СЭРИИ КЭМИГЭР “КЫЫМ” ТУГУ СУРУЙБУТАЙ? (САЛГЫЫТА)

Ааптар: 
08.05.2022
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ сэрии сылларыгар тахсыбыт “Кыым” хаһыат нүөмэрдэрин аахтым. Былыргы хаһыаттары ааҕыы бэрт элбэх санааны үөскэтэр. Суруйуу истиилэ, сахалыы сурук оччотооҕу кэмҥэ туруга, уонна сүрүнэ – оччотооҕу дьон олоҕо-дьаһаҕа, настарыанньата ырылхайдык бэриллэр. Сэрии саҕаламмыт 1941 сылыттан биэс сыл тухары хайдах курдук үлэлээн, толкуйдаан, сэрии көлүөнэтэ Кыайыыны уһансыбытын ааҕар долгутуулаах дьарык. Бу сирэйгэ сэрии биэс сылыгар биһиги хаһыаппытыгар тахсыбыт биэс кылгас ыстатыйаны ааҕааччыларбытыгар көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.    

Оҕолор колхоз производствотыгар активнайдык кытталлар

АММА. Амма-Haaxapa нэһилиэгинээҕи толорута суох орто оскуолатыгар үөрэнээччи «Өнньүөс» колхоз oҕoлopo — Mакapoв Коля, Леонтьева Еля, Павлова Катя, Федоров Сеня, Филиппова Маруся, Алексеева Аня у.д.а., барыта 12 оҕо, V, VI уонна VII кылаастары туйгун уонна үчүгэй сыананан бүтэрбиттэрэ. Кинилэр, үөрэхтэрин бүтэрээт, колхоз председателигэр кэлбиттэрэ уонна колхоз производствотыгар бииргэ сылдьан үлэлиэхтэрин туһунан баҕaлapын биллэрбиттэрэ. Колхоз председателэ oҕoлop ити көрдөбүллэрин толорбута. Оскуолaҕa колхоз 110 кубометр маһы бэлэм­ниэхтээх. Ону кини oҕoлорго быһа анаабыта уонна звено салайааччытынан комсомолец Макаров Е. анаммыта. Oҕoлop былааннаах үлэлэрин — 110 кубометр маһы кэрдиини бэс ыйын 20 күнүгэр бутэрэргэ эбэһээтэлистибэ ылыммыттара. Большевик тыла дьыалаттан арахсыбат. Эдэр патриоттар – Советскай оҕолор ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин чиэс­тээхтик толордулар. Ол курдук үөрэх oҕолоруттaн тэриллибит мас бэлэмнээччилэр звенолара күн ахсын 16-18 кубометр маһы кэрдэн-саһааннаан туруо­раллар. Оҕолор колхозка улахан күүһүнэн көстөллөр. Өскөтүн  саһаан охсуутугар колхозтаахтартан анаабыт буоллар, элбэх киһи күнэ тахсыах этэ. Онон oҕолор улахан киһи күнүн таһааттарбакка, биир улахан эппиэттээх үлэни ситэрдилэр. Билигин киннилэртэн үгүстэрэ аһыҥаны утары охсуһууга туруннулар, oҕoлop сайын, от-бурдук хомууругар ыччат биригээдэтин тэрийэр туһунан тыл киллэрэллэр. Кинилэр бaҕалаpa толоруллуоҕа. Биһиги оҕолорбут чиэстээх, үрдүк тайаарыылаах үлэлэринэн хаан өстөөх — немецкэй фашизм өлөр чааһын чугаһаталлар!

А. Саввинов

“Кыым”, бэс ыйын 23 күнэ,

1943 с. № 130

Итэҕэстэри туоратыахха

МАЙА. («Кыым» корр. телеф.) Колхозтар ыһыыга бэлэмнэнии­лэригэр государственнай комиссия бэрэбиэркэлээн тутуута саҕаланна. Аҕыйах хонуктааҕыта комиссия Холгума “Коммунист” колхоз ыһыыга бэлэмнэниитин бэрэбиэркэлээн тутта. Артыал 185 гаа сиригэр туорахтаах культуралары ыһарга анаан 221 центнер сиэмэни ыраастаан ыһыллар кондициятыгар тириэрдэн уурбут. Сиэмэ ыһыллар учаастактарыгар тиэйиллибит. Быйыл колхозка 3,2 гаа сиригэр оҕуруот аһа уонна 6 гаа сиригэр хортуоппуй олордуллар. Итиниэхэ билигин тиийэр сиэмэнэн толору хааччыллыбыт.

Тыа хаһаайыстыбаннай массыыналар ремоннара 38 булуук, 39 барамньы, 3 сеялка, 2 дисковай барамньы, 2 культиватор, 2 тэлиэ­гэ  үчүгэй хаачыстыба­лаахтык оҥоһуллан тутуллубуттар. Ыһыыга былаан быһыытынан 108 көлө наада буолар, итиниэхэ билигин 128 көлө баар, кинилэр орто уойуулаахтар, кинилэртэн 47 ат сынньалаҥҥа күүстээх аһатыыга турар.

Комиссия колхоз ыһыыга бэлэмнэниитигэр кэккэ итэ­ҕэстэри, ситэ оҥоһуллубатахтары ыйда. Ол иһигэр рассадниктар бэлэмнэнэ, сиэмэ эмтэрэ булулла, көлө сэптэрин ремоннааһын бүтэриллэ иликтэрэ ыйылыннылар. Ити итэҕэстэри колхоз салайааччылара сотору бириэмэ иһигэр туораталларыгар сорулунна.

Н.Евсеев.

“Кыым”, муус устар 22 к.

1944 с. № 80.

Ыһыаҕы атаарыахпыт

Биһиги колхозпут быйыл тyopaxтаах культура ыһыытын алта күн иһинэн бүтэрдэ. Ыһыы кэнниттэн тута сааскы эрдэтээҥи паардааһыҥҥа киирбиппит.

Былаан быһыытынан 130 ганы паардыырбыт оннугар, үлэни сатаан тэрийэммит, 150 гааны паардаатыбыт. Паардааһын үлэтэ кыайыылаахтык ыытыллыбытын трактордар тохтоло суох үлэлээһиннэрэ хааччыйда. Ол курдук, Саха АССР Верховнай Советын депутата, тракторист Николай Степанов ЧТЗ тракторынан күннээҕи сорудаҕын 135 бырыһыан, оттон ХТЗ тракторга үлэлээччилэр Константинов Н., Старостин Е. сорудахтарын балтараалыы төгүл толортоотулар. Булуугунан хорутааччылар Анна, Елена Петровалар 0,60 гааны хоруталларын оннугар 0,85 гааны хоруттулар.

Биһиги паардааһын үлэтин оройуоҥҥа аан бастаан кыа­йыылаахтык бүтэрэн бараммыт ыһыах бырааһынньыгар көрдөрүүлээхтик бэлэмнэнэн эрэбит. Ыам ыйын 25  күнүттэн 15 биэни тутан ыыбыт. Барыта 15 центнер кымыһы бэлэм­ниэхтээхпит. Ыһыаҕы атаарыыга колхозка 5 киһилээх комиссия тэриллэн үлэлиир. Манна спортивнай-физкультурнай бэлэмнэнии колхозтаах ыччаттартан сүүмэрдэнэн тэрилиннэ.

Билигин ыһыахха саха национальнай көстүүмнэрин, былыргы иһиттэри бэлэмниибит. Номнуо 40 чороон онтон да атын иһиттэр бэлэмнэннилэр.

Бу күннэргэ колхозтаахтар ыһыах буолуор диэри эт, арыы төлөбүрдэрин олоччу бүтэрэргэ, хомуур бэлэмин, сиилэс дьаамаларын ыраастааһыны бүтэрэн тиийэргэ эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлииллэр.

М. ТОЛСТЯКОВА,

Таатта оройуонун Ворошилов

аатынан колхоз председателэ.

“Кыым”, бэс ыйын 6 күнэ,

1945 с. № 111.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0