«Сүлүһүннээх таптал» сериал иккис чааһа тахсыа

15.08.2019
Бөлөххө киир:

Дьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт «Сүлүһүннээх таптал» диэн сахалыы сериал иккис чааһа “Эргиллии” диэн ааттанан, сэтинньи ыйтан күөх экраҥҥа тахсыаҕа. Билигин киинэ сорох сыаналарын Тулагыга уста сылдьаллар. Ол кэннэ Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгэр айанныахтара.

“Сүлүһүннэх таптал” сериал иккис чааһын устубуттара ый буолла. Киинэҕэ идэтийбит артыыстары таһынан, кастинг түмүгүнэн артыыс идэтэ суох үс киһи уһулла сылдьар. Маны тэҥэ маассабай сыанаҕа олохтоох нэһилиэнньэ эмиэ кыттар.

“Киэһэ аайы дьон сынньана таарыйа көрөр киинэлэрэ буоллаҕа дии, ол иһин уратыта элбэх”, – диэтэ сериал артыыһа Роман Атласов.

Киинэ 40 мүнүүтэлээх, 16 серияттан турар. Устар бөлөх уларыйбата.

Сценарийы бастакы сезон ааптара Саха сирин үтүөлээх суруналыыһа Сардаана Сивцева – Даана Сард суруйда. Оттон режиссеринэн Елена Эверстова үлэлии сылдьар.

Иккис сезоҥҥа номнуо ааспыт үйэ 70-с сыллара буолбакка, билиҥҥи кэм көстөр.

“Саха” НКИХ бу эрэ сериалынан муҥурдаммат, биһиги былааммыт элбэх. Ол курдук икки саҥа сериалы устан саҕалыахпыт. Онон, түгэнинэн туһанан, сарсын сарсыарда 10 чаастан кастинг оҥоробут. Сериалларга уһуллуон баҕалаахтары, 18-20 саастаах ыччаты уонна 30-50 саастаах дьону ыҥырабыт”, – диэтэ “Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии” сериал продюсера Марина Пермякова.

Бу сериал ааспыт кыһын күөх экраҥҥа тахсан, дьон сэҥээриитин ылбыта. Дьиҥ олоххо буолбут түгэни санатан, дьону долгуппута. Хаһыат, араадьыйа, интэриниэт нөҥүө элбэх киһи санаатын эппитэ.

Күөх экраҥҥа быйыл тахсар саҥа, буруолуу сылдьар сериал көрөөччүтүн булара саарбаҕа суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0