Сергей Расторгуев: Циркэлэр хааччахтааһын эрэсиимиттэн таҕыстахтарына эрэ табыллар
Аан дойдуга коронавирус (COVID-19) инфекцията тарҕаныыта олох хайа баҕарар эйгэтигэр ыарахаттары үөскэтэр. Онтон култуура, искусство үлэһиттэрэ, биллэн турар, биир бастакынан улахан охсууну ылаллар. Гостуруоллар буолбаттар, урукку курдук элбэх көрөөччүнү түмэр кэнсиэрдэр, араас тэрээһиннэр ыытыллыбаттар…
edersaas.ru
Маннык уустук балаһыанньаҕа култуура судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин итиэннэ судаарыстыбаннайа суох цирковой кэлэктииптэри өйүүр сыаллаах этиилэри түмүүгэ туһуламмыт РФ Култууратын министиэристибэтин ыам ыйын 27 күнүнээҕи бирикээһинэн, “Росгосцирк” ФКП оробуочай хамыыһыйата тэриллибитэ.
Хамыыһыйа үлэтэ, бу салааҕа үөскээбит сүрүн кыһалҕалары быһаарыыга, ол иһигэр, култуура эйгэтин тэрилтэлэрэ хааччахтааһын эрэсиимиттэн, култуурунай-маассабай тэрээһиннэри ыытыыны бобууттан бииргэ, түмсүүлээхтик, саамай табыгастаахтык хайдах тахсар суолларын тобулууга туһуланар.
Бу оробуочай хамыыһыйа састаабыгар циркэ инсдустриятын аптарытыаттаах бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Ол курдук, РФ Култууратын министиэристибэтиттэн, “Росгосцирк” ФКП-н генеральнай дириэктэр В.Л. Шемякин, Арассыыйа Цирковой диэйэтэллэрин сойууһуттан бэрэссэдээтэл Е.Э. Биляуэр, Москватааҕы Цветной бульварга циркэттэн генеральнай дириэктэр, уус-уран салайааччы М.Ю. Никулин, Москватааҕы судаарыстыбаннай Вернадскай проспегар Улахан циркэттэн генеральнай дириэктэр Э.В.Запашнай, «Росгосцирк» ФКП циркэлэриттэн (Нижнэй Тагил, Екатеринбург, Сочи), эрэгийиэннэртэн (Хабаровскай, Бурятия, Удмуртия, Казань о.д.а.) циркэ дириэктэрдэрэ, оттон биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннай циркэтиттэн дириэктэр, уус-уран салайааччы Сергей Расторгуев, уо.д.а. циркэ биллиилээх диэйэтэллэрэ хамыыһыйаҕа киирэн үлэлээтилэр.
ПАНДЕМИЯ КЭМИГЭР…
От ыйын 7 күнүгэр ZOOM-кэмпириэнсийэ форматынан оробуочай хамыыһыйа бастакы онлайн-сүбэ мунньаҕа ыытыллыбыта.
Онлайн-мунньахха Арассыыйа циркэлэрин үлэлэрин, бары санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан, сөргүтүү, култуураҕа бүрүүкээн эрэр кириисиһи туорааһын, циркэлэр салгыы көдьүүстээх үлэлэрин ситиһии, о.д.а. ордук сытыы боппуруостар дьүүллэһилиннилэр.
Сергей РАСТОРГУЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа:
– Мин бу онлайн-мунньахха этиибэр, пандемия кэмигэр биһиги циркэбит онлайн-эрэсииминэн салгыы хайдах үлэлии турарын кэпсээтим. Ол курдук, циркэ артыыстара бөлөхтөрүнэн көхтөөхтүк эрэпэтииссийэлииллэр, худсовет үлэлиир – саҥа былааннар, бырайыактар дьүүллэһиллэллэр. Биһиги үгүс ахсааннаах онлайн-бырайыактарга, челленджтэргэ кытынныбыт, Instagram социальнай ситимҥэ циркэ официальнай аккаунугар бэйэбит циркэ тиэмэлэригэр, тиэрминнэригэр араас оонньуулары, куонкурустары, викториналары, логическай оонньуулары ыыттыбыт. Бырааһынньыктардааҕы тэрээһиннэргэ кытынныбыт: өрөспүүбүлүкэ искусствотын маастардарын видеокэнсиэрдэригэр, маайдааҕы онлайн-демонстрацияҕа, “Өлбөт үйэлээх полк” онлайн-хаамсыыга. Былаан быһыытынан уонна өйдөбүнньүк дааталарга аналлаах фото-видеоматырыйааллар тиһигин быспакка киэҥ эйгэҕэ тахсаллар, ол иһигэр циркэ архыыбыттан видео-кэнсиэртэр ыытыллаллар.
Циркэлэр үлэлэрин былааныгар мин, Уһук Илин эргимтэтигэр (Иркутскай, Улан-Удэ, Чита, Владивосток, Хабаровскай, Дьокуускай) «цирковой конвейер» көрүҥүнэн гостуруоллары тэрийии наадатын туһунан этии киллэрдим. Бу Арассыыйа национальнай циркэлэригэр – Бурятия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Казань судаарыстыбаннай циркэлэригэр, биллэн турар, улахан өйөбүл буолуох этэ. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга уонна бэрэспэктиибэҕэ 2035 сылга диэри Уһук Илини сайыннарыы Национальнай бырагырааматын оҥорон бигэргэтэргэ сорудахтаабытын санаттым.
Бу, билигин Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр киллэриллибит бырагыраама биир инники күөҥҥэ тутуллар хайысхатынан култуура эйгэтин сайыннарыы – култуура эбийиэктэрин тутуу, гостуруоллары, выездной тэрээһиннэри субсидиялааһын, бэстибээллэри ыытыы, гостуруолларынан атастаһыы, киэҥ далааһыннаах айар бырайыактары олоххо киллэрии буолар.
Уһук Илин сайтыгар элбэх этиини Саха сирин олохтоохторо киллэрдилэр. Биһигини, Уһук Илиҥҥи Федеральнай Уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын национальнай бырагырааматын оҥорууга РФ Госсоветын оробуочай бөлөҕүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа баһылыга Айсен Сергеевич Николаев салайара үөрдэрин бэлиэтээн туран, түмүккэ, миигин РФ Култууратын министиэристибэтин уонна “Росгосцирк” ФКП оробуочай хамыыһыйатын састаабыгар киллэрбиттэригэр махталбын биллэрдим, аан дойдуну аймаабыт вируһу утарсыыга бука бары баррикада биир өттүгэр турабыт. Күүстээх санаалаах, түмсүүлээх буолуоҕуҥ, диэн баҕа санаабын тиэртим.
“КЫЫЛЛАРТАН АККААСТАНАР БАКАА ЭРДЭ…”
Ити курдук, Арассыыйа цирковой уопсастыбата устуоруйаҕа аан бастаан маннык улахан суолталаах соруктары толорууга түмсүүлээҕин көрдөрдө. Култуура уонна циркэ искусствотын биллиилээх диэйэтэллэрэ санааларын эттилэр. Оробуочай бөлөх кыттыылаахтара, өскөтүн циркэлэр быйыл күһүн үлэлэригэр төннүбэтэхтэринэ, туох-туох түмүктэрдээх буоларын ким да этэр кыаҕа суох… Арассыыйа циркэлэрин кыһалҕаларын, уустук балаһыанньаларын быһаарарга дьулуһар бөлөх үлэтэ салҕанар.
Оттон мин Сергей Васильевичка, кини былырыын Канадаҕа анаан-минээн Дю Солей циркэтин («Цирк Солнца» – аан дойдуга биир бастакынан кыыла суох үлэлиир, этичнэй циркэ буоларынан уратылаах) көрө, билсэ бара сылдьыбытын билэр буолан, “кыыла суох циркэ” диэн боппуруоска (зоозащитниктар кыһамньыларынан билигин 45 судаарыстыба циркэтэ кыыла суох, биитэр аҕыйах дьиэ кыылын эрэ кытыннаран, үлэлиир) хайдах сыһыаннаһарын истээри уонна Саха циркэтин инникитин туһунан, кэккэ ыйытыылары биэрдим.
– Дю Солей циркэтигэр Канадаҕа, Монреальга, хата, бу пандемия саҕаланыан иннинэ тиийэн, көрөн кэлбитим. Мин тиийиэм аҕыйах хонук иннинэ биир саҥа испэктээги оҥорон таhаарбыттар этэ, ону көрдөрбүттэрэ. 90-с сыллартан саҕалаан тутан оҥорбуттар – хас даҕаны улахан саалаларын көрдөрбүттэрэ. Тэхэньиичэскэй өттүн барытын учуоттаан туппуттар. Тугу даҕаны хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэри көҥүллээбэттэр. Чааhынай Дю Солей циркэ аттыгар баар судаарыстыбаннай муниципальнай циркэ оскуолатын эмиэ көрбүтүм. Манна оҕолору кыра саастарыттан үөрэппэттэр эбит. Улахаттары эрэ үөрэтэллэр. Ол иhин, интэриэһим сүппүтэ…
Онтон, Кытай оскуолатыгар үчүгэй альтернатива баара буолуо диэммин бара сылдьыбытым, кэпсэппитим, көрбүтүм-истибитим. Булбакка кэлбитим… Бырайыас да, үөрэтэр усулуобуйалара да ыарахаттардаах. Ол эрээри, бииргэ үлэлэhиэххэ сөп диэн кэпсэтэн кэлбитим.
Циркэ уонна кыыл туһунан… Нуучча, сэбиэскэй циркэтэ араас кыыллары дрессуратынан аатырбыт оскуола буолар. Көрөөччүлэр, үксэ оҕолор, араас кыыллары көрүөхтэрин баҕараллар буоллаҕа дии.
Ол иhин, элбэх араас кыыллардаах бырагыраама Арассыыйаҕа да, омук сирдэригэр да буоллун, ситиhиилээхтик сылдьар. Онон кыыллартан аккаастанар бакаа өссө эрдэ дии саныыбын.
Биhиги циркэбитигэр билигин сылгылар, табалар, хара саhыллар, кырсалар, хаски ыттар, пудельлэр, холууптар, павлин, попугайдар, эриэн үөннэр уонна пони бааллар.
Бары этэҥҥэ, пандемия да кэмигэр, үчүгэйдик көрүллэн тураллар…
Ыттары түүн аайы таһырдьа үрбэтиннэр диэн, циркэҕэ киллэрэбит. Олбуорбутун, циркэбит таһын хомуйа-ньимийэ сылдьабыт. Фасад өттүн сыл аайы бэйэбит өлөрбүт харчыбытынан кырааскалыыбыт, өрөмүөннүүбүт.
Искибиэри куорат хаhаайыстыбата көрүөхтээх этэ да, бэйэбит, Киин уокуругу кытта сибэкки олордон, көрө-истэ сатыыбыт.
ИННИКИБИТ – ИККИС УОЧАРАТЫ ТУТУУ!
– Циркэбит инникитин туһунан эттэххэ… Инникитин, аан дойдуга саамай хотугу, ирбэт тоҥноох сиргэ тутуллубут циркэбит ситэри тутуллуон, аныгылыы, саҥа технологияларга эппиэттэһэр буолуон баҕарабыт. Владивосток, Хабаровскай циркэлэриттэн туох да итэҕэһэ суох буолуохтаах этэ. Ону ааhан, ураты, үрдүк профессиональнай таhымнаах национальнай труппалаах, өссө тупсаҕай, кыраhыабай көстүүлээх, уотунан-күөһүнэн баай, букатын күлүмүрдүү турар буолуохтаах этэ, биһиги Саха Бриллиантовай циркэбит!
Саха циркэтэ чуолаан оннукка эппиэттиир дьиэлээх-уоттаах буолуохтаах.
Аан дойду циркэлэрин салайааччылара, доҕотторум, биир идэлээхтэрим бука бары 2004 сылтан быhа күүтэллэр, кэтэһэллэр, хайдах бачча 16 сыл тухары Арассыыйаҕа, аан дойдуга биллэр-көстөр, чаҕылхай саха национальнай кэлэктиибин дьиэтин-уотун, циркэтин бачча баай, кыахтаах өрөспүүбүлүкэ ситэри-хотору туппатый, диэн дьиксинэллэр-дьиибэргииллэр.
Циркэбит иккис уочаратын тутан, комплекспытын хайаан даҕаны ситэриэххэ наада! Оччоҕуна эрэ биһиги циркэбит салгыы аан дойдуга биллэр-көстөр, атын бөдөҥ циркэлэри кытта эн-мин дэһэн, тэҥҥэ кэпсэтэр кыахтанар, сыаналанар буолуоҕа! – диэн санаатын үллэһиннэ дириэктэр Сергей Расторгуев.
Саха циркэтэ инникилээх, улахан кэскиллээх. Аныгы олоххо, саҥа технологияларга дьиҥ-чахчы эппиэттиир, Сахабыт сирин, норуотун ситиһиитин аан дойдуга ханна баҕарар дьоһуннаахтык көрдөрөр аналлаах.
Сүрүн хаартыскаҕа: Сахациркэ «СемьЯ» эдэр артыыстарын бөлөҕө.
Хаартыскалар Сахацирк тиксэриитэ уонна интэриниэттэн.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru