«АЛРОСА» бэрэсидьиэнэ Сергей Иванов Мирнэйдээҕи «Интернациональнай» рудникка сырытта. Сир анныгар бара турар үлэлэри бэрэбиэркэлээтэ, ууну сүүрдэр носуостары көрдө уонна үлэһиттэри кытта куттала суох буолуу техникатын ирдэбилин туһунан кэпсэттэ.
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр, Сергей Иванов «Интернациональнай» алмаас хостонор руднигын дириэктэрин эбээһинэһин толоро сылдьар Денис Черентаевтыын рудникка үлэ хайдах бара турарын көрдүлэр. Сүрүннээн, ууну хачайдыыр носуостары тургутан көрүүгэ болҕомто уурулунна. Маны таһынан, үлэһиттэри кытта куттала суох буолуу техникатын ирдэбилин туһунан сэһэргэстилэр. «Мир» рудник үлэһиттэригэр анаан «Интернациональнай» рудникка 40 үлэ миэстэтин таһаарар буоллулар.
Мирнэй куорат «Мир» руднигар атырдьах ыйын 4 күнүгэр улахан техногеннай саахал тахсыбыта. Рудникка үлэлии сылдьыбыт аҕыс киһи көстө илик. Билигин «АЛРОСА» рудниктарыгар улахан бэрэбиэркэ бара турар.
Сир аннынааҕы «Интернациональнай» рудник Мирнэй куораттан 16 км ыраах турар. Рудникка үлэ 1999 сыллаахха саҕаламмыта. Бу сир элбэх алмаас үөскээһиннээх диэн сабаҕалыыллар. 2033 сылга диэри алмаас хостооһунун үлэтэ бара туруоҕа.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru