Сэрии кэмин оҕолоругар көмө оҥоһуллар буолла

Бөлөххө киир:

Ил Түмэн дьокутааттара балаҕан ыйын 26 күнүнээҕи пленарнай мунньахтарыгар “1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах гражданнарга социальнай көмө миэрэлэрин туһунан” өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барылын иккис ааҕыыга ылыннылар.

Бу өр кэмнээх туруорсуу кэнниттэн ылыллыбыт сокуон буолар. 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах дьон “сэрии кэмин оҕолоро” диэн статустаннылар.

Ол чэрчитинэн, кинилэргэ маннык социальнай көмө баар буолла:

— ый аайы 1000 солк. төлөнөр. Сыл аайы индексацияланан, кээмэйэ улаатыан сөп;

— сылга биирдэ босхо диспансеризация;

— өрөспүүбүлүкэ иһигэр санаторнай-курортнай эмтэнии путевкатын 50 бырыһыана харчынан төлөнөр, эбэтэр путевка бэриллэр (сыанатын аҥарын биэнсийэлээх төлүүр) – үс сылга биирдэ;

— дьиэҕэ кэлэн социальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр өҥөлөрүнэн уочарата суох хааччыллыы уонна стационарнай, стационарнай аҥардаах социальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ уочарата суох киирии.

Бу көмө өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оҥоһуллар. Сэрии кэмин оҕолоругар анал дастабырыанньа бэриллэр.

Өскөтүн кини федеральнай, эбэтэр сокуонунан ити курдук атын социальнай көмөнү ылар бырааптаах буоллаҕына, бэйэтэ биирин талан ылар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0