Бастыыр иһин 32 устудьуон илин-кэлин түһүстэ. Кыайыылаахтарынан психология институтун 3-с кууруһун устудьуона Джулия Попова уонна физкултуура уонна спорт институтун 5-с кууруһун устудьуона Александр Васильев буоллулар.
Саҥа «Мистер ХИФУ» – Александр Васильев үөрүүтүн үллэстэр: «Кыайбыппыттан олус соһуйдум уонна үөрдүм. Маннык хабааннаах күрэхтэһиигэ бастакыбын кытынным. Сыанаҕа аан бастакыбын тыл эттим. Талаан түһүмэҕэр олус долгуйбутум, тоҕо диэтэххэ бу саамай тыҥаһыннаах күрэхтэһии этэ. Бары даҕаны талааннаах оҕолор кытыннылар, онон, этэргэ дылы, конкуренция күүстээх этэ. Иллэҥ кэммэр ансаамбылга үҥкүүлүүбүн, масс тардыһабын, хапсаҕайдыыбын. Күрэхтэһии кэннитэн социальнай ситимҥэ сиилээбит этилэр. Биир өттүнэн кириитикэни ылынан өссө үрдүккэ талаһыах санаам киирэр, оттон саҥарбыт эрэ киһи диэн саҥарар дьону өйдөөбөппүн».
«Мисс ХИФУ» – Джулия Попова: «Ситим» үҥкүү ансаамбылыгар хаһыс да сылбын дьарыктанабын, бииргэ үҥкүүлүүр оҕолорум кытын диэн көҕүлээбиттэрэ. Урут «Мисс Усть-Майский улус» аатын ылбытым уонна «Эведы Гудэипчу» диэн эбэҥки култууратын тарҕатар күрэхтэһиигэ кыттан кыайбытым. Онон маннык күрэхтэһиилэргэ кыттар уопуттаахпын. Киһи манна бэйэтин туораттан көрөн, өссө үрдүк таһымнаныан, ситииһилэниэн баҕарар. Ыарахаттар даҕаны ханна барыахтарай? Бириэмэ ыгым, устудьуон үбэ-харчыта кырыымчык, үөрэххэ мэһэйдээх… Ол эрээри, ыксаллаах кэмҥэ бириэмэни сөпкө аттарарга, харыстыырга үөрэнэбин. Диктор Сардаана Федорова сыанаҕа хайдах тутта-хапта сылдьарга үөрэппитин өйдөөн хаалбыппын. ХИФУ-га үөрэнэрбинэн киэн туттабын. Ол иһин хас биирдии күҥҥэ саҥаны арыйа, билэ-көрө, дьаныардаахтык үөрэнэргэ кыһаллабын. Үөрэхтэн соло булан, араас минньигэс ас астыыбын, оҕуруо тиһэбин. Маны таһынан, бассейнҥа сылдьабын. Инникитин сири-дойдуну көрүөхпүн, дьоммор, дойдубар наадалаах исписэлиис буолуохпун баҕарабын», – диэн кэпсиир.
Джулияҕа үрүҥ көмүс хоруона, оттон Александрга үрүҥ көмүс кур уонна университет аатыттан iPhone 6S Plus төлөпүөннэри туттартаатылар.
Күрэхтэһии биир ый кэриҥэ хас даҕаны түһүмэҕинэн ыытылынна: бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, талааннарын көрдөрдүлэр, ГТО нормативтарын туттардылар, «Мин университетым» диэн инттеллектуальнай куонкуруска кытыннылар. Маны таһынан күрэхтэһээччилэр интэриэһинэй дьону кытта көрсөн кэпсэттилэр, маастар-кылаастарга үөрэннилэр.
Күрэхтэһииттэн киирбит үп-харчы профессордар сквердэрин тутуутугар барыаҕа.
Айтана АММОСОВА