РФ бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччытын бастакы солбуйааччы Сергей Кириенко бу күннэргэ Мариуполь куоракка тиийэ сылдьар. Кини айанын сүрүн сыала-соруга – эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ көмө уонна гражданскай инфраструктураны чөлүгэр түһэрии боппуруостарын быһаарсыы буолар диэн “Интерфакс” суруйар.
Ыам ыйын 5 күнүгэр ДНР аҕа баһылыга Денис Пушилин иһитиннэрбитинэн, Донбасска Сергей Кириенко уонна “Биир кэлим Арассыыйа” баартыйа генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрэ Андрей Турчак үлэлии тиийбиттэр. Кинилэр Мариупольга, “Азовсталь” аттыгар, Ильич аатынан собуокка, муора пуордугар сырыттылар. Олохтоох нэһилиэнньэни кытары кэпсэтэн, туохха наадыйалларын, бастатан туран, тугу чөлүгэр түһэрэр наадатын, о.д.а. быһаарыстылар.
Бу чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ Арассыыйа эрэгийиэннэрэ көхтөөх кыттыыны ылыахтара. Донецкайга кэккэ эрэгийиэннэр дьаһалталарын бэрэстэбиитэллэрэ номнуо тиийэ сылдьыбыттар, билсэн-көрсөн барбыттар.
Кириенко дэлэгээссийэтэ салгыы Волновахскай оройуоҥҥа сылдьан, химическэй-металлургическай собуоту көрдүлэр-иһиттилэр. Бу собуот Донбасс босхоломмут сиригэр-уотугар бастакынан үлэлээн барбыта.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: yakutia-daily.ru