СЕРГЕЙ ИВАНОВ: «ОЛОХТООХ ДЬОНУ ҮЛЭНЭН ХААЧЧЫЙЫЫ – СҮРҮН СОРУКПУТ»

Бөлөххө киир:

2018 сылга алмааһы хостуур хампаанньа «Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 950 киһини үлэнэн хааччыйбыта. Ол иһигэр 30 саастарыгар диэри 384 эдэр дьон алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэҕэ киирбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ төрүт олох­тоох дьонугар үлэ миэстэтин таһаарыы биир сүрүн социальнай сорук ахсааныгар киирэр.

 edersaas.ru 

Алмаастаах хампаанньа суотугар 126 киһи стажировкаланна. Үөһээ Мууна Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээтигэр саҥа кэлбит дьону үөрэттилэр. «АЛРОСА» каадырдары бэлэмниир киинигэр Өлөөн, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Мииринэй, Ньурба улуустарыттан 90 үлэтэ суох дьон оробуочай идэҕэ үөрэннэ.

«Саха сирин олохтоохторун үлэнэн хааччыйыы – биһиги сүрүн социальнай сорукпут. Үлэ миэстэтэ таҕыстаҕына, олохтоох дьону ыҥырабыт. Ол икки төрүөтэ маннык: бастатан туран, сир баайын хостуур хам­паанньа буоларбыт быһыытынан, олохтоох дьон олоҕун таһыма аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиирин сити­һиэхтээхпит. Иккиһинэн, оробуочайдар үлэлэрэ сөбүгэр төлөнөн, кинилэр сыраларынан төрөөбүт дойдулара сайдан иһэрин, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй туруга тупсан иһэрин көрүөхтээхтэр.

Ол эрэн, олохтоох дьону үлэҕэ ыларга кэккэ кыһалҕа баар, холобур, анал идэлээх дьон тиийбэттэр, бырамыысыланнаска идэти­йии суох. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан көрдөһүөм этэ, уһук кытыы нэһилиэктэргэ, тыа сиригэр олорор эдэр ыччаты идэҕэ үөрэтии хаачыстыбатын үрдэтиэххэ наада. Оччотугар алмаас хостуур салааҕа үлэлэрин чахчы кыайар, идэтийбит дьон эбиллиэ, сүүһүнэн олохтоох дьоҥҥо саҥа саҕахтар арыллыа этилэр», — диэн этэр «АЛРОСА» генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов.

Бу суолтатын өйдөөн туран, хампаанньа «Бырамыысыланнас уонна үлэһит дьон кыаҕа» диэн СӨ Нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэми­тиэт тэрийэн ыыппыт санаа атастаһыытын тэрээһинигэр кытынна. «АЛРОСА» генеральнай дириэктэрин солбу­йааччы Алексей Дьячковскай нэһилиэнньэ үпкэ-харчыга тиийиммэт буолуутун бырамыысыланнаска үлэ миэстэтин таһаарыы көмөтүнэн быһаарыахха сөбүн тоһоҕолоон эттэ.

«Алмаас хостуур хампаанньаҕа былырыын 950 олохтоох дьон үлэҕэ киирбитэ — үчүгэй көрдөрүү. «АЛРОСА» иһинэн уопуттаах үлэһиттэр саҥа кэлбит эдэр дьону үлэҕэ сыһыарар, үөрэтэр бырагыраамалара баар. Ити тосхол көмөтүнэн саҥа үлэһиттэр миэстэлэрин булан, манна хаалан идэтийэр кыахтаахтар. «АЛРОСА» олохтоох дьону үлэҕэ ылар уопутун бырамыысыланнас атын хампаанньалара эмиэ батыһыа этилэр», — диэн иһитиннэрдэ Алексей Дьячковскай.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0