Бу күннэргэ сэрии сылларыгар тахсыбыт “Кыым” хаһыат нүөмэрдэрин аахтым. Былыргы хаһыаттары ааҕыы бэрт элбэх санааны үөскэтэр. Суруйуу истиилэ, сахалыы сурук оччотооҕу кэмҥэ туруга, уонна сүрүнэ – оччотооҕу дьон олоҕо-дьаһаҕа, настарыанньата ырылхайдык бэриллэр. Сэрии саҕаламмыт 1941 сылыттан биэс сыл тухары хайдах курдук үлэлээн, толкуйдаан, сэрии көлүөнэтэ Кыайыыны уһансыбытын ааҕар долгутуулаах дьарык. Бу сирэйгэ сэрии биэс сылыгар биһиги хаһыаппытыгар тахсыбыт биэс кылгас ыстатыйаны ааҕааччыларбытыгар көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.
Майа дьахталларын бэлэхтэрэ
МАЙА, балаҕан ыйын 18 күнэ. («Кыым» корр.).
Майа сэлиэнньэтигэр олорооччу дьахталлар миитиннэрэ үрдүк өрө көтөҕүллүүнэн барда. Миитиҥҥэ 60-тан тахса дьахталлар сырыттылар. Aҕa дойдуну көмүскүүр сэриилэһиини уонна дьахталлар соруктарын тустарынан дакылааты учительница таб. Протопопова Ульяна оҥордо. Кэпсэтиигэ 20-чэ дьахталлар тыл эттилэр. Кинилэр гитлеровскай талааһынньыттары советскай сир ньууруттан имири эһэри түргэтэтэргэ туох кыалларын барытын биэрэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр. Mитинг кэнниттэн дьахталлар сонно тута бэйэлэрин ордук итии таҥастарын, үптэрин, сыаналаах малларын Кыһыл Apмияҕа, оборона фронугар биэрэргэ эттилэр. Промышленнай комбинат үлэһитэ таб. Александрова Анна 400 солк. сууммалаах облигацияны, 10 куобах тириитин, 2 манньыаты туттарда.
Maйатааҕы МТС үлэһитин кэргэнэ таб. Григорьева Анна Кыһыл Армия байыастарыгар биир түүлээх бэргэһэни, биир паара үтүлүгү уонна оборона фонугар үрүҥ көмүс үрүүмкэни, луосканы биэрдэ. Майа сэлиэнньэтин дьахталларыттан митинг кэнниттэн барыта 7 ичигэс бэргэһэ, 4 паара кээнчэ, 8 паара үтүлүк, 3 телогрейка, 2 баата бүрүүкэ, 55 куобах тириитэ, 2 сылгы тириитэ киирдэ. Миитиҥҥэ кыттыыны ылбыт Хара нэһилиэгинээҕи Сталин аатынан колхоз ферматын үлэһиттэрэ тт. Егорова Фекла, Григорьева Мария 2 паара кээнчэни, 2 паара үтүлүгү, таб. 3axapова Анастасия биир бэргэһэни, биир паара үтүлүгү биэрдилэр. Кинилэр итини таһынан оборона фонугар үрүҥ көмүс сүрэхтэри, ытарҕалары уонна 5-тии солкуобайдаах манньыаттары биэрдилэр.
К. Дьячковскай
“Кыым”, балаҕан ыйын 20 күнэ, 1941 с. № 223
Куоппут киһи кэпсээнэ
КАРЕЛЬСКАЙ ФРОНТ, тохсунньу 7 күнэ. (ССТА аналлаах корреспондена).
Мурманскай туһаайыыга сэриилэһэр биһиги подразделениеларбытыттан биирдэстэригэр көтөх, сындалыйбьгт киһи кэлбитэ. Кини кыһыл армеецтарга винтовкатын биэртэ уонна эппитэ: «Түксү! Аны сэриилэһиэхпин баҕарбаппын. Бу кэннэ күүс суох». Бу германскай армия саллаата, 143-с хайа егерскэй полкатын иккис батальонун, 6-с ротатын ыстаарсай стрелога — пулеметчик Алоиз Матерсберг этэ. Кини сааһа 20, ол эрээри кини оҕонньор курдук көстөр. Матерсберг кирдээх сайыҥҥы таҥаһы таҥныбыт. Үлүйбүт атахтарыгар — куһаҕан баҕайы тирии бачыыҥка. Төбөтүн тирээпкэнэн кэлгиммит, ол үрдүнэн — сайыҥҥы пилотка. Пилотка анныттан дарбайа испит, үлүйбүт кулгаахтар даллаһан көстөллөр.
Куотан кэлбит киһи кэпсиир:
— Биһиги чаастарбыт улахан сүтүктэри ыллылар. Биһиги ротабытыгар баар 210 киһиттэн сэтинньи 20 күнүттэн ыла 120 киһи өллө. Итиниэхэ 40 үлүйбүт дьоннору ааҕыллыбат. Саллааттар физическэй туруктара быста дьүдэйдэ. Биһиги кыһыҥҥы тымныылартан бэрт улаханнык эрэйдэнэбит. Үлүйбүттэр атын да роталарга бэрт элбэхтэр. Кинилэри кэнники бириэмэҕэ диэри лазареттарга ыыппатахтара, оттон суукка биэртэлииллэрэ. Биһиэхэ үлүйбүттэри «бэйэҕэ тиийиммиттэринэн» көрөн сууттууллар. Биһиги чаастарбытыгар киһи улаханнык тиийбэтэ биллэр. Ол иһин оннооҕор дьоннор ытыллар кутталынан инники позицияларга ыытыллаллар. Офицердар саллааттарга сидьиҥник сыһыаннаһаллар.
Мин шинелим биир тимэҕин ситэ тимэхтэммэтэҕим иһин, ол эрэ буруйбар, майор Рейтель миигин хаар устун 30 метрэ сиргэ сыылларбыта. Хас биирдии атака иннигэр офицердар сэрэтэллэр: «Кимэн киириигэ ким барбатах, сонно ытыллыаҕа», — диэн. Саллааттар Германия кыайыа диэн эрэммэттэр уонна бу туһунан бэйэлэрин икки ардыларьгар үгүстүк кэпсэтэллэр, советскай листовкалары ааҕаллар, ол эрээри кинилэри офицердартан кичэллээхтик кистииллэр. Дьиэбититтэн биһиги аймалҕаннаах суруктары ылабыт. Маҕаһыыннарга туох да суох. Гитлеровскай авантюра кинилэргэ ыарахан охсуулааҕын немецкэй народ өйдөөн эрэр.
В. Лизин
“Кыым”, тохсунньу 13 күнэ, 1942 сыл. № 11
Егор Карпов, «Саха сирэ» оҥордо