Сэрии бэтэрээнэ төрөөбүт Чочутуттан идэһэ бэлэх тутта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгиттэн төрүттээх ытык киһиэхэ Кирилл Павловка олохтоох дьаһалта Саҥа дьыллааҕы бэлэҕин туттарда.

edersaas.ru

Ол курдук, бу күннэргэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Кирилл Павлов нэһилиэк салалтата быйылгы идэһэттэн сибиэһэй кэһии онорон ыыппытын тутан үөрдэ.

Сэбиэскэй-партийнай үлэ бэтэрээнэ ахтар-саныыр төрөөбүт түөлбэтин аһын амсайан, биир дойдулаахтарыгар истиҥ махталын тиэртэ. Улуу Кыайыы сылыгар ытык бэтэрээн Саҥа дьылы көрсө ас-үөл бэлэҕи тутара, тустаахха ураты күндү буоллаҕа.

Бу маннык бастыҥ кэһиилээх үтүө сонун үксүү турдун!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Чочу нэһилиэгин дьаһалтатын инстаграмыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0