Серго Сидоров: «Үҥкүүһүт буолан биллиэхпин-көстүөхпүн баҕарарым»
Кэбээйи 16 саастаах үҥкүүһүт уола Серго Сидоров кылгас кэм иһигэр “сулус” буолла. Кини футболга аан дойду чөмпүйэнээтин үөрүүлээх сабыллыытыгар кытынна. Көннөрү кыттыбата, кини аан дойду таһымнаах биллэр артыыстары – Уилл Смиты, Эра Истрефины, Ники Джемы кытта биир сыанаҕа туран үҥкүүлээтэ. Серго оҕо эрдэҕиттэн ыраламмыт санаата туолан, үөрэ сылдьар.
— Серго, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр.
— Мин Сергей диэн ааттаахпын, үҥкүүлүүр буолуохпуттан Серго диэн никнейм (таптал аат) ылыммытым. Төрөппүттэрим Кэбээйи улууһун Лүксүгүн сэлиэнньэтиттэн төрүттээхтэр, Дьокуускайга олоробут. Ийэм – атыыһыт, аҕам – электрик. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт: убайдаахпын уонна икки бырааттаахпын. “Айыы кыһата” оскуолаҕа бастакы кылаастан үөрэнэбин, онус кылаас буоллум.
— Үҥкүүнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанан саҕалаабыккыный?
— Кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьаммын тустуунан үлүһүйэ сылдьыбытым. Үөрэҕим кэнниттэн саалаҕа тиийэн эрчиллэр этим. Онтон төрдүс кылааһы бүтэрээри сырыттахпына, Дьокуускайга хип-хоп үҥкүү долгуна кэлбитэ. Дьон хамсанарын көрөн, үҥкүүлүөх санаам кэлбитэ. Дьиэбэр ону сэмээр үтүктэн, интэриниэти хасыһан, илиибин-атахпын үөрэтэн саҕалаабытым. Оҕотук санаабар, үҥкүүһүт буолан биллиэхпин-көстүөхпүн санаталаан ылбыт даҕаны кэмнэрдээҕим. Доҕотторбун кытта оскуолабытыгар үҥкүүлээччибит. Онтон кастинг ааһан, “Zavod” (дириэктэр Ньургуйаана Яковлева) бөлөх үҥкүүһүтэ буолбутум, күн бүгүҥҥэ диэри манна дьарыктанабын. Хип-хоп үҥкүүлэри толоробут, мин поппинг истиили ордоробун. Манна сүүһүнэн оҕо дьарыктанар, тириэньэрбит Андрей Степанов – Ламут диэн. Бөлөхпүтүнэн Саха сирин эрэ буолбакка, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах куонкурустарга куруук ситиһиилээхтик кыттабыт.
Уилл Смиттыын үҥкүүлээтим
— Футбол чөмпүйэнээтин сабыллыытын тэрийээччилэр эйигин хайдах булбуттарый?
— Футболга аналлаах видео-килиип устубуппут уонна интэриниэккэ укпуппут. Ону көрөн ыҥырдылар быһыылаах дии санаабытым. Оннук буолбатах эбит. Сабыллыыны тэрийээрилэр үҥкүүһүттэри талаары, кастинг оҥорбуттар. Онтон биир уолу талбыттар, атыттары сыыйбыттар үһү. Менеджер инстаграм лиэнтэтин хаһа олорон, мин страницабын булбут. Араҥас дьүһүннээх өрүллүбүт баттахпын, нууччалартан атын сирэйдээхпин бэлиэтээбит, тэрийээччилэргэ көрдөрбүт уонна ыҥырарга санаммыттар. Онон, нууччалыы эттэххэ, миэхэ “повезло”.
— Ыҥырыы кэлбитигэр соһуйбутуҥ дуо?
— Дьокуускайга ол кэмҥэ оруобуна Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар буола турбуттара. Биһиги бөлөхпүтүнэн оонньуулар култуурунай чааһыгар кыттыбыппыт. Бэлэмнэнэ сырыттахпына, арай, төлөпүөнүм тыаһаа да тыаһаа буолла. Ким суруйдаҕай диэн ылан көрбүтүм, аан дойдуга аатырар үҥкүүһүт Ника Клюн инстаграммар суруйбут этэ, мин олус соһуйбутум уонна долгуйбутум. Никаны уруккуттан билэбин, 2016 сыллаахха Америкаҕа сылдьан, кини маастар-кылааһыгар кыттыбытым. Итэҕэйбэккэбин, “кырдьык, Ника Клюн суруйда дуо?” диэммин страницатын хаста даҕаны бэрэбиэркэлээбитим. “Сабыллыыга үҥкүүлүү кэл, айаҥҥын, олороргун барытын уйунабыт” диэбиттэрэ, онон тута Москваҕа көппүтүм. Көтөн тиийээппин кытта массыына ыытан көрсүбүттэрэ, пуортан бэлэмнэнэр саалаҕа тиийбиппит. Мин тиийиэм иннинэ үҥкүүһүттэр номнуо икки күн эрчиллибиттэр этэ. Ол даҕаны буоллар, түргэнник барытын ылыммытым. Биэс күн устата уоннуу чаас дьарыктаммыппыт, бииргэ үҥкүүлээбит дьоммун кытта олус тапсыбытым. Манна “Танцы на ТНТ” күрэхтэһии кыайыылааҕа Виталий Уливанов, Майамиттан сылдьар колумбийка кыыс уонна Москва үҥкүүһүттэрэ бааллара.
— Уонунан тыһыынча киһи көрөн олордоҕуна аан дойду таһымнаах артыыстары кытта биир сыанаҕа үҥкүүлүүр хайдах эбитий?
— Сабыллыы буола илигинэ, икки күн бары тэҥҥэ дьарыктаммыппыт. Үҥкүүһүттэр бэйэбит кэпсэтэ олордохпутуна, арай кулгааҕым кырыытынан билэр куоласпын истэн аһарбытым. Хайыһан көрбүппүт, Уилл Смитт кэлэн турар этэ, илии тутуһан дорооболоспуппут. Тэрийээччилэр барыбытын билиһиннэрбиттэрэ. Миигин ыраах Саха сириттэн сылдьар, онно кыһынын -50 кыраадыска тиийэ тымныйар диэбиттэригэр олус соһуйбута. Кини ырыатын үҥкүүбүтүнэн киэргэтэрбит иһин махтаммыта. Бу ааспыт күннэр – олохпор биир саамай үөрүүлээх уонна умнуллубат күннэр. Билэр-билбэт дьонум бары мин туспар үөрбүт этэ. Төлөпүөнүм “оргуйан” олорбута, өссө хаһан даҕаны харбат бэйэтэ, аны харан хаалбыта (күлэр).
Оскуолабар сэмэлэммитим
— Төрөппүттэриҥ үҥкүүлүүргүн утарбаттар дуо? Оттон учууталларыҥ оскуолаҕа муодунай бүрүчүөскэлээх, татуировкалаах сылдьаргын көҥүллүүллэр дуо?
— Дьонум бастаан утаа үҥкүүнэн дьарыктанарбын сөбүлээбэтэхтэрэ. Кэнсиэрдэртэн, күрэхтэһиилэртэн киэһэ хойут бүтэбит, ону “эйигин кэтээн сүгүн утуйбаппыт” дииллэрэ. Кэлин санаалара уларыйбыта, төттөрүтүн, куруук күүс-көмө, өйөбүл буолаллар. Оттон оскуолабар бастаан сэмэлэммитим, ол эрээри бу үҥкүүһүт быһыытынан истиилим буоллаҕа дии. Билигин өйдүүллэр, үҥкүүлүүрүм үөрэхпэр мэһэйдээбэт, төһө кыалларынан кыһаллабын.
— Оскуоланы бүтэрэриҥ икки сыл хаалбыт эбит, инники идэҕин быһаарыммытыҥ дуо? Идэтийбит үҥкүүһүт буолаҕын дуу?
— Билиҥҥитэ бу туһунан, хомойуох иһин, улаханнык толкуйдуу иликпин. Киин үөрэх кыһатыгар үөрэниэх санаалар киирэллэр, Дьокуускайга хаалыахпын эмиэ баҕарабын. Үҥкүүбүн бырахпаппын, үлэһит буоллахпына даҕаны, үҥкүүлүү сылдьыаҕым.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар Серго архыыбыттан.