Суруйааччы, тылбаасчыт Семен Феоктистов — Сэргэх Сэмэй соторутааҕыта Ростовскай уобаласка “Берега дружбы” диэн Ыччаттарга III норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия уонна поэтическай тылбаастар куонкурус-бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
Тэрээһин Неклиновскай оройуон Покровское сэлиэнньэтигэр буолбут. Бэстибээл 2015 сылтан, ыаллыы Донбасска буола турар быһыы-майгы сытыырхайбытын кэннэ формата уларыйан, билиҥҥи аатынан ыытыллар эбит.
— Бу бэстибээл 2012 сылтан ыытыллар. Норуоттан тахсыбыт хамсааһын. Сүнньүнэн энтузиастар көхтөрүнэн саҕаланан баран, билигин үс дойду суруйааччыларын хабар ураты суоллаах-иистээх тэрээһиҥҥэ кубулуйбут. Баһылыыр-көһүлүүр оруолу Ростовскай уобаласка олохсуйбут белорустар землячестволара ылар эбит, чуолаан, Леонид, Ирина Севердэр, Ольга Сафронова уо.д.а. айар-тутар дьон. Аата “молодежнай” диэн эрээри, балаһыанньа быһыытынан, настаабынньыктар категориялара диэн баар, онон сааһыттан, омугуттан тутулуга суох, ким баҕалаах бэстибээлгэ кыттыан, бэйэтин үлэтин көрдөрүөн сөп. Куонкуруска 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон кытталлар. Үс түһүмэхтээх, бастакытыгар 10 бэйэҥ хоһооҥҥун подстрочниктаах ыытаҕын. Иккис турга хардарыта тылбаас. Үһүс турга тахсыбыттар онно миэстэтигэр тиийэн финалга кытталлар.
Хомойуох иһин, үбүлэниитэ кыаллыбакка, дьарыктаабыт оҕом сатаан тиийбэтэ, мин бэйэм үппүнэн баран кэллим. Ол эрээри, бу бэстибээлгэ кыттыыбар миэхэ саамай үөрүүлээҕэ — ыыппыт үлэлэрбитин сэҥээрэн, саха поэзиятын туспа кинигэнэн таһаарбыттар, ону бэлэх ууннулар. Бэйэм да сүрүн сыалым диэн саха поэзиятын сырдатыы диэн этэ, Арбитаттан саҕалаан, аныгы биллэ илик эдэр бэйиэттэр үлэлэрин нууччалыы тылбаастаан ыыппыппыт, — диир Семен Пантелеймонович.
Онон билигин, Сэргэх Сэмэй көмөтүнэн Айсен Никитин, Ньургун Захаров, Хаарчаана Семенова диэн эдэр бэйиэттэр хоһоонноро сербохорват, белорус тылларыгар тылбаастанан тахсыбыттар.
Саха сириттэн тиийбит тылбаасчыт-суруйааччы Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэй бэстибээл түмүгүнэн тэрийээччилэр, Арассыыйа, Белоруссия, Украина суруйааччыларын түмсүүлэриттэн Махтал суруктары туппут.
Семен Пантелеймонович кэпсииринэн, “…тиийдиҥ эрэ ытыс үрдүгэр түһэҕин, Азов муоратын кытылыгар оҕо лааҕырыгар олороҕун, аһылыга, онно-манна экскурсияҕа, тэрээһиҥҥэ сылдьыы барыта босхо” эбит.
— Мин бэйэм Украина, Белоруссия, Арассыыйа бэйиэттэрин нууччалыы-сахалыы тылбаастаабытым. Быйыл уопсайа 6 дойду – Арассыыйа, Белоруссия, Босния уонна Герцеговина, Казахстан, Азербайджан кыттыбыт.Арассыыйа регионнарыттан — Саха Сириттэн Калининградка, Кавказка диэри элбэхпит. Үчүгэй тэрээһин буолла. Уопсайынан, быһыы-майгы, киэһэ — сарсыарда өттө, формальнайа суох. Сааһыттан тутулуга суох, бары бииргэ сылдьан, бэйэ бэйэни кытта билсэн, айар сибээстэри олохтуохха сөп. Ол эмиэ ситиһии буоллаҕа. Ростов, Краснодар, Брянскай, Санкт-Петербург уо.д.а. суруйааччыларын, түмсүүлэрин, издательстволарын кытта айар үлэҕэ хардарыта сибээс олохтонно, араас бэстибээллэргэ, конференцияларга ыҥырыы кэлэ турар. Ол эрээри, дьэ, ыраахпыт бэрт эбит, барытын хайдах да хабар кыах суох курдук… Уопсайынан, сахалыы — нууччалыы суруйар кыахтаах уонна баҕалаах эдэр ыччаты итинник бырайыактарга кытыннаран, иитэн-үөрэтэн таһаарарга бэйэм баҕалаах эбиппин, оннук кыах баар эбит дуу, диэн санаа киирэр.., — диэн Сэргэх Сэмэй бэйэтин бүччүм санаатын үллэстэр.
Тылбаасчыт-суруйааччы быйыл уопсайа 5-6 бырайыагы үмүрүтэн эрэрин кэпсээтэ. Ол курдук, Дмитрий Наумов кэпсээннэрин кинигэтэ нуучча тылынан бэчээккэ барбыт. Фронтовик-бэйиэт Макар Хара кинигэтэ тахсарга бэлэмнэниллибит. Тимофей Сметанин хомуурунньуга Арассыыйа Үөрэхтээһиҥҥэ академиятын бырайыагынан Санкт Петербург уонна ХИФУ тылбаасчыттарын бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр эмиэ сотору Москваҕа тахсыахтаах эбит. Семен Феоктистов манна поэзия чааһыгар тылбаасчыт уонна эрэдээктэр быһыытынан үлэлэспит.
Балаҕан ыйыгар Сэргэх Сэмэй хоһоонноро “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” эбии таһаарыытыгар бэчээттэниэхтэрэ.
Оттон сэтинньигэ кини Санкт Петербурга, биллэр-көстөр нуучча бэйиэтэ Игорь Григорьев аатынан конференцияҕа ыҥырыылаах, онно эмиэ тылбаас кинигэтэ тахсыахтаах.
— Саха тылын, поэзиятын ханна баҕарар олус сэҥээрэллэр. Онон, сибээс олохтоон, төһө кыалларынан киэҥ эйгэҕэ тахсар наада, — диир суруйааччы.
Татьяна Маркова, edersaas.ru
Ыспыраапка
Феоктистов Семен Пантелеймонович-Сэргэх Сэмэй (Дьокуускай к.)
1968 с. кулун тутар 19 күнүгэр САССР Чурапчы с. төрөөбүтэ.
2000 с. Саха госуниверситетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Идэтинэн маһы таҥастааһын уонна миэбэли оҥорон таһаарыы технолог-инженерэ. Литературанан 1990 сылтан дьарыгырар. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэрийэр Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын, айар сэминээрдэрин кыттыылааҕа.
“Оһуор тыл симэхтээх хонуубар” диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга 2012 с. күн сирин көрбүтэ.
“Поэтические голоса России” икки тыллаах кинигэ сиэрийэтин тылбаасчыта: “Стихи народных поэтов”, “Женская лира”, “Стихи поэтов Санкт-Петербурга”. Бу сиэрийэ 2013 с. Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин ылбыта.
2015 с. нуучча классикатын сахалыы тылбааһын кинигэтэ тахсыбыта.
2017 с. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Тыл уонна култуура институтун “Лингвистика, нууччалыы-сахалыы уус-уран тылбаас” идэтигэр магистратураны бүтэрбитэ.
Настаабынньык быһыытынан, эдэр тылбаасчыттары дьарыктыыр итиэннэ уус-уран тылбааска холонооччулары кытта үлэлэһэр.