Сэрии

Ааптар:  Максим Ксенофонтов
Бөлөххө киир:
"Сэрии!" диэн суостаах тыл 1941 сыл сайыныгар Чкалов холкуос ыалларын тилийэ көппүтэ.

Дьон-сэргэ сэрии буоларын эрдэттэн билэр, сэрэйэр курдуктара. Саас, ыһыы үлэтин быыһыгар, Ньурба оройкомуолуттан тахсыбыт боломуочунай холкуостаах эдэр уолаттары, эр дьону мунньан, үс күннээх байыаннай үөрэх ыыппыта. Байыаннайдыы хаамарга, бинтиэпкэнэн ытарга үөрэппитэ. Балаһыанньа кытаанаҕын, сэрии буолар түгэнигэр Кыһыл Аармыйа өстөөх сиригэр, аныгы тиэхиньикэ көмөтүнэн кылгас кэм иһигэр кыайарга бэлэмин, Аҕа дойдуну көмүскүүргэ уолаттар, эр дьон бэлэм буолуохтаахтарын кэпсээбитэ. Боломуочунай кэлэн барбытын кырдьаҕас Сүөкүлэ эмээхсин «сэриини түүйдэ» диэн, букатын сөбүлээбэтэҕэ. Онтун тастыҥ сурдьугар Көстөкүүн Саабынапка эппитэ. Көстөкүүн: «Туох буолан иһэр? Көрүллүө», — эрэ диэн кэбиспитэ.

Ыам ыйыгар биирдэ эрэ кыратык самыыр түспүтэ. Бэс ыйыгар букатын ардаабатаҕа. Кураан сайын кэлэн иһэрэ биллибитэ.
Бэс ыйын саҥатыгар, биир киэһэ, халлаан устун уот холлоҕос устан ааспыта. Кириилэ онтон иһигэр ытырыктата санаабыта.

Сэрии саҕаламмытын туһунан Малдьаҕартан кэлэн Акыым кэпсээбитэ. Фашистар саба түспүттэр үһү.

Курааннаан, бурдук сайын аанньа үүммэтэҕэ. Ходуһаҕа сэрбэйбит оту аһыҥа уоттуу салаабыта. Холкуостаахтар куулу айаҕын атытан, икки өттүттэн тутан, ходуһа устун хаамаллара. Куул быһаҕаһынан аһыҥа туолара. Ону тиит лабаатыгар ыйаан кэбистэхтэринэ, куйаастан ууллан, аһыҥа арыыта таммалыыра. Букатын кыра от оттоммута. Күөл кытыытыгар дьааттаах от бөлчүөктэрэ үүммүтэ. Икки хас ыал сүөһүтэ оннук, «аһыы оту» сиэн өлбүтэ.

Холкуоска оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин хаалбыта.

Баһылай балта Иэлэлиин ыһыыга оҕус сиэтэллэрэ, сайын от мунньаллара, күһүн бурдук быһыытыгар сылдьаллара, сир астыыллара.

Сэрии бастакы, иккис сылларыгар уот кураан сатыылаан, отон даҕаны үүммэтэҕэ. Сииктээх, муохтаах тыаны кэрийэн, хордьоҥнук үүммүт отону итигэстээн, балтынаан биир эмэ тууйас отону булан кэлэллэрэ. Аҕалара Кириискэ бултаан, балыктаан кэллэҕинэ чугастааҕы ыалларыгар бэрсэрэ. Хомуллубут бурдук судаарыстыбаҕа туттарыллан, дохуокка быыкаа бурдук атаҕа кэлэр буолбута. Кыһын, тымныйан, сэбиргэхтэтэн баран, ийэлэрэ Маарыйа өлөн хаалбыта. Баһылайдаах Иэлэ тулаайах аҥаардаах хаалбыттара.

Чкалов холкуостан сэриигэ, араас кэмҥэ ыҥырыллан, уон икки киһи барбыта. Олортон уон биирэ төрүт-уус Мохулу дьоно, биир күтүөт киһи этэ. Сэрииттэн Мохулу уолаттара, эр дьоно бары этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ.

Наҥнайдар эбэлэрэ эмээхсин: «Эбэбит барахсан оҕолорун араҥаччылаан, төттөрү аҕалтаата», — диэбитин, Баһылай өйдөөн хаалбыта. «Күөлбүт, эбэбит, сүдү күүстээх эбит», — диэн оҕотук өйүгэр хатаан кэбиспитэ. Сэрии бүтэр сылыгар өҥ дьыл эргийбитэ. Бурдук, от дэлэйдик үүммүтэ.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0