Сергей Соболев байыаннай эпэрээссийэ туһунан санаатын эттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ДОСААФ Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Соболев Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэ туһунан санаатын үллэһиннэ.

Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа сэриини биллэрбиттэрин кэриэтэ, Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэ онуоха эппиэт буолла диэн ДОСААФ бэрэссэдээтэлэ Сергей Соболев этэр.

«Анал байыаннай эпэрээссийэ уустуктук ааһа турар, биһиги дойдубут утары үһүс аан дойдутааҕы сэрии буола турар даҕаны диэххэ сөп. Ол эрээри биһиги кырдьык иһин киирсэбит», — диир Сергей Соболев.

Кини этэринэн, байыаннай мөккүөрдэр өрүү бааллара. Биһиги аармыйабыт элбэххэ үөрэммитэ, бэлэм уонна кыайыылаах тахсарыгар ДОСААФ бэрэссэдэтэлэ эрэнэр.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0