Сергей Местников: «АЛРОСА» 3,7 миллиардаах тутууну ыытта

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 1993 сыллаахха «Үүнэр көлүөнэ фондата» диэн тэриллибитэ. Бу фонда нөҥүө номнуо 77 социальнай эбийиэк тутулунна. Ол иһигэр, фонда 2012 сылтан саҕалаан «АЛРОСА» хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсэн, барыта 3,7 млрд солкуобайдаах тутууну ыытта. Бу туһунан фонда генеральнай дириэктэрэ Сергей Местников кэпсиир.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

2012 сыллаахха кулун тутарга Саха сирин салалтата уонна «АЛРОСА» АХ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар дуогабар түһэрсибитэ. Сергей Местников бэлиэтииринэн, хампаанньа дуогабар быһыытынан сылын аайы 521 мөлүйүөнтэн кырата суох сууманы «Үүнэр көлүөнэ фондатыгар» ыытыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов «АЛРОСА» хампаанньаны кытары быһаччы кэпсэтиитинэн, бу сылга ыйыллыбыт суума сыана үрдээһинин кытта тэҥҥэ үүнэн, 700 мөл. солкуобайга тэҥнэһиэхтээх. Хампаанньа фондаҕа угар харчыта өссө эбиллиэхтээх. Билигин «АЛРОСА» ити дуогабарынан 3,7 млрд солк. сууманы фондаҕа уган, үгүс тутууну ыытта. «

2012 сылтан саҕалаан фонда нөҥүө тутууга 3,8 млрд солк. киирбитэ. Итинтэн 3,7 млрд солк. «АЛРОСА» хампаанньа укпута. Фонда тэриллиэҕиттэн, ол эбэтэр 1993 сылтан, барыта 77 эбийиэк тутуллубута. Ол иһигэр, үөрэх, наука эйгэтигэр – 40, доруобуйа харыстабылыгар – 8, култуураҕа – 15, спорка – 11 эбийиэк уонна 3 олорор дьиэ тутулунна. Оттон 2012 с. «АЛРОСА» АХ кытары дуогабар түһэрсибиппит кэннэ, 19 эбийиэк олоххо киирдэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу суума тус сыаллаах бэриллэр буолан, харчы ханна барыахтааҕа эрдэттэн дуогабарга ыйыллар. Тутуллар эбийиэктэр испииһэктэрэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларга олоҕуран, Экономика министиэристибэтин кытары оҥоһуллар. 2020 с. диэри испииһэк оҥоһуллан турар», — диэн бэлиэтиир Сергей Васильевич.
Дуогабарга аҥаардас оскуола, оҕо саада эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас, тырааныспар, доруобуйа харыстабыла, кирэдьиит, страховка тэрилтэлэрэ, о.д.а. эйгэлэр бары хабыллаллар.

Билигин тутулла турар эбийиэктэртэн ыллахха, оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитацияланар киинэ бу харчыттан салгыы тутулла сылдьар. Тутуу уопсай суумата 787,61 мөл. солк. тэҥнэһэр. Былаан быһыытынан, быйыл олоххо киириэхтээх.
Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө Наука Аччыгый академиятын үөрэнэр куорпуһун бырайыагын оҥорууга үбүлээһин көрүллүбүтэ. Тутуу уопсай суумата – 745,98 мөл. солкуобай. 2018 с. тутуута саҕаланыахтаах. Фондаттан үбүлэнэн Дьааҥы улууһугар Баатаҕайга балыыһа тутулла сылдьар. Суумата 630,33 мөл. солк. тэҥнэһэр. Былаан быһыытынан, бастакы уочарата 2018 с., иккиһэ – 2020 с. олоххо киириэхтээхтэр.
Ону сэргэ, Мирнэйгэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго социальнай-реабилитационнай киин тутуута саҕаланна. Тутуу уопсай суумата – 236,7 мөл. солк. тэҥнэһэр. 2018 с. эмиэ үлэҕэ киириэхтээх. Ньурбаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт киини саҥардыы үлэтэ бара турар. Манна анаан 33,5 мөл. солк. көрүлүннэ. Абыйга 90 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаланна. Тутуу уопсай суумата 320,65 мөл. солк. тэҥнэһэр. Ону таһынан, Дьокуускай куоракка дуобат, саахымат киинэ саҥардыллан, быйыл иккис тыынын ылан үлэлиэхтээх. Манна анаан 24,5 мөл. солк. көрүлүннэ.
Оттон тутуллубут эбийиэктэртэн ылан эттэххэ, Сунтаар улууһугар Элгээйигэ 275 миэстэлээх икки этээстээх таас оскуола, Эдьигээҥҥэ балыыһа, Горнай Бэрдьигэстээҕэр Духуобунай киин, Мирнэйгэ медицина үлэһиттэригэр 71 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллубуттара. Нерюнгрига, Чурапчыга, Дьокуускайга оҕолорго аналлаах интэринээттэр үлэҕэ киирбиттэрэ, бырайыактара оҥоһуллубута.
Тутуулары таһынан фонда араас социальнай хайысхалаах дьаһаллары ыытар. Ол курдук, былырыыҥҥыттан саҕалаан «Инники кэскилбит туһугар» диэн тус сыаллаах бырагыраама оҥоһуллан үлэлиир.

Фонда «АЛРОСА» хампаанньа эрэ үбүлээһининэн туһаммакка, араас хайысханы барытын көрөр. Сергей Васильевич этэринэн, билигин өссө граннарга үлэлэһэн, фонданы хаҥатар санаалаахтар. «Гражданскай көҕүлээһин министиэристибэтиттэн грант ылан, ресурснай киин тэрийиигэ үлэлэһэн эрэбит. Билигин биир киини Дьокуускай куоракка арыйдыбыт. Манна нэһилиэнньэ кэлэн семинарга, трениннэргэ кыттыан, босхо юридическэй консультацияны ылыан сөп. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор федеральнай фондаларын кытары үлэлэһэн эмиэ үбүлээһини ылбыппыт. Ону сэргэ «ВТБ баан» Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар оҕо былаһааккатын тутууга көмөлөспүтэ. Бу хайысхабытын өссө хаҥатар санаалаахпыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир улахан хампаанньалары кытары үлэлэһэр былааннаахпыт», — диэн бэлиэтиир түмүккэ фонда салайааччыта Сергей Местников.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0