Тохсунньу 20 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар “Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмигэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору социальнай өйөөһүн туһунан” сокуону олоххо киллэрэр туһунан уурааҕы ылынна. Сокуон 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр.
edersaas.ru
СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев быһаарбытынан, бу өр кэмнээх туруорсуу кэнниттэн ылыллыбыт сокуон буолар. Сэрии кэмигэр, иннигэр төрөөбүт оҕолор төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүттэрэ буолуой? Бу — оонньооботох оҕо саас, чугас дьону сүтэрии, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, кыһалҕа…
1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туола илик дьон “сэрии кэмин оҕолоро” диэн статустанан, бу өйөбүл миэрэлэринэн туһанар бырааптаннылар. Ол эбэтэр, 1945 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр төрөөбүт киһи бу чэпчэтиинэн туһанар.
Ол чэрчитинэн, кинилэргэ маннык социальнай көмө баар буолла:
— ый аайы 1000 солк. төлөнөр. Сыл аайы индексацияланан, кээмэйэ улаатыан сөп;
— сылга биирдэ босхо диспансеризация;
— өрөспүүбүлүкэ иһигэр санаторнай-курортнай эмтэнии путевкатын 50 бырыһыана харчынан төлөнөр, эбэтэр путевка бэриллэр (сыанатын аҥаарын биэнсийэлээх төлүүр) – үс сылга биирдэ;
— дьиэҕэ кэлэн социальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр өҥөлөрүнэн уочарата суох хааччыллыы уонна стационарнай, стационарнай аҥаардаах социальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ уочарата суох киирии.
Бу көмө өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оҥоһуллар. Сэрии кэмин оҕолоругар анал дастабырыанньаны сааһыары биэртэлээн барыахтара.
Өскөтүн кини федеральнай, эбэтэр сокуонунан ити курдук атын социальнай көмөнү ылар бырааптаах буоллаҕына (сэрии, тыыл бэтэрээнэ, эбэтэр инбэлиит), бэйэтэ биир ордугун талан ылар.
Биэнсийэлээх социальнай көмө управлениеларыгар бэйэтэ кэлэн, сайабылыанньа суруйуохтаах, төлөбүр тохсунньу 1 күнүттэн ааҕыллан барар (“перерасчет” оҥоһуллар). Өскөтүн 2020 сылтан эрэ сайабылыанньатын хойутатан суруйдаҕына, ол суруйбут күнүттэн ааҕыллар, хос ааҕыы оҥоһуллубат. Урут сэрии кэмигэр биир төрөппүтүн сүтэрбит тулаайах быһыытынан ый аайы төлөбүр ыла сылдьыбыт киһи сайабылыанньа суруйбат, тохсунньуттан киниэхэ эбии харчы онто да суох төлөнөн барар.
Сыл саҥатыгар социальнай управлениеларга сайабылыанньа суруйбут дьон испииһэктэрэ оҥоһулунна. Ол чэрчитинэн, 2600 киһи маннык көмөнү ылыан сөп. Сыл устата испииһэккэ баар дьон ахсаана эбиллиэн сөп.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru