СӨ экология, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев Тааттаҕа уонна Уус Алдаҥҥа улахан баһаардар баалларын иһитиннэрдэ.
Кэбээйигэ, Ньурбаҕа уонна Бүлүүгэ ойуур баһаарын хойуу буруотуттан күнүс хараҥара сылдьыбытын бэлиэтээтэ.
— Билигин сүрүн болҕомто 9 баһаар буола турар Кэбээйи улууһугар ууруллар. Онтон 5 ойуур баһаара Сииттэ нэһилиэгин сиригэр-уотугар, биирдии баһаар — Лүксүгүн, Сангаар, Кэбээйи уонна Кальвица нэһилиэктэригэр. Онон бу улуустартан кэлэр хойуу буруо Дьокуускайга бээтинсэҕэ диэри туруоҕа. Уопсайа 15864,3 га сир умайар. Баһаарга билиҥҥи туругунан 283 киһи уонна 26 тиэхиньикэ үлэлиир , — диэн Саха сирин кылаабынай лесничэйэ иһитиннэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru