Сергей Собянин Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ

Бөлөххө киир:

Москва куорат аҕа баһылыга Сергей Собянин Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уонна Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 390 сылынан Ил Дархан Айсен Николаевы уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

Кини бу улахан суолталаах историческай сабыытыйалар Саха сирэ үйэлэргэ сайда турарыгар уонна Арассыыйа судаарыстыбата бөҕөргүүрүгэр, Сибиир, Уһук Илин киэҥ нэлэмэн сирдэрин баһылыырга улахан оруоллаах буолбуттарын бэлиэтээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – дойдуга саамай улахан уонна сөҕүмэр сир баайдаах, дойду сайдыытыгар суолталаах эрэгийиэн эрэ буолбакка, баай култууралаах, үлэһит, күүстээх санаалаах дьонноох-сэргэлээх, аатырбыт Олоҥхо дойдута буолар. Олоҥхо диэн аан дойдуга биир ураты, улуу эпос буоллаҕа. Саха сирин уонна Москва куораты үтүө түмүктэрдээх бииргэ үлэлэһии, истиҥ доҕордоһуу ситимниир. Онон биһиги сыһыаммыт салгыы да сайда, кэҥии, икки өттүттэн саҥа бырайыактарынан байа туруоҕар эрэнэбин. Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо урукку историяларынан киэн тутталлар, билиҥҥи кэми айаллар-туталлар уонна инникилэрин диэки эрэллээхтик көрөллөр, — диэн Сергей Собянин эҕэрдэ суругар этиллэр.

Дойду киин куоратын аҕа баһылыга истиҥник эҕэрдэлээн туран, Ил Дархаҥҥа уонна Саха сирин бары олохтоохторугар этэҥҥэ буолууну, таһаарыылаах үлэни-хамнаһы, кытаанах доруобуйаны баҕарда.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru, rg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0