Сэргэх Сэргиэйэп

12.09.2018
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 10 күнүттэн “Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэтэ 55-с айар дьылын саҕалаата. Бу сыллар тухары бииргэ алтыһан, эн-мин дэһэн, ардыгар мөккүһэн, үксүгэр эйэргэһэн, сүбэ-соргу буолан кэлбит эрэллээх көрөөччүтүгэр саха тэлэбиидэнньэтэ быйыл тугу бэлэмнээтэ?

Кэпсиир биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – ыытааччы, суруналыыс, Саха тэлэбиидэнньэтин  дириэктэрэ, кылаабынай эрэдээктэрэ Михаил СЕРГЕЕВ.

Микрофоннаах, камералаах дьону сэргээн…

— Михаил, бастатан туран, баһаалыста, бэйэҕин кыратык билиһиннэрэ түс эрэ. Экэнэмиис үөрэхтээх киһи, тэлэбиидэнньэҕэ хайдах кэлбиккиний?

— Дойдубар, Үөһээ Бүлүү 2 №-дээх, билигин Марк Трофимович Егоров аатын сүгэр оскуола алын сүһүөх кылаастарыгар үөрэнэ сырыттахпына, Музыкальнай оскуола – Оҕо эстетическэй киинэ аһыллыбыта. Онно элбэх хайысхалаах эстетическэй кылааска биһигини күннэтэ үҥкүүгэ, ырыаҕа, фортепианоҕа, уруһуйга, фольклорга үөрэтэллэрэ. 1990 сыллаахха бу дьиэҕэ, 3-с этээскэ, улууспутугар аан бастакы телеустуудьуйа аһыллыбыта. Бу биһиги олохпутугар олох саҥа сүүрээн этэ. Онно дьэ, микрофон, камера туппутунан киирэр-тахсар, эфиргэ бэлэмнэнэр  дьону биһиги, оҕолор, дьарыкпыт кэнниттэн анаан-минээн тиийэн, олус сэҥээрэн көрөрбүт. Ордук элбэхтик мин, киирэр ааны санныбынан өйөөн,  уһуннук көрөн турар быһыылааҕым – биирдэ,  олохтоохтор ытыктаан “Үөһээ Бүлүү Левитана”,  диэн сүрэхтээбит киһилэрэ Гордей Семенов миигин устуудьуйаҕа ыҥыран киллэрэн,  барытын көрдөрдө, кэпсии-кэпсии, быһаарда. Ол, аан бастаан дьиҥнээх микрофону, камераны тутан-хабан көрбүт  бэлиэ түгэммин  олох умнубаппын.  Инники айар үлэбэр  ити чахчы дьайбыт буолуохтаах дии саныыбын. Үрдүкү кылаастарга учууталым Любовь Васильевна Гольдерова “Сыккыс” диэн пресс-киинигэр, устудьуоннуур сылларбар “Сэргэлээх” устуудьуйаҕа дьарыктаммытым. Онон, кэтэхтэн үөрэххэ көһөн бараммын, аан бастаан үлэлии кэлбит сирим – устуудьуйа, саха тэлэбиидэнньэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи “Хотун Бүлүү” филиала.

“Ааспыт ааспат амтана” өссө да ааспат

— Быйыл, 55-с үбүлүөйдээх дьылга, дьэ, көрөөччүгэ тугу бэлэмнээтигит, туох саҥа сүүрээни киллэрэн эрэҕит?

— Биһиги, дьиҥэр, саҥаттан-саҥаҕа соччо олус охтубаппыт… Тоҕо диэтэххэ, дьон, сүрүннээн, саҥаны ылына охсоро уустук соҕус. Ону өйдүүбүт. Ол иһин, көрөөччү ордук тугу сэҥээрэринэн сирдэтинэбит, ол биэриилэри чочуйан, тупсаран биэрэбит. Бырагыраамабытын, нэһилиэнньэҕэ анкета толотторон, кинилэр санааларын үөрэтэн, оҥоробут. Билигин биһиэхэ «кинобум» буола турар дии, онон, көрөөччү олус сөбүлүүр “Ыаллыылар” сериалбытын хатылаатыбыт. Балаҕан ыйын 10-тан саҕаланна. Салҕыы  “Ыллыктар” сериал кэлиэҕэ. “Ааспыт ааспат амтана” сериал дьон сэҥээриитин бэркэ ылла. Быйыл оннооҕор, олус түргэнник бүтэр диэннэр, дьон көрдөһүүтүн ылынан, сериалбытын 25 мүнүүтэттэн 38-ка диэри уһатан биэрдибит. Уопсайа 24 сиэрийэлээх буолуоҕа. Бу туһунан кэлин сиһилии иһитиннэриэхпит. “Аал Луук Мас” – култуура, духуобунас, литература боппуруостарын көрөөччү кэтэһэр. Өрөбүл күн — “Саха итэҕэлэ”.

Белоусов, Сардаана уонна Сайа

Суруналыыс Георгий Белоусов ыытар “Ис сүрэхтэн” биэриитин дьон олус сөбүлүүр. Онон, көрөөччү эмиэ олус истиҥник ылынар, сөбүлүүр, кэтэһэр, сэҥээрэр “Сардаана” уонна “Сайа этиим” биэриилэри быйыл “Сэһэн сирэ” диэн уопсай аатынан түмэн, кэҥэтэн биэрдибит. “Кэм кэрэһитэ” биэриибитин сэҥээрэллэр. Күнүскү кэмҥэ аһаҕас эфиргэ “Город женщин” —“Кэрэ кистэлэҥэ” биэриибитин эдэр ийэлэр, дьиэ хаһаайкалара, талааннаах дьон  сөбүлүүллэр.  “Кэл, олор, сэһэргэһиэх” биэриини саха Далбар хотуннара сэргээн көрөллөр. Киэһээҥҥи өттүгэр “Эр хоһуун” диэн эр дьоҥҥо аналлаах биэрии барыаҕа. Бу эмиэ быһа эфир: булт-алт, тутуу, дьиэ, хаһаайыстыба ис-тас үлэтэ, сатабыллаах араас сүбэлэр. Итиэннэ, киэһээ “Продвижение” биэриилээхпит. Бу манна – барыта массыына, тиэхиньикэ туһунан. Итиэннэ “Один из нас”, “Сэргээ”, “Туһаан”, о.д.а., ыччаттарга аналлаах, спорт, муусука, оҕолорго аналлаах биэриилэрбит, бырагыраамаларбыт аудиторияны хомуйаллар. Итиэннэ көрөөччүлэргэ “Мамонт” телеханааллаахпытын санатыам этэ. Бу ханаалга күнүстэри-түүннэри спорт, сахалыы муусука, сахалыы киинэлэр көстөллөр. Хайыы-үйэ бу ханаалы сэҥээрэн көрөр дьон аҕыйаҕа суохтар. Сотору кэминэн, спорт тэрээһиннэрэ быһа эфиргэ тахсалларын бу ханаалга элбэтиэхпит.

Сахалыы саҥарар Маша

— Кырачааннарбытын быйыл өссө тугунан үөрдэҕит?

— Өйдөөн көрбүккүт буолуо, балаҕан ыйын 10 күнүттэр оҕолорго “Биһикчээн” биэриибит буолар кэмин сыҕарытан биэрдибит, онон билигин олус эрдэ буолбакка, киэһээ 20 ч. 15 мүнүүтэҕэ саҕаланар. Онно, биэрии иһинэн, билиҥҥи оҕо барыта сөбүлээн көрөр “Маша и Медведь” мультипликационнай сериалын сахалыы саҥартыбыт. Бу – саҕалааһын. Бу мультигы атыылаһан ыллыбыт, сахалыы тылбаастаатыбыт. Кастинг биллэрэн, 300-тэн тахса оҕо куолаһын истэн баран, 2 оҕону “озвучкаҕа” талан ыллыбыт. Онон, Маша кыыс быйыл сахалыы саҥарда.

— Сахалыы тылынан биэрии быһа холуйан хас бырыһыаны ыларый?

— Биэриибит 80-ча бырыһыана – сахалыы.

Аныгы цифровой үйэҕэ көрөөччүнү сүтэрии, куоттарыы кыһалҕата баар дуу?

Биһиги социальнай ситимҥэ сурутааччыбыт элбэх. Саайтардаахпыт. Инстаграмҥа, ютубка, одноклассниктарга, фейсбукка, вконтакте баарбыт. Биир тылынан эттэххэ, дьон ханна түөлбэлээн олорор да – онно барытыгар биһиги баарбыт! Көрөөччүлэр биһиги ханаалбыт ватсаабыгар кытта санааларын суруйуохтарын сөп.

«Хоббим — үлэм»

— Инники былааҥҥар?

— Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Билигин миэхэ саамай интэриэһинэй кэм. 16-17 сыллааҕыта мобильнай төлөпүөн даҕаны барыбытыгар баар буолбатах этэ дии! Билигин технология олус түргэн тэтиминэн сайдар. Инникибит өссө умсугутар. Ол иһин, өссө туох саҥа көрүҥ, эйгэ, хамсааһын уонна үлэ кэлэр эбит диэн миигин, суруналыыс да быһыытынан буолуо, ордук интэриэһиргэтэр, угуйар. Үйэм тухары бу эйгэҕэ үлэлиэм эбитэ дуу диэн толкуйга түспэппин эрээри, олох бэйэтэ көрдөрөн иһиэ буоллаҕа. Уопсайынан, тус бэйэм айар үлэҕэ уларыйыыны, саҥаны сөбүлүүбүн.

— Эн хоббиҥ?

— Үлэм.

Корпоративнай тыын төһө күүстээҕий?

— Олус күүстээх. Биһиги “НВК”-лар түмсүүлээхпит. Элбэх үтүө үгэстээхпит. Холобур, сыл аайы алтынньы 8 күнүгэр — Саха тэлэбиидэнньэтин күнүгэр,  биһиэхэ саҥа үлэлии кэлбит дьоммутун үөрэн-көтөн туран, “сүрэхтиибит” — телевизионщиктар кэккэлэригэр киирбиттэринэн эҕэрдэлиибит. Быйылгы бу күммүт  үбүлүөйдээх – 55-с айар дьылбыт саҕаланна, онон, уратылаах.

— Дьиэ кэргэниҥ өйүүр…

— Өйүүр уонна өйдүүр. Кэргэним Нюргуяна учуутал. Уолбут Вова 9-с кылааска үөрэнэр, улахан кыыспыт Каролина — 3-с кылаас, кыра кыыспыт Сашенька уһуйаан иитиллээччитэ. Иллэҥ кэм диэн кэмчи, ол эрээри, өрөбүлбүн дьиэ кэргэммэр аныырга кыһаллабын. Түгэнинэн туһанан, дьиэ кэргэммэр махталбын тиэрдэбин.

— Сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал!

 

 

Сэмсэ тыл

Олег МАРКОВ, “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрин I солбуйааччы, генеральнай продюсер:

—Михаил Павлович – биһиги хампаанньабыт биир саамай бүгүрү үлэһит киһитэ, саҥа көрүүлэрдээх салайааччыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини үлэтигэр саамай эрдэ кэлэр уонна саамай бүтэһик  барар. Үлэлииргэ олус баҕалаах уонна киниэхэ дьон сыстар. Креативнай өйдөөх-санаалаах, элбэх идиэйэлэрдээх. Михаил хаһан даҕаны үлэттэн аккаастаммат, “суох” диэбэт, ылсыбыт дьыалатын хайаан даҕаны тиһэҕэр тиэрдэр, санаабытын олоххо киллэрэр. Кэлэктиип кинини сөбүлүүр уонна киниэхэ итэҕэйэр.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Олоҕун олуктара 

Сергеев Михаил Павлович

1983 с. Үөһээ Бүлүү с. төрөөбүтэ.

2001 с. Үөһээ Бүлүү 2 №-х оскуолатын,

2007 с. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ  үөрэнэн бүтэрбитэ.

2004 сылтан “Саха” НКИХ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын кэрэспэдьиэнэ, “Саха” НКИХ сонуннарын кэрэспэдьиэнэ, ыытааччы, тэрийэр отдел салайааччыта, “Саҥа күн” ыытааччыта, шеф-эрэдээктэр, дириэктэри солбуйааччы.

2017 с. алтынньытыттан — “ НВК Саха” уонна “Мамонт”  телевизионнай ханааллар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ-дириэктэрэ.

Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “За оперативность и достоверность” номинациятын лауреата.

Кэргэннээх, 3 оҕолоох. Хомуска оонньуур. Сахалыы таҥнарын сөбүлүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1