Сергей Иванов: «Бырааһынньык чэгиэн буолууну, табыллыыны, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли аҕаллын!»

Бөлөххө киир:

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

«АЛРОСА» хампаанньа уонна тус бэйэм ааппыттан сайыны уруйдуур Ыһыах бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Бу саха норуотун култууратын уонна духуобунай үгэстэрин түмэр ураты бырааһынньык Саха сирин таһыгар эмиэ киэҥник биллэр. Хомойуох иһин, быйыл туох баар үгэһи тутуһан бэлиэтиирбит кыаллыбата. Ол эрээри, бу үйэттэн үйэҕэ бэриллибит айылҕа уһуктуутун айхаллыыр, инникигэ эрэллиир Ыһыах суолтатын уларыппат.

Быйылгы бырааһынньык чэгиэн буолууну, табыллыыны, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли аҕаллын! Эһиги дьиэҕитигэр эйэ, үөрүү, өйдөһүү эрэ баар буоллун!

Дьолу-соргуну, доруобуйаны, үрдүк үөрүүнү, ситиһиини баҕарабын! Уруй! Айхал!

«АЛРОСА» генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0