«Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүү айар ыччаты ситимниир
«Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх,
Сурэхпэр мин эмиэ эйиигин.
Уот таптал ахтылҕан аргыстаах
Кэрэкэ кэмнэрим диэн этиэм…” — диэн бэйиэт, учуутал Рустам Каженкин ырыа буолбут хоһоонун тылларын үгүс дьон билэрэ буолуо. Бу мантан сиэттэрэн суруйуум сүрүн чааһын саҕалыыбын.
Саха сирин бүттүүнүгэр биллэр «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүү баай устуоруйалаах. Ол курдук, устуоруйа кэрэһиттэрэ буолбут урукку альбомнартан бэйиэт Моисей Ефимов маннык суруйбутун булан аахтыбыт: «1948 сыллаахха күһүн Якутскайдааҕы пединститут иһинэн институт преподавателэ, поэт Семен Данилов салайааччылаах литературнай куруһуок тэриллибитэ».
Куруһуок үлэтин 1966-1986 сылларга салайбыт Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн маннык суруйан турардаах: «Куруһуок үлэтин сүрүн хайысхатынан устудьуоннар уус-ураннык суруйууларын дьүүллээһин, ырытыы, сүбэ-ама биэрэн инникигэ өссө көҕүлээһин буолар». Куруһуокка Тимофей Сметанин, Иван Гоголев-Кындыл, Моисей Ефимов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Василий Сивцев, Василий Гольдеров, Егор Неймохов, Николай Винокуров-Урсун, Варвара Потапова, Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, Ольга Корякина-Умсуура, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин уо.д.а. элбэх араас көлүөнэҕэ биллэр-көстөр суруйааччылар, бэйиэттэр үөрэммиттэрэ, сылдьыбыттара.
1987–1989 сс. – поэт Анатолий Старостин-Сиэн Кынат, 1989–91 сс. – Николай Винокуров-Урсун, 1992–1993 сс. – Егор Неймохов, 1997-1999 сс. – М. Борисова, 2009-2011 сс. – Елена Архипова, 2012-2013 сс. — Рустам Каженкин, Гаврил Андросов салайан үлэлэппиттэрэ.
Салгыы ХИФУ ХИНТуоКИ саха литературатын кафедратын дассыана, филология билимин хандьыдаата Матрена Петровна Попова салайан саҕалаабыт. Уйгулаана Портнягина, Наталья Данилова, Юлия Данилова, Варвара Турнина, Сандаара Тобонова, Александра Иннокентьева, Валентина Андреева, Жанна Иванова, Айаал Молокотин, Артем Осипов, Ньургун Захаров, Егор Егоров курдук чаҕылхай айар ыччаттар өрө күүрүүлээхтик куруһуокка дьарыктаммыттара, айымньы арааһын айбыттара. Дэлэҕэ, 2019 сыллаахха ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр түмсүү Хакасия өрөспүүбүлүкэтигэр литературнай лааҕырга сылдьан кэлбитэ. Ону таһынан, кинигэ таһааран көччөх көтүппүттэрэ. Биһиги убайдарбыт, эдьиийдэрбит холобурдарын ыламмыт, билигин сайда-үүнэ сылдьабыт.
«Сэргэлээх уоттара» коронавирус ыарыыттан үлэтэ тохтуу быһыытыйбыт. Быйыл сөргүтүөххэ, салҕыахха, мин эмиэ хоһоон суруйуутугар холонуом, литература киэҥ байҕалын билиэм, тарҕатыам этэ диэн эмиэ биһиги институппут устудьуона Сибэкки Заровняева этии киллэрбитэ.
Ол курдук, олунньу ыйтан үлэбитин саҕалаан, билиҥҥи туругунан, уонтан тахсабыт. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр «Суруйааччылар куоластара үйэни уҥуордаан» тэрээһини түмсүү чилиэннэрэ иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Кулун тутар ыйга Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ сиригэр-уотугар тахсан уоланнар ааҕыыларыгар дьүүллүүр сүбэ быһыытынан кыттыыны ылан кэлбиппит. Бэйиэт, быраас Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах уонна Анастасия Сорокоумова «Саһарҕа хоптото» кинигэлэрин сүрэхтэниитигэр хоһоон аахпыппыт. Суруйааччылар айар киэһэлэригэр сылдьабыт, эйгэбитин хаҥатабыт, сахалыы тыл сүмэтин сомсобут. Сэҥээрэр, холобур оҥостор Наталья Михалева-Сайа, Константин Эверстов биһирэмнэригэр, Альберт Бүлүүйскэй «Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан…» кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан астыммыппыт.
Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун устудьуоннара Сибэкки Заровняева, Алексей Борисов, Камила Михайлова, Анжелика Григорьева, Михаил Лукачевскай, Дайаана Еремеева, Констанция Яковлева, Сайыына Черкашина, Сайыына Шамаева, Ася Новгородова, Зоя Юмшанова көхтөөх кыттыылаахтарынан буолаллар. Соторутааҕыта бары түмсэн хоһооннорбутун ырытыспыппыт. Хас биирдиибит ураты көрүүлээх, кыра да буоллар, айымньылаах, айар сүгэһэрдээх.
Сандал сааска үктэмиччэ, айымньыларбытын ситэрэн-хоторон бэчээттэтээри, тарҕатаары бэлэмнэнэ сылдьабыт.
Литература улуу күүстээҕэр итэҕэйэбит. Сыалы-соругу торумнуубут, былааммыт элбэх, ыырбыт киэҥ. Айар куттаах устудьуоннары биһиги түмсүүбүтүгэр ыҥырабыт!