Сергей Сивцев Кэбээйигэ күн тоҕо «сүппүтүн» быһаарда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ экология, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев Тааттаҕа уонна Уус Алдаҥҥа улахан баһаардар баалларын иһитиннэрдэ.

Кэбээйигэ, Ньурбаҕа уонна Бүлүүгэ ойуур баһаарын хойуу буруотуттан күнүс хараҥара сылдьыбытын бэлиэтээтэ.

Билигин сүрүн  болҕомто 9 баһаар буола турар Кэбээйи улууһугар ууруллар.  Онтон 5 ойуур баһаара Сииттэ нэһилиэгин сиригэр-уотугар, биирдии баһаар — Лүксүгүн, Сангаар, Кэбээйи уонна Кальвица нэһилиэктэригэр. Онон бу улуустартан кэлэр хойуу буруо Дьокуускайга бээтинсэҕэ диэри туруоҕа. Уопсайа 15864,3 га сир умайар.  Баһаарга билиҥҥи туругунан 283 киһи уонна 26 тиэхиньикэ үлэлиир , — диэн Саха сирин кылаабынай  лесничэйэ иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0