Сэрии бэтэрээннэригэр төлөбүр бэриллиэ

Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 73 сылынан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылаахтарыгар, огдооболоругар көмөнү оҥорор туһунан Ил Дархан Егор Борисов 2510  N-дээх укааһа таҕыста.

Ол чэрчитинэн, биирдэ бэриллэр көмөнү биэриэхтэрэ:

— сэрии бэтэрээннэригэр, инбэлииттэригэр – 15 тыһ. солк.;

— сэриигэ өлбүт буойуттар огдооболоругар – 10 тыһ. солк.;

— “Ленинград блокадатын олохтооҕор” – 10 тыһ. солк.;

— сэрии бэтэрээннэрин огдооболоругар – 5 тыһ. солк.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ ыам ыйын 9 күнүгэр диэри төлөбүрү тиэрдиэхтээх. Бу биирдэ бэриллэр төлөбүр СӨ “2018-2022 сс. СӨ гражданнарын социальнай өйөөһүн” бырагырааматыттан үбүлэнэр.

Ыспыраапка

Арассыыйаҕа былырыын 1,8 мөлүйүөн сэрии бэтэрээнэ, инбэлиитэ баара. 2016 сыллаахха 2,1 мөлүйүөн этилэр. 1,28 мөлүйүөн тыыл бэтэрээнэ, 22,4 тыһыынча сэрии огдообото, 113,5 тыһыынча Ленинград блокадатын олохтооҕо баара.

Саха сиригэр былырыын 158 сэрии бэтэрээнэ, 930 сэрии огдообото, 7506 тыыл бэтэрээнэ бааллара.

Сыл ахсын бэтэрээннэр ахсааннара аҕыйаан иһэр. Ынырыктаах сэрии ыарахаттарын тулуйбут, аан дойдуну фашизмтан быыһаабыт дьоруой көлүөнэ көҕүрүүр… Соччонон кинилэргэ махтаныы, көмөлөһүү, бэтэрээннэр холобурдарынан үүнэр көлүөнэни иитии күүһүрэн иһиэхтээх.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0