Сергей Кривошапкин: «Дьэдьэни элбэх киһи олордуон баҕарабын»
Ийэм быйыл куоракка биһиэхэ кыстаата. Кини оҕуруотчут бэрдэ. Сайын аайы сиэннэрин минньигэс дьэдьэнинэн күһүн хойукка диэри күндүлүүр. Саас дойдутугар тахсарыгар, дьэдьэн арассаадатын куораттан атыыластыбыт. Инстаграмҥа «земляника садовая» диэн суруйбуппар, Сергей Кривошапкин социальнай ситимҥэ сирэйэ таҕыста. Кини таһаарыыларын ааҕан баран, тута Сергей Георгиевичтыын кэпсэтэргэ сананным.
Оҕуруотчут номнуо тохсус сылын дьэдьэн олордуутунан дьарыктанар, онон Саха сиригэр дьэдьэн үүнүүтүн ымпыгын-чымпыгын барытын билбит киһи диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
edersaas.ru
— Сергей Георгиевич, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга кыратык кэпсии түс эрэ.
— Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыттан төрүттээхпин. Кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ, оҕуруокка эбээм сыһыарбыта. Кини «сиэбит фруктаҕыт эбэтэр оҕуруот аһын сиэмэтин буорга сөмүйэҕитинэн батары баттаан, олордо сылдьыҥ “ диэн наар этэрэ. Кырдьык, яблоня, абрикос мастара үүнэннэр, кыстыыллар этэ. Ким яблонята саамай уһун буоларый диэн күрэхтэһэр этибит. Ол эрээри, үүнээйибитин сороҕор кутуйах сиэн кэбиһээччи, ардыгар мас хаартан быкпыт өттө тоҥон хаалааччы.
Инньэ гынан, оҕуруокка сыстаҕас буола улаатаммын, СГУ биолого-географическай факультетыгар биолог идэтин баһылаабытым. Үһүс куурустан Биология институтугар үлэлээн саҕалаабытым. Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар үлэлээбитим. Онно сылдьан, саҥа сүүрээни – хаппыыста олордуутун киллэрбиппит. Агробиостанцияҕа үлэлээн турардаахпын. Аны оччолорго эмтээх оту үүннэрии судаарыстыбаннай бырагыраамата баара. Онно эмиэ таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.
— Дьэдьэнинэн хаһааҥҥыттан дьарыктанан саҕалаатыҥ? Уонна тоҕо чопчу дьэдьэни талбыккыный?
— Урут-уруккуттан Саха сиригэр «аһары тымныы уонна уһун кыһыннаах буоламмыт, туох да кыстаабат, үчүгэйдик үүммэт» диэн өйдөбүл тарҕаммыт. Мин, баҕар, оннук буолбатаҕа буолуо, арай үчүгэйдик харайдахха, үүнээйи кыстыыра буолуо диэн санаалаах араас үүнээйилэри олордон көрдүм: яблоняны, крыжовнигы, моонньоҕону, хаптаҕаһы, үрүҥ дьордьуманы, малинаны, дьэдьэни. Ол түмүгэр, саамай тулуйуомтуо дьэдьэн буолан тахсыбыта. Бу үүнээйи ороскуоту сабар, кыратык дохуот ылыахха сөп эбит диэн, элбэҕи олордон саҕалаабытым. Арассаадаларбын Италия, Голландия, Польша курдук сирдэртэн ылабын.
— Тоҕо наһаа ыраах дойдулартан атыылаһаҕын? Ол арассаадалары аҕалар да ыарахан буолуо…
— Биллэн турар, сыаналаах. Мин, кырдьык, эн этэриҥ курдук Краснодартан дуу, Москваттан дуу ылларыам этэ. Ол эрээри, мин арассаада хаачыстыбатыгар улахан болҕомтону уурабын. Ити дойдуларга invitro ньыманан үүнээйини олордоллор. Үүнээйини кып-кыра молекулаларга арааран пробиркаҕа уган улаатыннараллар. Салгыы сабыылаах сиргэ, племенной үүнээйи курдук тутан үүннэрэллэр. Манна үлэлиир киһи дьиэтигэр оҕуруоттанара көҥүллэммэт. Ыарыыттан, араас бактыарыйалартан харыстаан, олох «ыраас” эйгэҕэ үүннэрэллэр. Салгыы бу үүнээйилэри питомниктарга үүннэрэллэр. Онон, бу арассаадалар суперэлитнай диэн наардааһыҥҥа (классификация) киирэллэр. Маннык идэтийбит институттар, питомниктар Арассыыйаҕа суохтар.
Маннык арассаадалары сөптөөхтүк олортоххо, көрөн-истэн сырыттахха, 100% астаналлар, Саха сиригэр олохсуйаллар. Бу арассаада бытыктарыттан үнүгэс ылан, бастакы репродукция арассаадатын ылабын. Итинник салгыы хас да көлүөнэ үүнээйини ылыахха сөп. Ол эрээри, дьэдьэн үүнэр уоҕун түргэнник сүтэрэр эбит.
— Оччоҕо Саха сиригэр дьэдьэни үүннэрэр чэпчэки диэн этиэххэ сөп дуо? Туох сүбэлэри этиэҥ этэй?
— Оннук. Саҥа саҕалыыр киһиэхэ үчүгэй. Ол эрээри, саҥа саҕалааччы уонна дьаарай да оҕуруотчуттар элбэх сыыһаны оҥороллор. Бастатан туран, үүнээйини сөптөөхтүк ааттыахха наада. Кыратык сыыһа ааттаатахпытына, көрөр-истэр ньымабыт тута уларыйар. Холобура, садовай дьэдьэни элбэх киһи клубника диэн ааттыыр. Клубниканы үүннэрэр олох атын. Ол онтон, сыыһа-халты туттуулар тахсаллар.
Иккиһинэн, эриэккэс үүнээйилэр олордуллар оҥхойдоругар атыылаһыллыбыт грунт кутабыт. Груҥҥа кумах, торф, күл, марганец, бурда, араас стимулятордар, уоҕурдуулар, битэмииннэр киирэллэр. Дьиҥэ, мин санаабар, оҥхойго тугу да эбэр наадата суох. Саха сирин буора да иҥэмтиэлээх эттиктэрдээх. Өҥ почвалаах буоламмыт, сылгыны, ынаҕы чэпчэкитик иитэбит дии саныыбын. Мин үүнээйилэрим тураҥнаах да тэпилииссэҕэ үүнэллэр.
Аны туран, силиһин көнөтүк олордуохха наада. Сорох дьон арассаадаларын силиһин эргитэн угаллар, атыттар сытыаран үүннэрэллэр. Айылҕаҕа үүнээйи итинник үүммэт, онон, эмсэҕэлиир. Уонна улахан кистэлэҥ суох. Саха сиригэр сөҥүү аҕыйах буолан, ууну элбэҕи кутуохха наада.
— Оччоҕо буорга тугу да куппаппыт дуо?
— Оҥхойго буолбакка, буорга бэйэтигэр сымнатар сыалтан кунус кутуохха наада. Биир сыл инниттэн уоҕурдуу оҥоробун.
— Аммаҕа тоҕо дьэдьэн хото үүнэрий?
— Амма кыраныыссатын кэнниттэн айылҕата тута уларыйарын бары көрөргүт буолуо. Бу улуус ытыктанар өрүстэриттэн элбэх үрэхтэр сүүрэллэр: Тамма, Суола, Мэндэ… Уонна олус элбэх күөллэрдээх, алаастардаах улуус. Сөҥүү элбэхтэ түһэриттэн тутулуктаах буолуон сөп.
— Дьэдьэнинэн дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо тугу этиэҥ этэй?
— Мин 2015 сылтан урбаан быһыытынан дьарыктанабын. Дьэдьэн Саха сирин ыалларыгар киэҥник тарҕаныан баҕарабын. Дьон саатар тэлгэһэ иһинэн элбэхтик үүннэрэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
— Сергей Георгиевич, кэпсээниҥ иһин махтал!
Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска — дьоруой архыыбыттан.