссер Иван Кривогорницын оҥорбут үлэлэрин туһунан кылгастык кэпсээбиттэрин кэнниттэн киинэ саҕаламмыта.
Быйыл Иван Михайлович Павлов 100 сааһын бэлиэтиир сыл. Тохсунньу 31 күнүгэр 1921 сыллаахха Болугур нэһилиэгэр төрөөбүт уол оҕо уһун уонна дьикти олоҕу олорбута. Эдэркээн сааһыгар 1943 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, сэрии уотугар тиийэн хорсун буойун быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Хайдах курдук кырыктаах хабыр хапсыһыыларга түбэспитин туһунан Иван Михайлович бэйэтэ кэпсиирэ киинэҕэ баар. Сэрии биир күнүгэр сэттэ бааһырыыны ылбытын туһунан кэпсиир. Атаҕын, сыҥааҕын, тарбахтарын өстөөх буулдьата тэһэ көтөн ааспытын кэнниттэн сыыллан испитин туһунан илэ сэриилэспит туоһу бэйэтэ кэпсиирэ көрөөччүгэ ханнык даҕаны уус-уран киинэтээҕэр сытыытык сэрии алдьархайын туһунан санааны тиэрдэр.
Документальнай киинэ Иван Михайлович сэрии кэнниттэн олоҕун туһунан сиһилии кэпсиир. Хайдах кэлэн учуутал идэтигэр үөрэҕин салҕаабытын, уһун сыллар усталарыгар хас да көлүөнэ үөрэнээччилэри иитэн таһаарбытын туһунан хартыына кэлэр түһүмэҕэ туоһулуур. Ол кэнниттэн бэтэрээн олоҕун биир сүрүн ситиһиитин туһунан — сэриилэспит саха саллааттарын туһунан чахчылары хомуйуутун, буойуттар ааттарын умнуллубат гына кинигэлэргэ тиспитин туһунан кэпсиир түһүмэх саҕаланар. Иван Павлов дьаныардаах үлэтин түмүгүнэн 40-тан тахса кинигэҕэ летопись быһыытынан хомуллубут суруйуулар күн сирин көрбүттэрэ. Сүүһүнэн, тыһыынчанан Саха сириттэн барбыт саллааттар ааттарын тилиннэрэн, көмүллүбүт сирдэрин булан, буойун-летописец сөҕүмэр үлэни оҥорбут.
Чурапчылар биир дойдулаахтарын ытыктаан оҥорторбут киинэлэрэ бэркэ табыллыбыта көстөр. Алексей Амбросьев уонна Иван Кривогорницын бэйэлэрин эйгэлэригэр киэҥник биллэр маастардар буолаллар. Бииргэ оҥорбут саҥа киинэлэрэ ону өссө төгүл туоһулаата.
“Сэрии оҕолоро”
Бу айымньыны ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы күнүгэр сүрэхтиир биэчэри киинэ режиссера Сардаана Барабанова “Бу мультик буолбатах, бу анимация эбиилээх документальнай киинэ!” диэн сэрэтииттэн саҕалаабыта. Кырдьык, бу олус үрдүк таһымнаах хамсыыр уруһуйдарынан таҥыллыбыт киинэ оҕону аралдьытар “мультик” буолбатах эбит. Тоҕо бу ньыманы талбыттарый? Сардаана кэпсиир:
— Бу бырайыак 2017 сылга Таатта улууһун көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Бастаан сэриини оҕо сылдьан көрсүбүт 80-ча киһини кытта кэпсэтэн, роликтары устубутум. Ол кэнниттэн “хайдах быһыылаахтык бу истибиппин тиэрдэбин?” диэн ыйытыы турбута. Ол кэмнээҕи тыылга уһуллубут хроника суоҕун кэриэтэ, туоһулар ахтыылара эрэ баар. Былырыын Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранын ылан, үп көстөн, саҥа ньыманы тургутан көрөргө холоммуппут. Ол курдук, уруһуй көмөтүнэн уруккуну “тилиннэрэр” санаа үөскээбитэ.
Дьиҥэр, бастаан 50-ча уруһуйу интервьюлар быыстарыгар кыбытан киинэни сэргэхситэр былааннаах эбиттэр. Онтон үлэ кэмигэр улам кэҥээн, санаммыт бырайыак уларыйан, 200-тэн тахса уруһуй оҥоһуллубут, олор анимация көмөтүнэн хамсаан кэлбиттэр. Ити курдук, Саха сиригэр эрдэ оҥоһуллубатах киинэ саҥа сүүрээнэ үөскээбит.
Сэрии кэмнээҕи олохторун кырдьаҕастар, оччолорго 9-14 саастаах оҕолор, кэпсииллэрин истэр дьулаан даҕаны, умсугутуулаах даҕаны. Сэриилэспит дьонтон туспа көрүүлээх, атын олохтоох дьон кэпсээннэрэ сэрии өссө биир аҕыйахта ахтыллыбыт өрүтүн көрдөрөр. “Букатын дьиэбит кэннигэр сэрии кэллэҕэ диэммит куттал бөҕө буоллубут…”, “Убайым биир туйаҕы булан аҕалбытын туустаах ууга буһарбыта буолан, иһэн, тиниктээн аһаабыта буолбуппут…”, “Дьон ытаспыт харахтарын уулара күөл буолан, үрэх буолан түспүтэ…”
Уруһуйдаабыт художниктар Феодосий Заровняев, Станислав Захаров, кинилэргэ көмөлөспүт эдэр художник кыргыттар Юлиана Ксенофонтова, Лилиана Ермолаева олус итэҕэтиилээх, күүстээх үлэлэрэ былыр үйэҕэ умнуллубут көстүүлэри илэ көрдөрбүттэрэ бу киинэни туспа көрүүлээх, иһирэх хартыына оҥорон таһаарбыт.
Анимациялаах киинэ элбэх киһи сыралаах үлэтиттэн тахсар. Анимацияҕа Влад Потапов, Мария Софронова, Александр Костромыкин, Тим Третьяков, Надежда Ефимова үлэлээбиттэр, раскадровканы Сергей Слепцов, Кыйаара Юмшанова оҥорбуттар, монтаж режиссерунан Михаил Эверстов буолбут. Муусуканы Моисей Кобяков айбыт, тыаһы-ууһу Петр Скрябин таҥмыт.
“Күн оҕолоро” айар бөлөх дьаныардаах үлэтэ Саха сирин документалистикатын өссө биир олус күүстээх үлэнэн байыппыт.
Түмүккэ
Документальнай киинэ бүгүҥҥү күннээҕи сайдыыта санааны көтөҕөр. Саҥа технологиялар, айар айдарыылаах дьон баҕа санаалара, судаарыстыба уонна муниципальнай тэриллиилэр устуоруйаҕа интэриэстэрэ бииргэ түмүллэн, биир сүүнэ суолталаах үлэ тахсыбыт. Бүгүҥҥү ыксал-тиэтэл үйэҕэ сороҕор олус улахан суолталаах дьыалалар “кэлин оҥоһуллуохтара” диэн хаалан хаалаллар уонна улам умнуллуохтарын да сөп. Бу киинэлэр сыаната быһыллыбат сүдү суолталара — сүтэн эрэр устуоруйаны үйэлэргэ хаалларыы. Урукку кэм дьиҥнээх туоһуларын тыыннаах куоластарын бүгүн устубатахха, сүтэр, симэлийэр кутталлаахтар. Онон, бу курдук, кэлэр көлүөнэлэргэ умнуллубат өйдөбүл хааларыгар дьаныардаах, тохтоло суох үлэ бара туруохтаах.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru