Киин куорат үүнэр-сайдар, кэҥиир. Урукку сайылыктар оннуларыгар бүтүн микро-оройуоннар үөскээтилэр.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.
Дьокуускайга Дьиэни тутар комбинаттан (ДСК) салгыы бардахха, Сэргэлээх күөлүн уҥуор Уйбаан Арбита аатынан уулуссалаах, Озернай, Хоринскай, Кушнаревскай, Ямской диэн переулоктардаах улахан түөлбэ баар буолла. Түөлбэ олохтоохторо куорат киинигэр үлэлэригэр, оҕолор оскуоларыгар кэлэллэригэр ДСК таһынааҕы “Экономнай” диэн тохтобултан оптуобустаналлар. Кыһын күөлү мууһунан быһа туорууллар, оттон сайын күөлү эргийэ сылдьарга тиийэллэр.
Мотрена Степановна Борисова, түөлбэ олохтооҕо:
— Ордук кыра оҕолор, кырдьаҕастар эрэйдэнэбит. Ардах түстэҕинэ, бадараанынан хаамар сыанан аҕаабат. Ити иһин көҕүлүүр бөлөх тэринэммит, 60-ча миэтэрэ усталаах кыра муоста тутары туруорсан Автодорожнай уокурук дьаһалтатыгар хаста да сурук түһэрбиппит. Ону, үп суоҕунан кыаллыбат дииллэр.
Түөлбэ ыаллара сүрдээх түмсүүлээхтэр. Ааспыт өттүгэр туруорсан дьоҕус маҕаһыыны астарбыттара, саас ахсын кыһын мунньуллубут бөх тиэйиллэрин хонтуруоллууллар. Биир туруорсуулара, уу холуонкатын тутуу, куорат дьаһалтатын чугастааҕы былааныгар киирдэ. Аны Сайсары күөлүн туоруур дьоҕус муоста тутулларын кэтэһэллэр.
Хаартыскаҕа Мотрена Борисова түһэриитигэр: Сэргэлээх күөлүгэр муоста манан тутуллуохтаах.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.